Хаҥаласка Сылгыһыт күнүн алгыһынан, оһуохайынан көрүстүлэр

170

Кулун тутар ый Айыы үөрэҕинэн Дьөһөгөй ыйа. Быйыл Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн Сылгыһыт күнэ бэрт тэрээһиннээхтик ааста. Кэнники кэмҥэ бырабыыталыстыбабыт тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар сүрүн болҕомтону уурар буолла.


Арассыыйа үрдүнэн биллэр Улахан-Аан «Бөртө» сылгы собуота Ил Дархаммыт Егор Борисов олохтообут 1 000 000 солк. бирииһин үөрүүлээх быһыыга туттаран биһиги хаҥаластар сүргэбит көтөҕүлүннэ.

Бу ыйы биһиги саха омуга буоларбыт быһыытынан улахан суолтаны ууран көрсүөхтээхпит, тоҕо диэтэххэ Айыы үөрэҕэ этэринэн, саханы саха оҥорон сандаарпыт, киһини киһи оҥорон килэппит Күн Дьөһөгөй Айыыбыт буолар.

Биһиги бу ытык таҥарабытын ытыктаан, кулун тутар 21 чыыһылатыгар Саха айыллыытын күнүн, быйыл эмиэ үтүө үгэскэ кубулуйбут оһуокай киэһэбитин Саввинов А.В.- Алгыстаах Өлөксөөн кэлэн ситэрдэ. Кини Айыы үөрэҕин, саҥа кинигэ тахсыбытын туһунан сырдатта. Олус бэртээхэй, сүрү күүһүрдэр алгыһын оҥорон, кымыс үрдүн охторон, биэ кымыһын амсайан, сүрбүт көтөҕүллэн, санаабыт сырдаабыкка дылы буолла.

Сиэри-туому ситэрэн баран, Нөмүгү нэһилиэгин «Тирэх» бэтэрээннэр фольклорнай түмсүүлэрэ түөлбэ оһуокайдьыттарын билиһиннэрдилэр уонна оһуокайдарын көрдөрдүлэр. Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон астынан-дуоһуйан тарҕастылар. Кэлэр ыйбыт Айыы үөрэҕинэн таптал таҥарата буолбут Айыыһыт Хотун ыйа. Онон Арчыбыт дьиэтигэр 17 саастарын туолбут оҕолорго уонна оҕолонуон баҕалаах дьиэ кэргэттэргэ туомнар оҥоһуллуохтара.