Бэс ыйын эргэтигэр доруобуйа харыстабылын миниистирэ М.Е. Охлопков Муома улууһугар тиийэ сырытта. Кини олохтоохтору кытта көрүстэ, балыыһа үлэтин-хамнаһын, материальнай-техническэй база, эмтиир тэриллэр туруктарын көрдө, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ. Дьону долгутар ыйытыыларга чуолкай, чопчу хоруйдары биэрдэ. Хас да ыарыһах быһаарыллыбатах боппуруостарын тус бэйэтин хонтуруолугар ылла.
Н.М. Черемкин саҥа балыыһа тутулларын туруоруста. В.Н. Слепцова кэнники кэмҥэ кылаабынай быраастар сотору-сотору уларыйалларын, тоҕо маннык буоларын токкоолосто. И.А. Старков эмкэ барар айан ороскуотун балыыһа толуйарын-толуйбатын ыйыталаста. Онуоха миниистир Михаил Охлопков чэпчэтиилээх категорияҕа киирсэр дьону быраастар комиссиялара быһаарар диэн хоруйдаата. Соболоохтон кэлэ сылдьар М.М. Петрова куораттан кэлэр быраастар тоҕо саамай сырыы суох кэмигэр кэлэн, Хонууга эрэ көрөн баралларын ыйыталаста. Михаил Егорович хоруйа маннык буолла: “Доруобуйа харыстабылын министерствотын бирикээһэ тахсан турар. Оройуоннарга барар быраастар графиктарын оройуон кылаабынай бырааһа чопчу ханнык ыйга, ханнык специалистары ыҥыртарарын киллэрэрн туран, бэйэтэ быһаарар. Бу сыл IV кыбаарталыгар онколог быраас кэлэрэ сабаҕаланар, онон куораттан кэлэр быраастары министерство ыытар диэн дьону бутуйумаҥ”.
В.А. Никулина эмчиттэри наҕараадаҕа түһэрэр туһунан ыйытыытыгар, “Өскөтүн эмчиттэргитин туох эмит аакка-суолга, наҕараадаҕа түһэриэххитин баҕарар буоллаххытына, биһиэхэ министерствоҕа кини туһунан сурук түһэриэххитин сөп. Биһиги үксүн аккаастаабаппыт, утары барабыт. Үлэһит киһи үлэтэ сыаналаныахтаах, үчүгэй үлэһит хайҕаныахтаах, оччоҕо эрэ таһыма үрдүүр», – диэтэ миниистир.
З.М. Винокурова кадрынан хааччыллыыга ыарахаттар тустарынан ыйытыытыгар, “Бэйэҕит выпускниктаргытын кытта үлэлэһиҥ. Оройуоҥҥа кэлэр тус сыаллаах миэстэнэн студент босхо үөрэнэр, өссө кылаабынай быраас сөбүлэҥинэн эбии стипендия төлөнүөн сөп. Хоту кэлиэхтэрин баҕарбаттар, саҥа үлэлии кэлбит бырааска квартира атыылаһар түгэнигэр дьиэтин 50 % төлөһөбүт диирбит да үрдүнэн, хоту барбаттар», — диэтэ салайааччы.
Д.Е. Хабарова “Харах балыыһатыгар баран 21 хонук уочараттаан баран үүрүллэн кэллим” диир. “Куоракка эмкэ барар ыарыһахтар мээнэ ускул-тэскил сылдьыбаттарын туһугар ыарыһаҕы арыаллыыр дьоҥҥо аналлаах Киин үлэлиир. Офтальмологическай (харах) балыыһатыгар барарга “Горячая линия” нөҥүө билсэн баран тиийиэхтэрин сөп. Ону таһынан Биир кэлим киин диэн эмиэ үлэлиир», — диэн үлэ хаамыытын Охлопков быһаарда.
Ити курдук миниистир элбэх киһи санаатын атастаста.
Михаил Егорович буолаары турар уларыта тутуулары билиһиннэрдэ:
– Балыыһа уопсай туруга куһаҕан, кыһын тымныы диэн үҥсэргииллэр. Саҥа балыыһа тутуута 2018-2019 с.с. күүтүллүбэт, 2020 с. кэнниттэн тутуллуо. Онон, баар балыыһаҕытын үчүгэйдик тутан олоруҥ.
Рентген кабинета туспа-туора атын сиргэ турара табыгаһа суох. Ыарахан туруктаах, оһолломмут ыарыһахтар төттөрү-таары таһыллалларыгар эрэйи үөскэтэр. Оннук буолуо суохтаах, рентген хирургияҕа баар буолуохтаах. Терапия балыыһатыгар ыарыһахтар иккис этээскэ сыталлара хайдах да табыллыбат, ыарыһахтары аллараа этээскэ түһэрии туһунан кылаабынай бырааска этилиннэ. Тымныы дииллэр, быйыл күһүн балаһыанньаттан тахсыы курдук тепловентилятордары аҕалтаран ыйыыр туһунан кэпсэтии быһаарылынна. Аҕыйах оборудованиелаах лаборатория туспа дьиэҕэ баара коммунальнай өҥөнү төлөһүүгэ эмиэ ночооттоох, онон терапевтическай отделениеҕа көһүөхтээх. Оройуоҥҥа икки куукуна баара эмиэ ночооттоох, куукуна кииннэммит буоларыгар этилиннэ. Таҥас сууйар эмиэ икки – туберкулезнай уонна стерилизационнай диэннэр, маны эмиэ биир улахан прачечнай буола холбонуо. СанПин хайаларыгар да ирдэбилэ биир.
Олус элбэх харчы коммунальнай өҥө төлөбүрүгэр барар, оннук буолуо суохтаах. Бу дьиэлэр холбостохторуна, кэмчилэммит үп хамнаска, эми атыылаһыыга барыа. Оннук эрэ түгэҥҥэ балаһыанньаттан тахсыаххыт.
Поликлиникаҕа эмиэ уларыта тутуу барыан наада. Профкөрүү, суһал көмө кабинеттара диэн баар буолуохтаахтар. Профкөрүүнү ааһар дьон ыарыһах дьону кытта алтыһыа суохтаахтар, туспа кабинет ирдэнэр. Көрдөрөр агитация диэн суох, көрдөрө кэлбит киһи ханнык специалиска ааһара барыта ыйыллыахтаах, навигатор курдук, ыарыһахтар уочаракка сэлэһэ олорбокко мониторунан сырдатар видеороликтары көрө олоруохтаахтар. Олорор мас ыскаамыйалар олох суох буолуохтаахтар, аныгы ирдэбилинэн сымнаҕас, киһи уочаракка кэтэһэ олороругар табыгастаах усулуобуйа тэриллиэхтээх. Төһө кыалларынан куорат усулуобуйатыгар чугаһатыллыахтаах. Манна Амма сэлиэнньэтин поликлиникатын холобур аҕаллахха, урут тутуллубут, эргэ балыыһалара билигин киһи билбэт буола уларыйда. Саҥа кылаабынай быраас ананан кэлэн, өрөмүөн бөҕөтүн ыытан, билигин олох атын көстүү. Массыыналар эргэрбиттэр, аны күһүн биир массыынаны оройуоҥҥа биэрэри эрэннэрэбин.
Ити курдук, киэҥ хабааннаах икки чаастаах кэпсэтии мустубут дьону барыларын астыннарда. Михаил Егорович үлэтин сүнньүн барытын билэрэ, хас биирдии киирбит ыйытыыларга толору хоруйа, ыарыһахтарга истиҥ сыһыана ырылыччы көстөн кэллэ.