Үөдүгэй нэһилиэгин килбэйэр киинигэр саҥа, иһиттэн-таһыттан тупсаҕай көрүҥнээх, сахалыы тыыннаах, киһи кулгааҕын манньытар “Чыычаах” маҕаһыын аанын тэлэччи арыйда. Маҕаһыын хаһаайкатынан Маргарита Герасимова (Кашлакова) буолар. Кини өр кэм “Рита” маҕаһыыны үлэлэтэн кэллэ. Саҥа маҕаһыыҥҥа бородуукта уонна хаһаайыстыбаннай табаардар атыыланаллар.
“Чыычаах” маҕаһыын арыллар сиэригэр-туомугар ытык киһибит Кирилл Никонович Никифоров кыттыыны ылла. Кини маҕаһыын элбэх атыылаһааччылаах, уйгулаах-быйаҥнаах буоларын туһугар алгыс ыытта, сири-уоту алаадьынан, кымыһынан күндүлээтэ. Маргарита Васильевна хас биирдии ыалдьыты үөрэ-көтө көрүстэ, ону кытта маҕаһыын аттыгар олорор элбэх оҕолоох ыалларга, эрэллээх атыылаһааччыларыгар сэмэй бэлэхтэри туттартаата.
Дьокуускай куораттан Николай Николаев прорабтаах тутааччылар кэлэн, маҕаһыыны кылгас кэм иһигэр дьэндэттилэр. Инники аан тимиринэн киэргэлин Дүллүкүттэн төрүттээх тимир ууһа Николай Михайлов оҥорбута.
Салгыы Маргарита Васильевна санаатын үллэстэр: «Мин үөрүүбүн кэлэн үллэстибиттэргэ муҥура суох махтанабын. Аҕам, Үөдүгэй нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо Василий Тарасович Кашлаков таптал аатынан маҕаһыыммын “Чыычаах” диэн ааттаатым. Манан мин күндү киһибин ахтарбын-суохтуурбун бэлиэтиибин уонна кинини үйэтиттим. Үөдүгэйим тупсарын туһугар сахалыы дууһалаах маҕаһыын туттум, биир дойдулаахтарым миигин кытта тэҥҥэ үөрэллэрэ буолуо диэн эрэнэбин».