Үөһээ Бүлүү улууһугар былырыын үбүлүөйдээх Манчаары оонньуулара үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбыта. Бу олохтоохтор биир сыал тула түмсүбүттэрин түмүгэр ситиһиллибитин эттилэр.
Киин бөһүөлэккэ эр дьон кыттыылаах сонун тэрээһин буолла. Манна үгүстэр сэбиэт эбэтэр түмсүү тэрийиэххэ диэн этии киллэрбиттэрин сэргэхтик иһилиннэ. Маннык хабааннаах түмсүү ыйга биирдэ, иккитэ ыытыллыахтааҕын уонна олоххо, сайдыыга аналлаах тиэмэ, боппуруос эрдэттэн быһаарыллан ол тула киэҥ кэпсэтии, дьүүллэһии буолуохтааҕын ыйдылар.
Өссө биллэр-көстөр, бөлүһүөктүү өйдөөх-санаалаах дьон кыттыыларын тэрийэн, бу дьон олоххо көрүүлэрин, санааларын истии, санаа атастаһыыта барыахтааҕын туһунан бэлиэтээтилэр.
Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын начаалынньыга:
— Кэлиҥҥи кэмҥэ улуустарга эр дьон түмсүүлэрин тэрийии күүскэ бара турар. Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр өрөбүл аайы эр дьону түмэн арчылаан, санааларын сааһылыыр тэрээһин ыытыллар буолла. Бу маннык түмсүү эр дьону өрө тутууга, сытыы ыйытыыларга сөптөөх эппиэттэри ыларга, атын киһи холобуруттан үчүгэйгэ үөрэниигэ, эдэр уолаттар инники олохторун оҥостоллоругар төһүү күүс буолуоҕа дии саныыбын. Маннык көрсүһүүлэри бэлиитикэҕэ кубулуппакка, религиознай хамсааһыннарга сыһыарбакка, омугумсуйууну күөттээбэккэ ыыттахха, тэрийдэххэ, туһата, көдьүүһэ быдан улахан буолуох этэ.