Эбээн-Бытантай улууһугар олохтоохтор доруобуйаларын чинчийэр экспедиция үлэлээтэ

364

Бу күннэргэ улахан социальнай суолталаах комплекснай экспедиция кэлэн Баатаҕай Алыытыгар үлэлээтэ. Үлэлиир бөлөҕү ХИФУ научнай-чинчийэр доруобуйа институтун сүрүннүүр научнай сотруднига Р.Н. Захарова салайда. Биригээдэҕэ невролог, лор, окулист, УЗИ, эндокринолог, кардиолог, ревматолог, диетолог бааллар.


Экспедиция үлэтэ-хамнаһа Россиятааҕы наука Академията Саха сиригэр бастакы ыыппыт комплекснай экспедицията 90 сыллаах үбүлүөйүгэр туһуланан ыытыллар.

Санатан эттэххэ, бастакы экспедиция 1925-1930 сылларга Максим Кирович Аммосов көҕүлээһининэн ыытыллыбыт. Экспедиция үлэтин түмүгүнэн Саха сиригэр үлэ күүһүн кэскилин, экономика олугун чинчийии оҥоһуллубута. 2015 сыллаахха Россия Президенэ Владимир Путин маҥнайгы экспедиция 90 сылыгар анаан «Многофакторное исследование состояния коренного и пришлого населения Республики Саха (Якутия) с целью оптимизации региональных программ по улучшению качества жизни жителей республики с учетом территориальных, этнических особенностей в условиях современного социально — экономического развития» чинчийэр экспедицияны ыытарга анал дьаһалыгар илии баттаабыта.

Экспедиция үлэтин түмүгүнэн киһи кыаҕа, доруобуйатын туруга, нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата, экономика сабыдыала, сайдыыта быһаарыллан, кэлэр 2030-2050 сылларга олох хаачыстыбата үрдүүрүгэр, экономика сайдыытыгар ханнык үлэлэри ыытыахха, туох миэрэлэри ылыныахха сөбүн быһаарыахтара. Экспедиция үлэтигэр геология, сир баайын хостооһуна, экономика, тыа хаһаайыстыбата, гуманитарнай наукалар, культура, фольклор киирэллэр. Саха сиригэр экспедиция медицинскэй чааһын үлэтин Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай Университет Научнай-чинчийэр доруобуйа института толорор. Арктика улуустарыттан Эбээн-Бытантай уонна Дьааҥы, киин улуустартан Таатта, Үөһээ Бүлүү киирбиттэрэ. Барыта 3000 киһини сыыйан чинчийиигэ хабыахтара.

Эбээн-Бытантай улууһугар, бастатан туран, 500 киһиэхэ социологическай анкетаны толотторбуппут. Маны таһынан хоту сир региональнай экономикатын анкетатын эмиэ оҥортордубут. Эбии научнай-чинчийэр институт биэрбит анкетатын эмиэ суруйдубут. Барыта 300-тэн тахса киһини көрдүбүт. Кэлиэхпит иннинэ 150 киһиттэн уопсай турук, биохимическай, гормон, иммунология, онкомаркер анализтарын ыыттарбыппыт, олору куоракка чинчийэн түмүктэрин аҕалан кэллибит. Маны таһынан манна кэлэн көрүү түмүгүнэн диагноз сабаҕалааһыныгар үгүс киһиттэн генетикаҕа анализ ыллыбыт. Биһиги экспедиция медицинскэй эрэ чааһын толордубут. Салгыы буанализтары, анкеталары генетиктар, социологтар уо.д.а. тустаах исписэлиистэр чинчийиэхтэрэ онтон биирдэ түмүк таһаарыахтара, — диэн бөлөх салайааччыта Раиса Захарова этэр.