Үөһээ Бүлүүгэ Дмитрий Федотов төрүттээбит оһуокайга хамсааһыны салҕааччылар түмсэллэр

280

Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгэр саҥа тутуллубут Арчы дьиэтигэр оһуокай түһүлгэтэ тэрилиннэ. Кыттааччылар, ордук оскуола оҕолоро, тымныыны тымныы диэбэккэ, туора туран хаалбакка, оһуокайдаары муһуннулар.


Оһуокайга кэлбит дьону Үөдүгэйдээҕи «Дьүөгэ» түмсүү бэтэрээн дьахталлара алаадьынан, итии чэйинэн күндүлээтилэр. Остуол тула мустубут дьахталлар, эр дьон хабылыгынан уонна хаамысканан оонньоотулар. Үксулэрэ сахалыы симэнэн, маанытык таҥнан кэлбиттэр.

Оһуокай түмсүү бэрэссэдээтэлинэн Георгий Степанов  саҥа үлэлээн эрэр. «Улуустааҕы оһуокай түмсүүнү өр сылларга бары ытыктыыр киһибит, оһуокайдьыт, хабылыкка уонна хаамыскаҕа уһуйааччы Дмитрий Яковлевич Федотов салайан кэлбитэ. Хомойуох иһин, кини бу орто дойдуттан туораабыта. Кини оҕолору оһуокайга үөрэтэрэ. Ону ытыктааммыт, кини талааныгар сүгүрүйэммит, Дмитрий Федотов аатынан оҕолорго республикатааҕы оһуокай күрэҕин быйыл тэрийэр былааннаахпыт.
Оттон улууска ый аайы тэрийэр баҕа санаалаахпыт. Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ элбэх киһи кэлбититтэн олус үөрдүм, өрүс уҥуор сытар Хоро нэһилиэгиттэн уһуйааччылара оҕолорунаан кэлбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх«, — диэтэ кини.

Марианна Хобусарова, Саха сирин үтүөлээх оһуохайдьыта, Аан Дархан этээччи: «Мин оҕолору оһуокайга үөрэтэбин, 20-чэ оҕолоохпун. Халлаан тымныйбытынан сибээстээн, бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ түөрт эрэ оҕо кэллэ. Оҕолор оһуокайы ордук ылыналлар, тоҕо диэтэр, манна эрчимнээх хамсаныы, арыллыы, ырыа-тойук да баар. Мин оҕолорбун тэҥҥэ илдьэ сылдьан араас тэрээһиннэргэ кыттабыт».