Булуҥ улууһун Таймылыырыгар нэһилиэнньэҕэ анаан баанньык туталлар

262

Таймылыырга быйыл икки чааһынай дьиэ тутулла турар. Хаһаайыттар күһүн малааһынныыр былааннаах, үлэ үгэнигэр сылдьаллар. Тутуу хайысхатыгар өссө биир үөрүүлээх сонунунан нэһилиэк баанньыгын тутуута буолар. Үлэҕэ киллэрэр санаалаахтар.


Икки кыра оҕолоох Тамара, Владимир Павловтар диэн эдэр ыал биирдиилээн дьиэни тутуу бырагырааматынан 2013 сылтан тутууларын саҕалаабыттара. Күһүн саҥа дьиэлэригэр киирэр былааннаахтар. Хоту дойдуга, ыарахан суоллаах-иистээх сиргэ, олохтоох дьаһалта дьон туһугар олус кыһаллар. Эдэр баһылык Афанасий Андросовка Павловтар махталлара улахан.

Иккис олорор дьиэни олохтоох дьаһалта бэйэтин күүһүнэн тыыл, үлэ ветераннарыгар Павлов Федор Егорович уонна Григорьева Пелагея Васильевна дьиэ кэргэннэригэр анаан тутта. Сотору кэминэн күлүүс туттарыллыахтаах.

Үһүс тутуу социальнай обьект буолар. Нэһилиэк баанньыгын дьиэтэ былырыын сыбаайата түспүтэ. Билигин биэс киһилээх биригээдэ үлэлиир. Артур Владимирович Скрыбыкин, Александр Анатольевич Прибылых, Борис Борисович Алексеев, Александр Андреевич Черемисин, Владимир Аркадьевич Варламов туталлар. Тутуу матырыйаала куораттан тиэллэн кэлбит.

Сайыҥҥы кэмҥэ тутан бүтэрэн, үлэҕэ киллэрэбит диэн үлэлии-хамныы сылдьаллар. Биригэдьиир түргэн туттуулаах тутааччы уолаттарынан астынар.