Эдьигээҥҥэ устудьуоннар тутар этэрээттэрэ өрөбүллэригэр от үлэтигэр көмөлөһөллөр

2193

Бу күннэргэ Эдьигээн нэһилиэгэр устудьуоннар тутар этэрээттэрэ Уолбаҕа Локурга тахсан, от үлэтигэр көмөлөстүлэр.


Биһиги, устудьуоннар тутар этэрээттэрэ, Эдьигээн тас көстүүтүн тупсарыыга үлэлии сылдьабыт. Онтон өрөбүл күннэргэ Уолбаҕа оттуу сылдьар, Эдьигээҥҥэ кэтэх хаһаайыстыбаны тутан олорор Иван Михайлович Соломонов уонна Мария Егоровна Иванова оттуур биригээдэлэригэр көмөлөстүбүт. Уопсайа 10 оҕо буолан сырыттыбыт, — диэн кэпсиир Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятын агротехнологическай факультетын устудьуона Никита Алексеев.

Устудьуоннар охсуллубут оту мунньан, бугуллаан, биир сиргэ чөмөхтөөн кэбиһиигэ бэлэмнээбиттэр. Сылаас күн-дьыл туран, сөтүөлээн да ылбыттар. Сорохтор от үлэтигэр саҥа сылдьыбыттар эрээри, күргүөмнээх үлэттэн олус астыммыттар. «Көмө өссө наада буоллаҕына, тиийэргэ бэлэммит», — дииллэр үлэһит ыччат.

Устудьуоннары кытта Мария Егоровна аймахтара тиийэн от үлэтигэр эмиэ көмөлөстүлэр. Дьылы аһатар былдьаһыктаах кэмнэргэ үлэни көҕүлээн, оройуон дьаһалтата Камаз-вахтовка массыынаны уларсыбыт. Онон барыы-кэлии боппуруоһугар ыарырҕаппакка миэстэтигэр тэрээһиннээх көмө оҥоһуллунна.