Бу нэдиэлэҕэ Үөһээ Бүлүүгэ СӨ ситэриилээх былааһын ааспыт сыллааҕы үлэтин отчуоттаата. Санатар буоллахха, бу өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 20-с отчуоттара буолар. Онон туһугар үбүлүөйлээх сырыы быһыытынан ылыныахха сөп. Отчуоту үс бөлөххө арахсан туруордулар.
СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Михаил Охлопков салайааччылаах маҥнайгы бөлөх икки күн устата Сургуулук, Боотулуу, Мэйик, Маҥаас, Далыр уонна Мэйик нэһилиэктэригэр сылдьан отчуоттаата.
Быйылгы отчуокка бөлөх салайааччыта чаас кэриҥэ уһуннаах дакылааты аахпата, ол оннугар 15 мүнүүтэлээх анал киинэҕэ ааспыт сыллааҕы отчуоту биирдэ түмэн көрдөрбүттэрин нэһилиэнньэ быдан сэҥээрдэ. Ити кэнниттэн тута ыйытыыларга, кэпсэтиигэ киирэн, отчуот мунньахтара бэрт сэргэхтик, дириҥ хорутуулаахтык аастылар.
СУРГУУЛУК. Отчуокка элбэх киһи кэлбит. Буоларын курдук, олохтоохтор саҥа оскуола уонна фельдшерскэй-амбулаторнай пуун тутууларын күүскэ туруорустулар. Наука доктордарын, кандидаттарын үөрэтэн таһаарбыт кыһа дьиэтэ лаппа эргэрэн турарын туһунан этиллибитэ, дьиҥэр, ыраатта. Хата, бу оннугар фельшерскэй-амбулаторнай пуун тутуллар биэтэгэ чугаһаабыт курдук. Миниистир Михаил Охлопков: «2018-2019 сылларга Арассыыйа үрдүнэн фельшерскэй-амбулаторнай пууннары тутууга 3 млрд. 400 мөл. солк. көрүллүөхтээх. Итинтэн регионнарга 100-түү мөл. солк. тыырыллыахтаах. Ол аата биһиги өрөспүүбүлүкэтибитигэр 2 ФАП тутуллуохтааҕыттан, биирэ Сургуулукка тутуллуо«, — диэн эрэннэрбитин, олохтоохтор ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
«Восточнай» космодромтан көтөр аракыаталар тобохторо ыаллыы сытар Бүлүү улууһун Үгүлээтин сиригэр-уотугар түһэринэн сибээстээн, Сургуулук нэһилиэнньэтин доруобуйатын анал медицинскэй көрүү уонна сирин-уотун экологическай бэрэбиэркэ ыытылларын туруорсубуттара саамай сөптөөх. Бу — саамай сүрүн боппуруостары билиһиннэрдибит.
БООТУЛУУ. 160 миэстэлээх таас оскуола 2018-2019 сс. тутуллар буолбутун истэн олохтоохтор сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ. Интернет ситимэ хаһан тупсарын, олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба, энэргиэтикэ боппуруостарыгар сыһыаннаах ыйытыылары биэрдилэр. Үөһээ Бүлүү — Боотулуу хайысхаҕа оҥоһуллубут суолу ардахтаах кэмҥэ харыстыыры, тыа хаһаайыстыбатыгар ыанар ынах аайы харчынан көмө көрүллүөхтээҕин, саҥа бэкээринэ тутуллар буоллаҕына, оборудованиетын ылыыга көмө наадатын туруорустулар
ОҤХОЙ. Олохтоохтор күөллэр ууларын аһара түһэрбиттэрин түмүгэр билигин сүөһү уулууругар уу суоҕун туһунан эттилэр. Этэргэ дылы, сүөһүлэр кый ыраах сытар ойбонноругар баралларыгар-кэлэллэригэр икки чаас ааһар эбит. Онон маны хайдах эмэ гынан уһаппакка быһаарары туруорустулар.
Үтүө дьыала хамсааһын чэрчитинэн, культурнай-спортивнай дьиэни тутуу этэҥҥэ салҕанар буолбут. Ол курдук, быйыл 3 мөл. 620 тыһ. солк. көрүллэн, эбийиэк култуураҕа аналлаах өттө тутуллуоҕа. Оттон спортивнай өттө (саалата) 2019 сылга ситэриллиэҕэ. Быйыл Оҥхой нэһилиэгэ тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүн тэрийиигэ кыра да буоллар үп көрүллэрин туруорустулар. Итини тэҥэ, интернет ситимэ мөлтөхтүк үлэлиирин санаттылар уонна оптоволоконнай утах хаһан кэлэрин ыйыттылар. Биир сүрүн боппуруоһунан Бүлүү өрүс хаҥас биэрэгэр сытар нэһилиэктэргэ анаан сүөһүнү өлөрөр, астыыр анал комплекс тутуллуохтааҕын күүскэ туруорустулар. Бу саамай сөптөөх этинии. Күһүөрү кыһын Бүлүү өрүс мууһа ситэ тура илигинэ, өлүөхтээх сүөһүнү таһаарар уустуктардааҕын ааһан, хайдах да кыаллыбата биллэр.
МАҤААС. Фельшерскэй-амбулаторнай пуун эргэрбитинэн сибээстээн саҥа тутууну олохтоохтор күүскэ туруорустулар. Бырайыага оҥоһулла илигинэн сибээстээн, сүрүн испииһэккэ киирэ илик эбит. Миниистир Михаил Охлопков дьоҕус медицинскэй эбийиэктэри тутууга өрөспүүбүлүкэҕэ 100 мөл. солк. көрүллэрин туһунан иһитиннэрдэ.
Оскуолалара быстар мөлтөх туруктааҕынан сибээстээн, саҥа дьиэ бырайыагын оҥоруу саҕаланыахтааҕа этилиннэ. Киһи улаханнык ыарыйдаҕына кэлэр санрейс бөртөлүөтэ кииҥҥэ киириэн баҕалаах дьону тоҕо ылбатын ыйыттылар. Ыарыһаҕы эрэ ыларын өйдөөбөттөрүн эттилэр, дьиҥэр, итиччэ кэлбит көтөр аал барыан баҕалаахтары ылыа да эбит диэн хом санааларын эттилэр. Онуоха санрейс бөртөлүөтэ тус сыалын эрэ толорон, ыарыһаҕы эрэ ылыахтааҕын туһунан быһаардылар. Манна борокуратуура ороостоҕуна, бөртөлүөт тус сыалын толорботох диэн быһаарыллар эбит. Ол гынан баран, сайын алларанан суол-иис суох кэмигэр ыраах сытар нэһилиэктэргэ дьону ылыахтарын да сөп этэ. Онон бу боппуруос бырабыыталыстыба таһымыгар хайаан да көрүллүөн наада диэн буолла.
ДАЛЫР. Олохтоохтор бастакы уочарат балыыһаларыгар «суһал көмө» массыыната хаһан кэлэрин ыйыттылар. Манна тустаах миниистир Михаил Охлопков быйыл медицинскэй тэриллээх массыынаны хайаан даҕаны биэриэхпит диэн эрэннэрдэ. Маны тэҥэ, быйылгыттан Далырдааҕы балыыһаҕа стоматолог ыстаата көрүллэн, анал исписэлиис үлэлии кэлиэхтээҕин истэн олохтоохтор олус үөрдүлэр. Бу анал бырааска чугас сытар нэһилиэктэр дьоно эмиэ кэлэн тиистэрин көрдөрүөхтэрэ. Дьиэни уотунан ититии боппуруоһун күүскэ туруордулар. Ааспыт сылга уотунан ититиигэ 80-ча ыал техническэй усулуобуйаны ылан олороро бэлиэтэннэ. Быйылгыттан Далырга 35-тээх подстанция кыамтатын күүһүрдүү үлэтэ бара турарын туһунан тустаах тэрилтэ үлэһитэ быһааран биэрдэ.
2007 сыллаахха тутуллубут мас оскуола олус тымныытын этэн туран, быйыл хайаан даҕаны хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтааҕын туруорустулар.
МЭЙИК. Аҕыйах сыллааҕыта тутуллубут балыыһалаахтар эбит эрээри, дьиэ иһигэр уонна аттыгар туалет суоҕа этилиннэ. Искэ баар туалет анал фекальнай массыына суоҕунан үлэлиир кыаҕа суох. Тустаах салаа салайааччылара ити боппуруоһу быһаарыахпыт диэн эттилэр.
Иһэр уу боппуруоһа кытаатан эрэрин кэпсээтилэр. Скважинаны оҥоруохтаах эбиттэр даҕаны анаалыс түмүгүнэн онно баар уу аһара тимирдээҕин быһаарбыттар. Былырыыҥҥыттан саҕалаан нэһилиэк аҥарыгар сайыҥҥы уу ситимин тардыбыттар, быйылгыттан ону ситэриэхтээхтэр. Сүрүн дэниллэр оскуолаларын орто буоларыгар туруорустулар. Үөрэнээччи ахсаана элбии турара этилиннэ, ол курдук, ааспыт үс сылга 20 саҥа дьиэ тутуллубут. Онон 2023 сылга уочаракка турар саҥа оскуола тутулларыгар ити улахан олук, көдьүүстээх буолуо этэ диэн саамай сөпкө эттилэр.
ТҮМҮК ОННУГАР. Бүлүү өрүс хаҥас биэрэгэр сытар нэһилиэктэр кыһалҕалара, туруорсуулара сүнньүнэн биир соҕус. Ол курдук, суолу оҥорууну, оскуолалары тутууну, хапытаалынай өрөмүөннэри, үрдүлэринэн аракыата көтөрүнэн сибээстээн нэһилиэнньэ доруобуйатын көрүүнү-истиини, тулалыыр эйгэни бэрэбиэркэлиири, өрүс уҥуор сытар нэһилиэктэргэ анаан сүһүөнү өлөрөр, астыыр комплексы, уо.да.а боппуруостары туруорсаллар, аһаҕастык этинэллэр. Олохтоохтор СӨ бырабыыластыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин бары биир киһи курдук, биир санаанан биһирииллэрин биллэрэн, бары 100 % кэриэтэ куоластаатылар. Бырабыыталыстыбаттан отчуокка кыттыбыт салайааччыларга, исписэлииттэргэ үлэлэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕардылар. Туруорсубут боппуруостара, этиммит этиниилэрэ, санаалара сииккэ симэлийэн, уостан-сүтэн хаалбатыгар эрэнэ хааллылар.