Үөһээ Бүлүүгэ «Манчаары оонньууларын кыайыылаахтара» кинигэ сүрэхтэннэ

137

«Манчаары оонньууларын кыайыылаахтара» диэн саҥа кинигэ 300 тирааһынан бэчээттэнэн таҕыста. Балаҕан ыйын 15 күнүгэр улуустааҕы Оҕо библиотекатыгар кинигэ сүрэхтэннэ. 


Кинигэни «Тускул» оҕо киинин методиһа Вера Андреева, улуустааҕы киин библиотека кыраайы үөрэтэр отдел методиһа Галина Саввинова, улуустааҕы үөрэх салалтатын салайааччытын иитэр үлэҕэ солбуйааччы Николай Платонов хомуйан оҥордулар. Кинигэ Дьокуускай куоракка «Дани-Алмас» тэрилтэҕэ бэчээттэннэ.

Оскуола саастаах оҕолор Манчаары оонньууларыгар улуустарын албан ааттаппыт чугас дьоннорун (убайдарын, аҕаларын, хос эһэлэрин, аймахтарын), кинилэр кыайыыларын туһунан суруйбуттара кинигэҕэ хомуйуллан киллэрилиннэ.

Үөрүүлээх түгэҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччыта Люция Тойтонова, кинигэ ааптардара Вера Андреева, Галина Андреева, кинигэ геройдара, спорт маастардара Владимир Быкалыров, Ульяна Барахова, Розалия Докторова кытыннылар, эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр. Ону таһынан, кинигэ тахсарыгар быһаччы сибээстээх, чугас дьоннорун туһунан билиһиннэрбит, суруйбут оҕолор кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Настя Докторова, Бексултан Астанов о.д.а.

Бексултан кинигэҕэ эһэтин Василий Тихонович Ильин-Күүстээх Ильин туһунан маннык суруйбут: «Мин кинигэҕэ эһэм олоҕун, спортка ситиһиилэрин туһунан суруйбутум. Биһиги улууспутугар ХХ-с Манчаары оонньуулара ыытыллыбытыттан олус үөрдүм, хаһан да маннык таһымнаах тэрээһин Үөһээ Бүлүүгэ ыытылла илигэ. Саҥа кинигэ тахсыбытынан ааптардары, оҕолору эҕэрдэлиибин, кинигэ оҥорор олус сылаалаах дии саныыбын».

Бэлиэтээн эттэххэ, ХХ-с Манчаары оонньууларын көрсө элбэх кинигэ бэчээттэннэ, ол эрэн оҕолор ахтыыларынан, суруйууларынан тахсыбыт кинигэ суос-соҕотох. Инникитин да бу уопуту туһанан оҕолор кинигэлэрэ тахсалларыгар тэрээһин кыттыылаахтара баҕара хааллылар.