Дыгын оонньуларын рекордсменыгар биир дойдулаахтара горнайдар үс убаһа туттардылар

348

Горнайга спорду сэҥэрээччилэргэ, биир ураты бэлиэ күн от ыйын 4 күнүгэр буолла.  Ол курдук, быйылгы Дыгын оонньууларыгар 120 киилэ ыйааһыннаах тааһы 203 м 50 см ыраах илдьэн, Саха сирин рекордун олохтообут, мас тардыһыыга Россия боруонса призера, Аан дойду кубогын кыайыылааҕа, Одуну ыччата Дьулустаан Ноговицыны чиэстээтилэр.


Мин өйдүүрбүнэн, маннык кыахтаах ыччаттарбытыттан, ыараханы көтөҕөөччүлэртэн,  кини саҥа үйэҕэ улуус таһымыгар бастакынан чиэстэннэ-бочуоттанна быһыылаах.

Улуус дьаһалтатыгар буолбут көрсүһүүгэ, баһылык Н.В. Андреев истиҥник эҕэрдэлээтэ. Дьулустаан былырыын ити тааһы 171 м илдьибит буоллаҕына, быйыл быдан аһарбытын, ол кэннэ өссө үөрэ-көтө, сылайбытын биллэрбэккэ трибунаҕа олорор дьону эҕэрдэлиир, махтанар сэниэ хаалбытын, ураты тутан бэлиэтээтэ. Онон өссө да кыаҕын ситэ көрдөрбөтөх курдугун, сорох кинитээҕэр быдан аҕыйаҕы илдьэн баран, охтон түспүт спортсменнары, тренердэрэ өйөөн-убаан таһаарталаабыттарыгар тэҥнии санаан эттэ. Никита Викторович улуус аатыттан сылгы төрдө буоллун, тыа сирин кытта ситимин быспатын диэн туран, Дьулустааҥҥа убаһа биэрэллэрин иһитиннэрдэ.

Салгыы Россия үтүөлээх эколога, СӨ тутуутун үтүөлээх үлэһитэ, ааспыт үйэ 50-60-с сылларыгар, Саха сирин ыччаттарыгар күүстээҕинэн аатырбыт-сураҕырбыт, республика мас тардыһыытыгар чемпиона, национальнай ыстаныыларга спорт маастара И.И.Андреев эрэнэр уолбутугар алгыс тылын эттэ, истиҥник сүбэлээтэ.

Бэрдьигэстээх дьаһалтатын баһылыга М.С.Парфенов нэһилиэгин дьонун уонна алтыһар бөлөҕүн ааттарыттан, музыкальнай мастарыскыай дириэктэрэ П.С.Пахомовтыын эҕэрдэлээтилэр. Салгыы күүскэ эрчиллэригэр көмө буоллун диэн туран, 20 тыһ. сертификаты уонна 33000 солк. туттардылар, өссө ситиһиилэри баҕаралларын биллэрдилэр.

Кировскай нэһилиэгиттэн «Сир» бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччыта П.П.Данилов, Дьулустаан киирсиилэрин, ордук тааһы көтөҕүүтүн сөҕө-махтайа, дьиэҕэ-уокка олорон «Саха» НКИХ көмөтүнэн, олус астына көрбүтүн, киэн туттубутун кэпсээтэ. Рекордсмеҥҥа эмиэ аны күһүн убаһа туттарар докумуону биэрдэ.

Мантан да атын элбэх эҕэрдэ этилиннэ. Ырыаһыт Нина Максимова толоруутугар, мелодист Д.Санников, поэт А.Тарасов Горнайбытынан өрүү киэн туттарбыт, улууспутун мэлдьи ааттата сылдьарбытыгар анаммыт ырыаларын бары сэргии иһиттибит. Ол барыта Дьулустааммытын кэлэр кыайыыларыгар ыҥыра-угуйа, алгыы туруохтун.

Таарыйа аҕыннахха, бу иннинээҕи күн Дьулустааны биир дойдулаахтара Одунуга чиэстээбиттэрэ, үс тэрилтэ кыттыһан убаһа биэрбиттэр, олохтоох дьаһалта 40 тыһ. солк. сертификат туттарбыт.

Онон Саха сиригэр иккис төгүлүн рекорд олохтообут спортсмеммытын, улууспутугар ыытыллыахтаах Манчаарыга бэлэмнэниини саҕалаан эрэр кэммитигэр чиэстээбиппит олус наадалаах, бу курдук эдэрдэргэ болҕомто уурулуннаҕына, ситиһиилэр да баар буолуохтара.

Тыл этээччилэр Дьулустаан аҕатыгар, мас тардыһыыга Саха сирин биэс төгүллээх чемпионугар, спорт маастарыгар Петр Ноговицыҥҥа истиҥ махтал тылларын анаатылар, уолун спорка уһуйууга ураты үтүөлэрин бэлиэтээтилэр.

Түмүккэ харда тылы эппит спортсмен киниэхэ ыалдьыбыт бары көрөөччүлэргэ махтанна, эҕэрдэлээбиттэргэ махтанна. Кэлэр да өттүгэр салгыы киирсэр санаалааҕын иһитиннэрдэ.

Бу кэнниттэн Үөһээ Бүлүүгэ ыытыллар Манчаары оонньууларыгар барар спортсменнары атаарыы тэрилиннэ, эмиэ алгыс тыллар ананнылар, ситиһиилээх, кыайыылаах-хотуулаах кэлэллэригэр үтүө баҕа санааларын эттилэр. Барыта улуус чиэһин 38 спортсмен көмүскүүр.