Эбээн-Бытантайга оҕону патриотическай тыыҥҥа кыра сааһыттан иитэллэр

167

«Хаарчаана» уһуйаан иитиллээччилэрэ патриотическай ырыа уонна стройдаан хаамыы күрэҕэр көхтөөхтүк кытыннылар. Манна барыта 6 бөлөх иитиллээччилэрэ байыаннайдыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ көрүөххэ олус сэргэх.


Ытыы-ытыы хаамар гимнастеркалаахтар, илии-атах уҥа-хаҥас бииргэ дайбанар байыаннайдар, кыракый стюардессалар көрөөччүлэри олуһун диэн манньыппыттара, уйадыппыттара чахчы. Бэлиэтээн эттэххэ, «Хаарчаана» уһуйаан кэлэктиибэ төгүрүк сыл устата бииртэн биир хатыламмат тэрээһиннэри ыыталлар, төрөппүттэр да көхтөөхтөр.

Тыҥааһыннаах күрэх-көрүү түмүгүнэн 1 бочуоттаах миэстэҕэ «Туллукчаан» бөлөх моряктар буолан иитээччилэрин А.Я. Бочкареваны, А.А. Колесованы кытта таҕыстылар. Онтон 2 дьоһун миэстэни «Нөлтөкө» 2 бэлэмнэнии бөлөх, иитээччилэр Л.Н. Слепцова, Е.В.Тоскина, эмиэ моряктар буолан ыллылар. Үһүс бочуоттаах миэстэни — спецназтар — «Үрүмэччи» бөлөх, иитээччилэр Х.И.Сивцева, Н.Г. Винокурова ситистилэр.

«Бастыҥ форма» номинация хаһаайыттарынан «Күнчээн» бөлөх иитиллээччилэрэ, (М.К.Федорова, М.И.Горохова), «Бастыҥ ырыа» — «Кустук» (И.А.Старостина, Л.В.Колесова), «Бастыҥ доҕордуу этэрээт» — «Сулусчаан» (В.Х.Васильева, Т.Н.Сотрудникова), «Бастыҥ строй» — «Чукичан» (С.П.Горохова, Н.Н.Другина) бөлөхтөр буолан, үөрдүлэр-көттүлэр.

Оҕону, ыччаты иитэр үлэ ордук ыарахан. Киһиэхэ билиини биэриэххэ сөп, оттон кинини дьон уонна уопсастыба туһугар дууһатын биэрэр дьиҥнээх киһи гына иитии ордук уустук. Өбүгэлэрбит өркөн өйдөөх буоланнар, бу күҥҥэ диэри урааҥхайдарбыт дэнэр ыччаттаннахтара. Эр киһи оруола киһи-аймах олоҕор да буоллун, государствоҕа, дьиэ кэргэҥҥэ мэлдьэҕэ суох сүҥкэн. Эр киһи көмүскэл, баһылык буолуохтааҕа саарбаҕа суох. Онон уол оҕону баһылык быһыытынан, кэлин дьиэ кэргэнин, ууһун туһугар сөптөөх дьаһаллары ылынар гына иитэн-үөрэтэн, такайан таһаараллара. Онон, маннык үөрэтиилэр кыра эрдэхтэн оҕону дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус туһугар патриотическай тыыҥҥа иитиини биэрэллэрэ чуолкай.