Хонуу сэлиэнньэтигэр федеральнай бырагыраама өссө биир дьиэтэ дьэндэйдэ

261

Бу күннэргэ Муомаҕа Хонуу сэлиэнньэтин килбэйэр киинигэр үс этээстээх 28 кыбартыыралаах саҥа дьиэ үлэҕэ киирэр үөрүүлээх түгэнэ тосхойдо. Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү федеральнай бырагыраама улууска 2014 сылтан үлэлиир. 


М.Ф. Охлопков салайааччылаах “Адгезия” ХЭТ 2013 сылтан саҕалаан туппут үс этээстээх толору хааччыллыылаах 24 кыбартыыралаах дьиэтэ 2014 сылга олоххо киирбитэ. Нөҥүө сылыгар ити тутуу тэрилтэтэ аны 22 кыбартыыралаах дьиэни тутан киллэрбитэ. Иккис дьиэ уратытынан бары кыбартыыралар балконнаахтара.

2016 сылтан бу бырагыраамаҕа А.М. Ханин салайааччылаах «Монтажник» МП тэрилтэтэ ылсан үлэлэһэр. 2017 сыллаахха 36 кыбартыыралаах үс этээстээх дьиэ дьэндэйбитэ. Дьиэ толору хааччыллыылаах, балконнардаах уонна улахан, киэҥ холлаах тутуллубута.

Билигин сыл саҥатыгар үлэҕэ киирэр дьиэ тутуута ыам ыйыттан саҕаламмыта. Дьиэ чэпчэки ыстаал конструкциянан таҥыллыбыт уонна истиэнэтэ аныгылыы «сэндвич» диэн ааттанар панельнай матырыйаалынан оҥоһуллубут. Тутуу барыта 118,5 мөл.солк. харчыга тэҥнэһэр. Сылын аайы киирэр дьиэлэр тутуулара, үөһэ этиллибитин курдук, тупсарыллан, киэркэйэн иһэллэр. Быйылгы дьиэ олохтоохторо Дьокуускай куорат курдук домофоннаахтар, дьиэҕэ киирии-тахсыы бэрээдэктээх буолуоҕа. Бу туһунан дьиэлээхтэргэ күлүүһү туттарыы үөрүүлээх түгэнигэр баһылык Петр Черемкин бэлиэтээтэ. Петр Николаевич хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан тутуу манан тохтоон хаалбатын, сааскы ыйдарга улуус дьаһалтатын тутууга уонна архитектураҕа кылаабынай специалиһа Ирина Соркомова Москуба куоракка кэлэр өттүгэр барыахтаах үлэни ситиһиилээхтик көмүскээн кэлэригэр эрэнэрин иһитиннэрдэ. Онон 2019-2020 сылларга саҥа дьиэлэр салгыы тутуллуохтара.

Өр сылларга эргэ хаарбах дьиэлэргэ олорбут дьон саҥа дьиэҕэ киирэр үөрүүлэрин мустубут дьон тэҥҥэ үллэһиннилэр, саҥа дьиэ аһыллыытын сиэрин-туомун СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Ирина Николаевна Слепцова ыытта, аал уоту оттон арчылаата, арыылаах алаадьынан күндүлээтэ, сылгы сиэлинэн сыт таһаарда, дьиэлээхтэргэ саҥа тутуу үйэлээх буоларыгар алҕаата. Салгыы кини бары мустубут дьону олунньу ый саҕаламмытынан, саха итэҕэлинэн Одун Хаан ыйынан алгыс тылы иҥэрэр сиэри-туому оҥордо.

Саҥа дьиэҕэ көһөн киирэр дьон аатыттан Х.П. Кривошапкина тутааччыларга, оройуон, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар махтал тылларын эттэ. Кини дойду Правительствота дьон туһугар кыһамньытын чопчулаан бэлиэтээтэ. Саҥа дьиэ олохтоохторугар «Дьиэбитин бары кыһанан тутуохпут, сырдык-ыраас, аныгылыы тутуулаах дьиэҕэ киирэрбититтэн улаханнык үөрэбит, саҥа дьиэбит дьол уйата буолуохтун», – диэн санаатын тиэртэ. Саҥа дьиэҕэ киириэхтээх дьон кыттыһан үөрүүлэрин биллэрдилэр.

Аны аҕыйах хонугунан өссө маннык толору хааччыллыылаах үс этээстээх дьиэ олоххо киирэрин атын көһөөччүлэр долгуйа кэтэһэллэр.

Мустубут дьоҥҥо улуус баһылыга П. Н. Черемкин, Муома национальнай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга А. В. Андреев, дьиэни тутууга үлэлэспит прораб С. П. Эляков саҥа дьиэ үлэҕэ киирбитинэн истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.