Кэбээйи улууһун олохтооҕо Иван Кононов сылгы иитиитинэн дьарыктанар сыаллаах аймахтарын уонна бэйэтэ иитэн турар сылгыларын түмэн, 2009 сыллаахха “Маарымчы” кэпэрэтиип тэриммиттэ. Онон Мастаах нэһилиэгэр өссө биир тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэрилтэ баар буолбута.
Бу күнтэн ыла хаһаайыстыба бэрэсэдээтэлэ Иван Кононов санаата көнньүөрэн хаһаайыстыбатын кэҥэтэн, кыһыҥҥы өттүгэр сылгыларын көһөрө сылдьан аһатарга анаан үүчээн туттан, күрүө-хаһаа оҥостон тигинэччи үлэлээн барбыта. Хаһаайыстыбата 30-н тахса килимиэтирдээх Маарымчыга баар.
“Тыа хаһаайыстыбатын салаатынан граннарга киирсэн көрүтэлээбитим да, кыайан ылбатаҕым. Онтон 2017 сыллаахха Ил Дархан Е.А.Борисов сылгы баазатын туттарбар анаан 1 мөлүйүөнү анаабыта. Дьэ, ол харчыбынан 100 миэстэлээх базаны Маарымчыга Туора учаастагар тутуннум. Билигин онтукпар кыстаан турабыт. 82 төбө сылгылаахпын. Үлэбэр-хамнаспар аймахтарым көмөлөһөллөр. Билигин базаҕа быраатым баар. Саас төрүөх элбээтэҕинэ хаһыа да буолан сылдьабыт. Үлэһиттэрбэр идэһэ буоллаҕына төлөһөбүн”, — диир салайааччы.
Иван Иванович этэринэн, сайыҥҥы өттүгэр оту кыайа оттууллар. Кыһыны 120 тонна отунан туорууллар. Өссө быйыл 20 тонна оту атыылаабыт.
“Хаан уларытаарыбын Бүлүү Тыымпытын племенной хаһаайыстыбаттан уонна бэйэбит улууспут Арыттааҕыттан убаһалары атыыласпытым. Кыһыҥҥы өттүгэр көһөрө сылдьан хастаран аһатар учаастактардаахпын. Онно дьиэлээхпит-уоттаахпыт, күрүө-хаһаа да баар”, — диир хаһаайыстыба бэрэсэдээтэлэ.
Иван Иванович техниката эргэрбитин бэлиэтиир. Билиҥҥи туругунан 50-ча тонна от сиргэ турар эбит. МТЗ трактор сайыҥҥы өттүгэр кыайа-хото сүүрэр буолан, айгыраан да бүппүт. Саппаас чаас булунарга ыарахаттардааҕын туһунан сэһэргэһээччим этэр. Онон улуус тыатын хаһаайыстыбатын өттүттэн өйөбүл баара буоллар сылгытын ахсаанын өссө элбэтэн, 100-чэкэҕэ тиэрдэр санаалааҕын эттэ.
Хаһаайыстыба сылын аайы сылгытын ахсаанын эбэн иһэр. Онон өссө кэҥээн үлэ миэстэтин да таһаарыа, нэһилиэккэ эт аһы да кыайа-хото атыылыа эбит диэн санааҕа кэллим.