Үөһээ Бүлүүгэ “Аҕа ууһун хаҥаппыт, ийэ ууһун тэниппит саха ДАЛБАР ХОТУТТАРА” кинигэ сүрэхтэннэ

595

Үөһээ Бүлүүтээҕи ааҕар балаҕан дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Бэчээтин туйгуна, СӨ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Герой Н.А.Кондаков аатынан уонна “Суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин” бириэмийэ лауреата, Үрүҥ көмүс бэлиэ хаһаайына, тыыл бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анна Прокопьевна Алексеева “Аҕа ууһун хаҥаппыт, ийэ ууһун тэниппит саха ДАЛБАР ХОТУТТАРА” кинигэтин сүрэхтэниитэ от ыйын 22 күнүгэр буолан ааста.


Улууспут 143 дьоруой ийэлэрин толору ааттара, төрөөбүт сирдэрэ, кэргэннэрин уонна оҕолорун ааттара, хаһан Дьоруой аатын ылбыттара, хаартыскалара, олохторун кэпсиир кылгас бэлиэтээһиннэр түмүллэн кинигэҕэ киллэриллибиттэр.

Дьоруой Ийэ, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, ийэҕэ “Үрдүк махтал бэлиэ” хаһаайката Екатерина Васильевна Адамова кинигэ сүрэхтэниитигэр бэйэтинэн кэлбитэ биһиэхэ соһуччу үөрүү, бэлэх буолла. Кинигэни тутан туран, ытык кырдьаҕас долгуйа, симиттэ ааптарга махтал тылын анаата, бу кинигэ кэскиллээҕин, ыччаттарыгар сүдү нэһилиэстибэ буоларын эттэ.

Анна Прокопьевна 1973-91 сылларга дьахталлар оройуоннааҕы Сэбиэтитэрин бэрэссэдээтэлинэн, 1991-95 сылларга саллааттар ийэлэрин кэмитиэтин салайааччытынан үлэлээбитин ахтан-санаан ааста. Улууспутугар ытыктанар, мааны дьоннорбутун Мария Игнатьевна Константинованы, Ульяна Терентьевна Тимофееваны уонна да атын үлэһит сүрэхтээх дьахталлары кытта туох баар нэһилиэктэри кэрийэн араас тиэмэлэргэ лекциялары, кэпсэтиилэри ыытан, улууска аан бастакынан теплицаҕа оҕуруот аһын олордууну тэнитии курдук дьоһун кылааттаахтарын туһунан ирэ-хоро кэпсээтэ.

Дьоруой Ийэлэр хамсааһыннарын өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан Анна Прокопаьевна саҕалаабыта диэн киэн тутта кэпсиэххэ сөп. 1986 сылтан саҕалаан Дьоруой Ийэлэр тустарынан матырыйааллары хомуйан, “Коммунизм сардаҥата” (билиҥҥитэ “Үөһээ Бүлүү” хаһыат) хаан-уруу хаһыатыгар үлэлии олорон “Сулустаах ийэлэр” диэн рубрика аһан, Дьоруой ийэлэр слеттарын тэрийэн ыыппыттара. 1994 сыллаахха “Сулустаах ийэлэр” диэн кинигэтин бэчээттэппитэ. Итиэннэ улуус дьоруой ийэлэрин олохторо тупсарыгар, кинилэргэ болҕомто ууралларыгар сүдү кылааты киллэрсибитэ.

Ааптар Анна Прокопьевна Дьоруой ийэлэр тустарынан матырыйааллары хомуйууга көмөлөспүт, ол кэмҥэ нэһилиэктэрдээҕи дьахталлар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит үтүө-мааны дьүөгэлэригэр, дьиэ кэргэн кэмитиэтин салайбыт Наталия Хабытчароваҕа, Зоя Тарабукинаҕа уонна Альбина Даниловаҕа, сыралаах үлэлэрин өйөөбүт улуус салайааччыларыгар барҕа махталын тириэрдэр. Бу кинигэни бэчээттээбит “Үөһээ Бүлүү” хаһыат эрэдээктэригэр Ирина Абраховаҕа, кинигэни көрөн-истэн оҥорбут Ульяна Егороваҕа, эрэдээксийэ бары үлэһиттэригэр ис сүрэҕиттэн махтанар.

Билиҥҥи кэмҥэ саха ахсаанын элбэтии соруга турбутунан, бу аҕа ууһун хаҥаппыт, ийэ ууһун тэниппит үтүө-мааны саха Далбар Хотуттара кэлэр көлүөнэҕэ холобур буола туруохтара диэн эрэнэбин. Кинилэр тыһыынчанан ааҕыллар ыччаттара инникитин өссө элбии-тэнийэ, үүнэ-сайда турдуннар диэн алгыстаах баҕа санаабын тиэрдэбин. Кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр, хос-хос сиэннэригэр төрөппүттэргитин өрүү үөрдэ, тапталынан угуттуу сылдьаргытыгар баҕарабын. Өскөтүн бүгүн суох буоллахтарына, көмүс уҥуохтарыгар тырымныы сылдьар тыыннаах сибэккитэ ууруҥ, кэриэстээҥ, үйэтитиҥ диэн баҕа санаалаахпын” –диэн ааптар Анна Алексеева бэрт кэрэ, эмиэ да курус тылларынан бу истиҥ көрсүһүү түмүктэннэ.