«Кэбээйи балыга» уопсастыба олохтоох бородууксуйаны дэлэтиэ

192

Былырыын Кэбээйи улууһугар “Кэбээйи балыга” ХЭУо диэн балыктан араас бородууксуйалары оҥорон таһаарар саҥа тэрилтэ үлэтин саҕалаабыта. Тэрилтэ СӨ Урбааҥҥа уонна инновационнай сайдыыга министиэристибэтигэр киллэрбит бизнес-былаанын быһыытынан, Саха сирин 50 бастыҥ оҥорон таһаарааччыларын истэригэр киирбитэ.


Олохтоох хаһыат корресподена тэрилтэ генеральнай дириэктэрин Галина Куприяновна Лебедеваны кытта кэпсэттэ.

Т.В.: — Сангаарга база туттар былааннааххытын истибитим. Ити ханан хаһан баар буолуоҕай?

Г.Л.: — СӨ Урбаан уонна инновационнай сайдыы министиэрстибэтин өйөөһүнүнэн тутуохтаахпыт. Турар сирин Кочнев уул. 8 №-дээх дьиэтин территориятыгар оҥоттордум, онно эргэ дьиэтин арендалаан өрөмүөннэтиэхтээхпин. Билигин СӨ Арктика дьыалаларыгар Государственнай кэмитиэтин нөҥүө күөллэргэ квота ыламмын бу сылга дуогабар түһэрсэ сылдьабын. Ол курдук квоталарбын Ньидьили, Лүксүгүн, Лаабыда, Хатарар, аҕыйах кыра күөлгэ уонна Долгая диэн үрэххэ ылан олоробун.

Т.В.: — Нэһилиэнньэ төһө элбэх балыгы эһиги тэрилтэҕитигэр туттарда?

Г.Л.: — Арыктаах олохтоохторо элбэх балыгы туттардылар. Собону 90-120 солк. тута сылдьыбытым. Бу нэһилиэк Дьокуускайтан 370 км. тэйиччи сытар буолан олохтоохторо бэйэлэрэ атыылыы бараллара ыарахаттардаах. Онон биһиэхэ туттараллара табыгастаах. Уопсайа нэһилиэктэртэн 10-ча тонна балыгы тутан атыыга таһаардыбыт.

Маны таһынан биһиги элбэхтик спонсордыыбын. Тиийиммэт-түгэммэт ыалларга балык босхо түҥэтэбин, улууска ыытыллар тэрээһиннэргэ бириис атыылаһан бэлэмнииибин.

Т.В.: — Былырыын Дьокуускайга быыстапка-дьаарбаҥкаларга кыттан «Кэбээйи балыга» ХЭУо диэн элбэхтик ааттаттыгыт. Дьон төһө билэн эрэрий эһиги бородууксуйаҕытын?

Г.Л.: — Төлөпүөннүүллэр, ыйыталаһаллар уонна сакаастыыллар. Кимтэн да куһаҕан тыллары истэ иликпин. Онон атылаһааччыларбар махтанабын, кинилэр бэйэлэрин иһирэх баҕа санааларын биһиги аадырыспытыгар этинэллэриттэн. Былырыын биһиги наар реклама өттүгэр үлэлии сатаатыбыт. СӨ урбаанньыттарын өйүүр киин көмөтүнэн 100 тыһ. солк. ыламмыт логотип бэлэмнээтибит, фирменнай пакеттары, баннердары, атыыһыттар таҥастарын оҥоттордубут.

Т.В.: — Маны таһынан эһиги уопут атастаһарга эмиэ үлэлэһэргитин билэбит. СӨ Урбааҥҥа уонна инновационнай сайдыыга министиэристибэтин аатыттан Санкт-Петербурга ыытыллыбыт Арассыыйатааҕы оҥорон таһаараачччылар семинардарыгар кыттыбыккыт. Ол туһунан кыратык сырдатыаҥ дуо?

Г.Л.: — Былырыын ахсынньыга Санкт-Петербурга ыытыллыбыт «Саха сирин күннэригэр» урбаанньыттартан 12 киһи буолан баран кэлбиппит. Оҥорон таһаарарынан дьарыктанар дьону кытта көрсөн, билсиһэн төгүрүк остуолларга, маастар-кылаастарга, быыстапкаларга сылдьан улахан тэрилтэлэр үлэлэрин көрдүбүт. Миигин кытта тэҥҥэ сылдьыбыт урбаанньыттарым СӨ биллэр тэрилтэлэр салайааччылара. Онон кинилэри кытта бу күннэр усталара алтыһаммын олус элбэх саҥаны биллим, уопутурдум.

Өссө Новосибирскайга ыытыллыбыт быыстапка-дьаарбаҥкаҕа сылдьан балыктан ас-үөл оҥорон таһаарааччы тэрилтэлэр салайааччыларын кытта билистим. Онно Ханты-Мансийскай уокуруктан сылдьар үлэһиттэри кытта кэпсэтэн, тэрилтэ биһиги курдук собо да буоллун, араас балыктан кэнсиэрбэ оҥорон таһаараллар эбит. 1-дии бааҥката 30-45 солк. сыаналаах. Маны таһынан ыыһаммыт балык, дьуухала, эриллибит балык эгэлгэтэ баара.

Онон билигин Сангаарга сыахпытын оҥостон биһиги да үлэлээн барыахпытын наада.

Т.В. Былааннаргытын олоххо киллэрэн, улууспут сайдарыгар, аатын ааттатарга үлэлэһэргитигэр ситиһиилэри, табыллыыны баҕарабыт.