Нам улууһун Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэр «Озернай» кыбаарталга “Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору дьиэнэн хааччыйыы” республикатааҕы программа чэрчитинэ тутуллубут 14 дьиэ күлүүһүн тустаахтарга туттардылар.
13-16 суотай уһаайбалаах, толору хааччыллыылаах, 48 кв.м. иэннээх, дьиэлэри «Диамантер» ХЭТ бэдэрээтчиктээн (ген. дир. А.Т. Захаров) туппут.
Бу дьиэлэри тутууга 2017 сылга 22 мөл. 402 тыһ. 872 солк. көрүллэн, оҕолорго үтүө бэлэх буолла. Иэримэ дьиэ аһыллыытын үөрүүлээх түгэнигэр үтүө үгэһинэн аал уоту оттон, сахалыы сиэринэн-туомунан, оҕолор этэҥҥэ олороллоругар үрдүк айыыларга алгысчыт Петр Охлопков сүгүрүйдэ.
Саҥа дьиэлэр аһыллыыларын бэлиэтиир аалай кыһыл лиэнтэни Нам улууһун баһылыгын тутууга уонна олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатыгар солбуйааччы Степан Матвеев, опека уонна попечительство отделын салайааччытын э.т. Анастасия Сивцева, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Юрий Слепцов, «Диамантер» ХЭТ генеральнай директора Альберт Захаров уонна саҥа дьиэ хаһаайына Олег Стручков быстылар.
Оҕолор дьиэлэрэ куруутун сылаас, сырдык буоларыгар, көрөн-харайан олороллоругар, уһаайбаларыгар оҕуруот аһын олордоллоругар, иллээх буолалларыгар баҕаран туран, улуус баһылыгын солбуйааччы Степан Степанович Матвеев оҕолорго күлүүстэри туттарда. Дьиэлэри ылбыт оҕолор ааттарыттан Люба Попова Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатыгар, улуус дьаһалтатыгар, опека уонна попечительство отделыгар, дьиэни туппут тэрилтэҕэ, Хатыҥ Арыы баһылыгар ис сүрэхтэрин махтаналларын биллэрдэ. «Озернай» кварталга бу 14 дьиэни Хатыҥ Арыыттан, Намтан, Хамаҕаттаттан, Түбэттэн, Таастаахтан, Искраттан, 2 Хомустаахтан төрүттээх оҕолор ыллылар. Онон бу нэһилиэктэр баһылыктара оҕолор үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэстэн бэйэлэрин эҕэрдэлэрин эттилэр уонна сэмэй бэлэхтэри туттардылар.
Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Аппаанытыгар «Тыа сирин бигэ туруктаахтык сайыннарыы» диэн федеральнай программа чэрчитинэн «Озернай» квартал тэриллибитэ. Бу тус сыаллаах федеральнай программанан 455 учаастак түҥэтиллэн, саҥа дьиэлэр дьэндэһэн көрүөхтэн үчүгэй кыбаартал буолан турар. Онтон 21 учаастак тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолорго анаммыт. Озернайга уот, күөх төлөн, сайыҥҥы уу ситимэ тардыллан, инженернэй инфраструктура толору оҥоһуллан турар, онон оҕолор олороллоругар толору усулуобуйа баар буолла. Аны сайын бу кварталга эбии сэттэ оҕоҕо дьиэ күлүүһүн туттарыахтара.