Элгээйи кырдьаҕастара ыйытыыларыгар хоруйу эрэнэ күүтэллэр

886

Сунтаарга буолбут түмүк отчуот иннинэ СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, СӨ тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирэ П.Н.Алексеев салайааччылаах бастакы бөлөх Күүкэй, Кутана уонна Элгээйи нэһилиэктэригэр сырытта. Бөлөххө Федерация Сэбиэтин чилиэнэ А.К.Акимов, баай-дуол уонна сир сыһыаннаһыыларыгар миниистири солбуйааччы М.В. Никифоров, Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев уо.д.а. министиэристибэлэр, управлениелар, тэрилтэлэр салайааччылара, үлэһиттэрэ сырыттылар.


Күүкэй нэһилиэгэр үлэ эбийиэктэри кэрийииттэн саҕаланна. Авдей Федоров 3 мөл. солк. Граҥҥа тиксэн, бу күһүн тиит бурууһунан туттубут хотонун көрүү буолла. Кини нэһилиэк таһыгар, балачча тэйиччи соҕус турар хотонун таһыгар олорор дьиэ туттубут, «Айан-Суол» тэрилтэни кэпсэтэн суол астарбыт. Билигин уопсайа 60-тан тахса сүөһүнү тутан олорор.

Күүкэйдэр күрүөлээһиҥҥэ, саҥа саҕалааччы пиэрмэрдэр Граннарыгар, уот төлөбүрүгэр, уот ситимин саҥардыыга, ууну түһэриигэ ыйытыыларыгар хоруйдары ыллылар. Учуутал Олимпиада Федорова сайыҥҥы уоппускаҕа төлөнөр бырайыас кээмэйэ кырата дьон-сэргэ барыытын-кэлиитин улаханнык атахтыырын эппитигэр, Александр Акимов СӨ үөрэх уонна наука миниистирин солбуйааччы Елена Семеноваҕа туһаайан: «Сунтаар ыраах сытар улуус. Сөмөлүөтүнэн кэлэ-бара бырайыас сыаната ыарахан. Ол иһин дьон сиринэн сылдьарга күһэллэр. Сынньана баралларыгар улахан кыһалҕаны көрсөллөр. Оттон учууталлар сайын сынньаныахтаахтар», – диэн этэн туран бу боппуруоһу быһааралларыгар көрдөстө. Маны сэргэ, дьон-сэргэ Кутана балыыһатыгар сытан эмтэнэргэ миэстэни элбэтэри туруорустулар, «Бүлүү» федеральнай суол тупсубутун бэлиэтээтилэр. Түмүккэ Бырабыыталыстыба үлэтин биһирииллэрин биллэр-дилэр.

Кутана нэһилиэгэр бэтэринээрдэр оҥорор сүрүн өҥөлөрүгэр, от үлэтин кэмигэр уматык бары көрүҥнэригэр 50% чэпчэтиигэ, Сунтаарга «Россельхозбаан» филиалын хос арыйарга, ходуһалары, мэччирэҥ сирдэри өттүүрү көҥүллүүргэ, мэччирэҥ сирдэри тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэлэригэр сыһыарарга «Сомоҕо» кэпэрэтииптэн 30-ча киһи илии баттааһыннаах көрдөһүү сурук киирдэ. Биллэн турар, үгүс нэһилиэктэргэ сытыытык турар интэриниэт ситимин боппуруоһа маннык эмиэ күөрэйдэ. Маны сэргэ, аҕыйах сыллааҕыта оптоволокно кэлэр диэн сураҕы бары үөрэ истибиппитин туһунан сурастылар. Онуоха быйыл үлэ иккис аҥара ыытыллар түмүгэр Үөһээ Бүлүү, Бүлүү улуустарыгар холбонуохтааҕын, онтон эһиил түмүктүүр үһүс этап Сунтаар, Ньурба улуустарыгар ыытыллыахтааҕын туһунан этиллэн, сүргэ көтөҕүлүннэ. Кутана нэһилиэгин куратора М.В.Никифоров кылгастык Уһук Илиҥҥи гектар сокуонун хаамыытын туһунан билиһиннэрдэ. Ол кэннэ Кутанаҕа тутуллуохтаах заправканы эттэ. «Саханефтегазсбыт» тэрилтэ билигин заправка туруохтаах сирин ойуур пуондатыттан бырамыысыланнай сирдэр категорияларыгар көһөттөрөргө докумуонун толорсо сылдьар, онон үлэ барар диэн буолла.

Элгээйигэ аҕыйах киһи кэлбит. Кинилэр аан бастакынан: «СӨ Ил Дархана Е.Борисов интервьютугар 80 саастарын ааспыт кырдьаҕастар дьиэлэрин өрөмүөннэрин ороскуота 100% компенсацияланар диэн этэн аһарбыта быһаарыллыбыт дьыала дуу, суох дуу?”, — диэн ыйыталастылар. Ол эрээри, бу ыйытыыга улуус да, Бырабыыталыстыба да өттүттэн чуолкай хоруй суох буолан сонньутта. Петр Николаевич эбии чуолкайдаһан баран, суругунан хоруйдаан ыытыах буолан эрэннэрдэ. Салгыы уот ситимин өрөмүөнүн, Уһук Илиҥҥи гектар туһунан ыйытыылар киирдилэр. Элгээйилэр Айылҕа мусуойун, Дьокуускайга С.Зверев-Кыыл Уолун аатынан судаарыстыбаннай үҥкүү тыйаатырын дьиэлэрин тутары туруорустулар.