Хонууга көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга бастыҥнары быһаардылар

248

Кулун тутар саҥатыгар Хонууга оскуола үөрэнээччилэригэр көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга күрэхтэһии буолан ааста. Манна эдэр бөҕөстөр түөрт бөлөҕүнэн арахсан туһуннулар: 2008-2009, 2006-2007, 2003-2005, 1999-2002 сыллаах төрүөхтэр.


Ордук көхтөөхтүк Индигир орто оскуолата (11 кыттааччы), Муома орто оскуолата (40 кыт.), Муома начальнай (24 кыттааччы) уонна Соболоох орто оскуолата (7у кыт.) кыттыыны ыллылар. Бу күрэхтэһиигэ уопсайа 82 үөрэнээччи туһунна.

Саастарынан көрөн 2008-2009 с.т.: 24 кг диэри ыйааһыҥҥа 1 м. Черов Антон (ИОО), 2 м. Ильин Ярик (МНО), 3 м Атласов Петя (МНО) буоллулар. 29 кг – 1 м. Стручков Мичил (МНО), 2 м. Саввинов Сережа (МНО), 3 м. Никулин Андрей (МНО), 29 кг үөһэ – 1 м. Слепцов Тимур (МНО), 2 м. Корякин Павел (МНО), 3 м. Жирков Мирик (МНО).

2006-2007 с.т.: 30 кг диэри – 1 м. Ильин Андрей (МНО), 2 м. Ильин Вова (МНО), 3 м. Уваровский Слава (СОО), 35 кг – 1 м. Корякина Маша (ИОО), 2 м. Жирков Алеша (МНО), 3 м. Соломов Ваня (ИОО), 35 кг үөһэ – 1 м. Соломатин Яша (МНО), 2 м. Атласов Айдын (ИОО), 3 м. Терехов Дьулус (МНО).

2003-2005 с.т.: 32 кг диэри – 1 м. Ильин Сахамин (МНО), 2 м. Жиркова Айана (МНО), 3 м. Бережнов Андрей (МНО), 35 кг – 1 м. Старков Айан (МОО), 2 м. Слепцов Афоня (ИОО), 3 м. Атласов Яша (МОО), 38 кг – 1 м. Слепцов Кирилл (МОО), 2 м. Терешкин Алик (ИОО), 3 м. Слепцова Люда (МОО), 42 кг – 1 м. Атласов Ян (МОО), 2 м. Никулин Саша (МОО), 3 м. Слепцова Наташа (МОО), 50 кг – 1 м. Корякин Сулус (ИОО), 2 м. Колесов Олимпий (МОО), 3 м. Ильина Аня (МОО), 50 кг үөһэ – 1 м. Слепцов Кеша (МОО), 2 м. Сандуев Илья (МОО), 3 м. Ефимов Костя (МОО).

1999-2002 с.т.: 42 кг диэри – 1 м. Винокуров Мичил (МОО), 2 м. Андросов Андриан (ИОО), 50 кг диэри – 1 м. Слепцов Коля (МОО), 2 м. Соркомов Коля (МОО), 3 м. Слепцов Прокопий (МОО), 54 кг – 1 м. Аввакумов Женя (МОО), 2 м. Алексеев Павел (МОО), 3 м. Стародубов Сергей (МОО), 58 кг – 1 м. Семенов Ньургустаан (МОО), 2 м. Слепцов Артем (МОО), 3 м. Корякин Илья (МОО), 65 кг – 1 м. Слепцов Ян (МОО), 2 м. Никулин Игнат (ИОО), 3 м. Стручков Алеша (СОО), 65 кг диэри – 1 м. Бакуров Дима (МОО), 2 м. Слепцов Ян (МОО), 3 м. Ефимов Пана (МОО).

Көҥүл тустууну сэргэ хапсаҕайга куоталаһыы ыытылынна. Манна 1999-2001 с.т.: 50 кг диэри – 1 м. Слепцов Коля (МОО), 2 м. Аввакумов Женя (МОО), 3 м. Слепцов Проня (МОО), 55 кг – 1 м. Слепцов Артем (МОО), 2 м. Алексеев Павел (МОО), 3 м. Корякин Илья (ИОО), 62 кг – 1 м. Никулин Игнат (ИОО), 2 м. Стручков Алеша (СОО), 3 м. Семенов Ньургустаан (МОО), 80 кг үөһэ –1 м. Слепцов Ян (МОО), 2 м. Бакуров Дима (МОО), 3 м. Ефимов Пана (МОО) буоллулар.

Күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан оҕо спортивнай оскуолатын тренерэ С.П. Соркомов уонна кылаабынай сэкирэтээринэн Муома орто оскуолатын учуутала Р.Е. Слепцов үлэлээтилэр. Бу спортивнай түһүлгэни тэрийээччилэр эдэр спортсменнар уонна тренердэр ааттарыттан күрэхтэһиигэ көмөлөспүт, спонсордаабыт Муома оройуонун баһылыгар П.Н. Черемкиҥҥа, ыччат уонна спорт оройуоннааҕы отделын сүрүннүүр специалиһыгар В.А. Тарабукиҥҥа, начальнай оскуола директорыгар М.П. Михалеваҕа уонна кылаастар салайаачыларыгар истиҥник махтаннылар.