Дойду үрдүнэн хас сыл аайы Россия күнэ улахан таһымнаахтык ааһар. Тиксиигэ бу күннэргэ библиотека үлэһитэ Вуталина Стручкова кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри көрөр-истэр кииҥҥэ тиийэн Арассыыйа күнүгэр анаммыт өйү-санааны сэргэхситэр элбэх таабырыннардаах тэрээһини тэрийэн ыытта.
Вуталина Стручкова киин олохтоохторугар бу бырааһынньык историятын билиһиннэрдэ. Ону таһынан кинигэ быыстапкатын туруорда, кинигэлэри билиһиннэрэн, ырытан кэпсээтэ. Кырдьаҕас дьон олус интириэһэргээн иһитилэр уонна библиотека үлэһитигэр махтаннылар. Маннык кинигэ кэпсээһинин кэннэ тустаах үлэһит аҕалтаабыт кинигэлэрин интэриэһэргээн, уларсан ааҕан сэргэхсийэллэрин эттилэр.
Тэрээһини Арассыыйа историятытыгар сыһыаннаах таабырыннары таайан уонна викторина оонньоон түмүктээбиттэр. Кырдьаҕастар ордук таабырын таайалларын, оонньуулларын олус сөбүлүүллэрин библиотека үлэһитэ ыйар.
“Кырдьаҕастары уонна инбэлииттэри көрөр-истэр кииҥҥэ бэлиэ, бырааһынньыктааҕы күннэргэ араас таһымнаах тэрээһиннэри ыытабыт. Киин социальнай үлэһитин Туйаара Никифоровалыын “Көмүс күһүн” диэн бөлөх тэрийбиппит номнуо хас да сыл буолла. Бөлөхпүтүгэр ортотунан 15 кэриҥэ киһи сылдьар, сорох ардыгар элбээн да ылабыт, сороҕор аҕыйыыбыт. Дьоммутун сэргэхситээри араас биэчэрдэри ыытабыт. Мин тус бэйэм кырдьаҕастарга литературнай хайысхаҕа сыһыаннаах интеллектуальнай оонньуулары ыытабын. Холобура, Саха сиригэр киэҥ биһирэбили ылбыт “Толкуйдаа, оонньоо, кыай” оонньууга майгыннатан, киин олохтоохторугар анаан оннук курдук оонньуулары толкуйдуубут. Инники былааммыт өссө да элбэх. 2017 сыл Экология сылынан биллэриллибитинэн сибээстээн, экологияҕа сыһыаннаах оонньуулары ыыппытым”, – диэн Стручкова кэпсиир.