«Куула» көхтөөх уопсастыба кыстыкка киирии түһүлгэтин тэрийдэ

217

Ытык Күөл «Куула» түөлбэтигэр күн ортото оҕо оонньуур площадкатыгар саҥа үөрэх дьыла аһыллыытынан, бастакы кылаастарга киирбит үөрэнээччилэри эҕэрдэлээн, түөлбэлэр икки ардыларыгар волейболга табаарыстыы көрсүһүү буолла. Манна оҕолорго араас оонньуулар, түөлбэ олохтоохторун үөрүүлээх тэрээһиннэрэ ыытылыннылар. Көхтөөх дьон үтүө дьыалаҕан кыттыһан үөрдүлэр-көттүлэр.


Оҕолор өссө эрдэттэн сайыны быһа оонньуу үөрүйэхтэринэн хатыыскалыыр сыырдарынан, хачыалларынан, шведскэй кирилиэстэринэн, үөһээ ыттар сеткаларынан, онтон да атын оонньуур сирдэринэн тарҕаһан түөлбэни чаҕаарар саҥаларынан толорон, үөрүүнү үөскэтэн оонньоотулар, күллүлэр-үөрдүлэр. Оттон улахан дьон эмиэ өссө эрдэттэн мустан, бырааһынньык долгунун олохтоон, болдьохтоох кэмҥэ тэрээһин дохсун ытыс тыаһынан, ньиргиэр муусуканан аһылынна.

«Куула» түөлбэ салайааччытынан хаһыс да сылын энтузиаст, эппит тылын хас биирдии киһиэхэ бэркэ ылыннарар, көрү көҕүлүттэн тутар, үлэни да ол тэҥэ үрдүк тэрээһиннээхтик иилээн-саҕалаан ыытар, түөлбэ, бүтүн нэһилиэк олохтоохторун ытыктабылынан туһанар Агафья Михайловна Савватеева үлэлиир. Бу да тэрээһини дьону бэркэ түмэн тэрийдэ. Ол курдук, бары тэрээһиннэргэ куруутун кыттар, дьон туһугар кыһаллар тыыл, үлэ бэтэрээнэ Семен Иванович Большаков, түөлбэҕэ олохтоох норуот депутата Е.Е.Ноенохов, спорт уонна физкультура салалтатын начальнига Г.Г.Вырдылин, социальнай харалта начальнига М.П.Тарасов, культура уонна духовнай сайдыы салалтатын начальнига А.П.Лопатин, кырдьаҕас олохтоохтор Е.М.Михайлова, М.Д.Матаннанова, С.И.Винокурова, Р.Е.Терякова, Т.Т.Ширяева, Л.Н.Аржакова, Д.В.Попова, Т.А.Насыпайко, ГЕ Можарова, кэргэннии Анна Юрьевна уонна Афанасий Николаевич Поповтар, В.М.Макаров, А.Е.Ноенохов, Г.Г.Савватеев, Е.И.Огонерова, В.В.Софронов, А.Р.Старостина, Р.Н.Попова, Е.П.Туласынова, А.М.Мурунов, М.Григорьева, И.И.Бояров о.д.а. улахан көмөнү оҥордулар.

Түөлбэ үөрүүлээх тэрээһинигэр «Таатта улууһа» МО баһылыга М.М.Соров, баһылык солбуйааччылара И.А.Сивцева, И.И.Потапов, улуус депутаттарын Мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ В.А.Охотин, «Тааттыныскай нэһилиэк» МТ баһылыга Е.И.Павлов эҕэрдэлии кэлбиттэр.

Михаил Михайлович «Куула» түөлбэ араас үлэҕэ, көргө-нарга, спортка да барытыгар көхтөөх түөлбэ буоларгытын билэбит-көрөбүт, атыттарга холобур туттабыт диэн бэлиэтээтэ. «Куулалар билигин улууска түөлбэнэн тэринэн кииннэммит ититиниигэ киирэн эрэргит атыттарга барыларыгар бастыҥ уопут буолар. Агафья Михайловна, түөлбэ актыбыыстара чахчы дьон туһугар кыһаллалларын илэ харахпытынан көрдүбүт. Бүгүн эһиги түөлбэттэн бастакы кылааска аан бастаан киирбит үөрэнээччилэри, түөлбэ салайааччытын Агафья Михайловнаны ис сүрэхпититтэн махтанан туран эҕэрдэлиибит. Бу курдук олохторун ис хоһоонун тупсаран, дьону-сэргэни үөрдэн, түмэн сылдьаргытыгар баҕарабыт. Саҕалаабыккыт, билиҥҥи үлэҕит өссө тубустун, кэҥээтин», — диэтэ баһылык.

Валентин Андреевич эҕэрдэтигэр дьону-сэргэни түөлбэ киинигэр түмэн ыытыллар маннык хамсааһын, тэрээһин ханна да ыытылла илик диэн бэлиэтии көрөрүн, түөлбэ олохтоохторо түмсүүлээхтэрин, оҕо площадката куруутун элбэх оҕону түмэ турарыгар, төрөппүттэр, улахан дьон ону өйөөн сылдьалларыгар баҕарарын иһитиннэрдэ.

Егор Иннокентьевич этиитигэр Агафья Михайловна Ытык Күөл биир кырдьаҕас түөлбэтигэр олорор ытык ыаллар үтүө холобурдарыгар элбэх эдэр ыал, дьиэ кэргэттэр олохсуйууларыттан түөлбэ киэҥээн иһэрин астына бэлиэтээтэ. Түөлбэҕэ Тимофеевтар, Парфеновтар ыччаттара нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйыыга үлэлэһэн, анал аппаратура атыылаһан, үлэлэрин саҕалаан эрэллэрин илэ көрөн, билсэн, бу түөлбэ чахчы да инникилээн иһэр толкуйдаах, үтүөкэн өйдөөх-санаалаах дьонноох буоларын тоһоҕолоон эттэ. Маны сэргэ оскуолаҕа саҥа киирбит оҕолору, кинилэр төрөппүттэрин саҥа үөрэх дьыла аһыллыбытынан ситиһиилээх үөрэҕи, чэгиэн, этэҥҥэ буолууну баҕарда.

Агафья Михайловна көмүс күһүн тиийэн кэлбитинэн, үөрэх дьыла саҕаламмытынан, бэртээхэй күһүҥҥү күннэринэн эҕэрдэлээн туран үөһэ ааттаммыт түөлбэ олохтоохторугар, куруутун күүс-көмө буолар дьонноругар барҕа махталын дьоннорун-сэргэлэрин ортолоругар тиэртэ. «Куула» түөлбэ театрга бастакынан кэнсиэрдээбитэ. Ол харчытынан оҥоһуллубут икки миэстэлээх хачыалга күн бүгүн түөлбэ оҕолоро күн аайы дуоһуйа оонньуулларыттан үөрэрин, үлэтин түмүгэ таах хаалбатаҕыттан көмө буолар дьонугар махтанарын биллэрдэ.

Алеша Ефимов, Никита Максимов, Ксюша Миронова, Арианна Григорьева, Василена Аргунова, Туйаара Платонова, Нария Арылахова, Сандаара Тарабукина, Витя Неустроев оскуолаҕа бастаан киирбиттэринэн улуус салалтатыттан, түөлбэҕэ олорор спонсордартан бэртээхэй эҕэрдэлэри, сэмэй бэлэхтэри тутан үөрүүлэрэ-көтүүлэрэ улаатта.

Бүгүҥҥү улахан көхтөөх тэрээһининэн Ытык Күөл түөрт түөлбэтиттэн биирдии хамаанда волейболга күөн көрсүһүүлэрэ буолла. Улахан киирсии түмүгэр бастакы миэстэни «Хотулар» (салайааччы О.А.Данилова), иккиһи «Куулалар», үсүһү «Аартыктар» (хамаанда салайааччыта И.И.Потапов), төрдүһү «Сайдамнар» ыланнар уруйданнылар, айхалланнылар. Оҕолорго араас оонньуулар ыытылыннылар, элбэх бириистэр туттарылыннылар.

Бу курдук Ытык Күөл куулатыгар үлэни, спорду, көхтөөх сынньалаҥы сатаан дьүөрэлиир дьон олохторун саҥалыы тыынныыллар, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээхтик хардыылыыллар.