Үөһээ Бүлүүгэ саҥа тутуллубут стадиоҥҥа спортсменнар субуотунньуктаатылар

418

Улууспут саамай аатырбыт хапсаҕайдьыттара Н.К.Докторов-Бычырдаан, В.И.Степанов-Буучугурас, А.П.Васильев-Мордьонноохоп ааттарын сүгэр саҥа тутуллубут “Үс Хоһуун” стадиоҥҥа аан бастакы субуотунньук буолла.


Үлэ-хамнас улуустааҕы спорт управлениетын начальнига Егор Николаев күүстээх салалтатынан барда. Тутууттан хаалбыт бөҕү-сыыһы ыраастаатылар, итиэннэ Дьокуускайтан 40 тонналаах инвентарь кэлбитин сүөкээтилэр.

Субуотунньукка спорт бэтэрээннэрэ уонна үбүлүөйдээх 20-с спартакиадаҕа кыттаары сылдьар спортсменнар: сүүрүүктэр, гиирэ көтөҕөөччүлэр, тустууктар үлэлээтилэр. Кинилэргэ М.Т.Егоров аатынан 2-с №-дээх орто оскуола чэпчэки атлетикаҕа тренэрэ Раиса Григорьева дьарыктыыр оҕолорун кытта бэйэлэрин баҕаларынан кэлэн көмөлөспүттэрэ олус хайҕаллаах дьыала буолла.

Күммүт олус көхтөөхтүк ааста. Биһиги, спортсменнар, спортка эрэ буолбакка, үлэҕэ эмиэ түмсүүлээхпитин көрдөрөн, бастакы субуотунньукка күргүөмүнэн үлэлээбиппититтэн бэйэбит да астынныбыт. Хаалбыт кэми былдьаһа бары бу курдук биир сомоҕо буолан, үлэҕэ түһүннэхпитинэ, кыайыылаах буолар” – диэн спортсменнар этэллэр.

Бу күннэртэн саҕалаан үчүгэй суоллаах-иистээх өрүс уҥуоргу Дүллүкү уонна Хоро нэһилиэктэриттэн, итиэннэ Үөдүгэй, Кэнтик уонна трасса устун сытар нэһилиэктэртэн 30-туу киһи чуолаан стадион үлэтин-хамнаһын үмүрүтэр субуотунньуктарга кыттыыны ылаллар. Кинилэри анал автобус таһар.