Үөһээ Бүлүүгэ Сэмэн Уруукап «Чаҕыл сааскытын» туойдулар

156

Кулун тутар 31 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Ольга Федорова аатынан улуустааҕы библиотекаҕа саха норуодунай суруйааччыта, поэт, прозаик, тылбаасчыт Семен Титович Руфов сырдык аатыгар «Уруукап чаҕыл сааскыта» диэн истиҥ көрсүһүү  ыытылынна.


Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах  суруйааччылар сквердэригэр тэрээһин аһыллыыта ыытылынна. Эҕэрдэ тылы Үөһээ Бүлүү улууһун дьокутааттарын  сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Семен Михалев, Тамалакаан нэһилиэгин баһылыга Петр Иванов уонна суруйааччы уола Максим Руфов  эттилэр. Максим Семенович: «Аҕабыт, саха норуодунай суруйааччыта Сэмэн Руфов уонна күн-күбэй ийэбит Мария Спиридоновна Арбыкина ааттарын үйэтитэр санааттан анал фонданы былырыын ахсынньыга  тэрийбиппит. Бу фонданы тэрийэн, биһиги ийэлээх аҕабыт баҕа санааларын толорон, суруйар эйгэҕэ саҥа киирэр эдэр суруйааччыларга өйөбүл,көмө буолар сыаллаахпыт», — диэтэ.

Салгыы киин библиотека мультимедийнай саалатыгар Сэмэн Руфов айымньыларын түмпүт  кинигэ бастакы томун сүрэхтэниитэ ыытылынна. «Бичик» кинигэ кыһатыгар «Саха народнай суруйааччылара» сериянан бу 224 бэчээтинэй лиистээх кинигэ 2017 сыллаахха  сэтинньигэ  бэчээттэнэн тахсыбыт.

Кинигэ «Чыычаахтарбар» уонна «Киһи дууһатын көрдөөммүн» диэн икки түһүмэххэ арахсар, ону таһынан, алпаабыт ыйынньыктаах. Саҥа кинигэ тула санааларын анаан-минээн кыттыыны ыла кэлбит суруйааччылар Афанасий Гуринов-Арчылан, Иван Николаев — Уххан, Анатолий Старостин — Сиэн Кынат, Саргылана Васильева — Саргы Куо, Айталина Никифорова, Валерий Васильев — Муттуххай Бороҥ, «Бичик» кинигэ кыһатын кылаабынай редактора, онтон да атын кыттааччылар эттилэр. Тэрээһини мелодист Николай Чуручанов, «Үрдэл» вокальнай ансаамбыл, култуура бэтэрээнэ Михаил Чоросов ылбаҕай ырыаларынан киэргэттилэр.