Эбээн Бытантайга Ил Дархан быһаччы өйөбүлүнэн хотон тутуута саҕаланна

197

Эбээн Бытантай улууһун киинигэр атырдьах ыйын 30 күнүгэр күүтүүлээх саҥа хотон тутуутун саҕаланыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга буолан ааста. Тутуу акылаатын «Үпэндьэл» ансаамбыл кыттыылаахтара Мария Колесова, Антонина Сотрудникова эбээннии үгэһинэн аал уот оттон алҕаатылар. Бу күн үгүс үтүөнү ыралыыр алгыс тыллар, баҕа санаалар этилиннилэр. Степан Слепцов, Александр Ефимов ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.


Өр сылларга күүппүт тутуубут — саҥа механизациялаах хотон — тутуута саҕаламмытынан барыгытын эҕэрдэлиибин! Ил Дархан быһаччы дьаһалынан бу хотон тутуута саҕаланан эрэр. Ахсынньы маҥнайгы күнүгэр диэри үлэни түмүктүөхпүт диэн бэдэрээччик эрэннэрэр, — диэн Эбээн Бытантай национальнай улууһун баһылыга Иван Горохов мустубут дьоҥҥо иһитиннэрдэ.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччыта Виктор Павлов кыттыыны ылла. «Сүүс ынах сүөһү турар миэстэлээх, механизированнай, сырдык, сылаас хотон саха сүөһүтэ элбээн, ууһаан Эбээн-Бытантай улууһун сайдыытыгар дьоһун кылаат буолуоҕа диэн эрэнэбит. Бу тутуу үгүс кэпсэтии, сүүрүү-көтүү түмүгэр ситиһилиннэ диэххэ наада. Тутуу хаамыыта күүстэх хонтуруолга сылдьыаҕа. Манна министиэристибэҕэ анал департамент баар. Инвестбырагыраамаҕа киллэрии биир, онтон тутуу саҕаланыытын ситиһэр эмиэ биир туспа күчүмэҕэй дьыалалар. Бу улахан, 45 мөл.солк. үптээх тутуу буолар. Билиҥҥи кэмҥэ 19 мөл.солк. быһаарыллан турар. Онтон ордугун үп-харчы, экэниэмикэ министиэристибэлэрэ кэлэр сыл саҥатыгар хамсатыахпыт диэн эрэннэрэллэр. Хотоҥҥо сылдьан ГУП ГП «Бытантай» үлэһиттэрин кыттар көрүстүбүт. Үлэһиттэр санаалара бөҕөх, саҥа хотон үлэҕэ киирэрин олус кэтэһэллэрин эттилэр. Өбүгэлэрбит үйэлэргэ иитиэхтээн кэлбит сүөһүлэригэр сөптөөх усулуобуйаны, көрүүнү тэрийэн үлэлээн, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаардахпытына, социальнай-экономическай балаһыанньабыт тупсуо. Хотугу эргимтэҕэ бу хотон аан маҥнайгынан тутуллар эбийиэк буолар. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бу хотон тутуллан, саха ынаҕа элбииригэр, племенной үлэ сайдарыгар утумнаах үлэни ыытыахтара диэн олохтоохторго эрэнэр, — диэтэ кини.

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Иннокентий Аммосов биир дойдулаахтарын улахан тутуу этэҥҥэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээтэ. «Тутууну кэтэспиппит, омуннаабакка эттэххэ, 15-16 сыл буолла. Хотоннорбут эргэрэн биирэ сууллубута, биирэ үлэлиир кыаҕыттан ааһан турар. Онон, саҥа хотон тутуллара уолдьаста. Мин миниистир Петр Николаевичка улаханнык махтаныахпын баҕарабын. Кини быһаччы дьаһала суох, хотон тутуута олоххо киирэрэ саарбах этэ. Биллэн турар, Ил Дархан Егор Борисов үтүө санаанан салайтаран, хотон тутуутун саҕалыырга диэн көҥүл биэрэн улаханнык өйөөтө», — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 

Михаил Кириллин, бэтэринээрнэй сулууспа туйгуна, үлэ бэтэрээнэ: «Ханнык баҕарар дойдуга сүөһү иитиитигэр болҕомто ууруллара үчүгэй дьыала. Барыгытын бу хотон тутуута саҕаламмытынан эҕэрдэлиибин! Саха ынаҕын иитии дьарыга кэскиллээх буоллун», — диэн санаатын тириэртэ.

Василий Слепцов, бэдэрээччик «СГ-Строй» хааччахтаммыт тэрилтэ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта: «Биһиги тэрилтэбит хотон тутуутугар маҥнайгытын ылыста. Маннык тутуу Уус Алдан Тандатыгар, үлэ дьоруойугар Иннокентий Готовцевка тутуллан турар. Хотон 72*12 кв.м. иэннээх буолар, улахан. Иһигэр үүт уонна производственнай блоктардаах, ону таһынан 6-7 хостоох. Автономнай хочуолунай туруоҕа, тэрилэ барыта кэлбитэ, биир хоско үүт сойутар тэрилэ туруоҕа. Итиэннэ суунар, сыгынньахтанар, мунньахтыыр хостор, барыта тус-туһунан буолуохтара. Маны таһынан биир улахан хос баар, манна «Бытантай» тэрилтэ ыччакка, оҕолорго, устудьуоннарга кылаас оҥоруон сөп диэн көрөбүн. Маннык кылаас баар буоллаҕына, эдэрдэргэ үрдүттэн көрдөрөн, аныгы өйдөөх-санаалаах тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһин иитэн таһаарарга табыгастаах дии саныыбын. Биһиги билигин бетон кутуутун үлэтин түргэнник ыытыахпыт. Болдьохпут сэтинньи бүтүүтүгэр диэри тутууну түмүктүөхтээхпит, бүтэриэхпит диэн эрэнэбит. Маннык тутуу сэндвич-панеллартан турар, онон конструктор курдук хомуйан таһаараҕын. Кылаабынайа халлаан сылаас эрдэҕинэ бетоннуур үлэтин кыайыахпытын наада. Билигин биригээдэ маҥнайгы түһүмэҕэ кэлэн, сыбааркалыыр, бетоннуур үлэтин ыытыахтара, онтон хомуйааччылар кэлиэхтэрэ. Биригээдэлэр олорор дьиэлэрин-уоттарын барытын булан бэлэмнээтибит. Саас туттуллар матырыйаалы, аһы-таҥаһы бүтүннүү тиэйэн аҕалбыппыт», — диэн былааннаах үлэтиттэн билиһиннэрдэ.