Майаҕа 240 миэстэлээх «Кэнчээри» оҕо саада аһылынна

153

Ахсынньы 22 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр 240 миэстэлээх үс мэндиэмэннээх «Кэнчээри» оҕо саадын үөрүүлээх аһыллыыта буолла.


Саҥа оҕо саадыгар Майаҕа үлэлии-хамсыы олорбут икки: «Кэнчээри» уонна «Кустук» оҕо саадын үлэһиттэрэ ыалдьыттары үөрэ көрүстүлэр. Уһуйаан символическэй күлүүһүн «Мегинострой» тутуу тэрилтэтин салайааччыта Николай Докторов сэбиэдиссэй Екатерина Романоваҕа туттарда. Аалай лиэнтэни быһарга улуус баһылыга Николай Старостин, СӨ Инвестицияҕа сайдыытыгар уонна предпринимательствоҕа миниистирэ Антон Сафронов, «Алмазэкргиэнбаан» АКБ бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Светлана Платонова, «Майа сэлиэнньэтэ» МТ баһылыга Дмитрий Тихонов уонна улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Ирина Черкашина ыҥырылыннылар.

Киэҥ-куоҥ, сырдык, сылаас, аныгылыы тииптээх оҕо саадын улуус уонна Хорообут нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Александр Андреев арчылаата, аал уоту оттон алгыстаан амалыйда.

Улуус баһылыга Николай Старостин: «Алмазэргиэнбаан» оҕо саадын тутууга өйүүр судаарыстыбаннай чааһынай бииргэ үлэлээһин бырагыраамата олоххо киирэн, «Мегинострой» тэрилтэ тутааччылара бэртээхэй оҕо саадын Майа олохтоохторугар бэлэхтээтилэр. Салгыы 2018 сыл кулун тутар ыйыгар Аллараа Бэстээххэ 240 уонна атырдьах ыйыгар Төҥүлүгэ 140 миэстэлэрдээх уһуйааннар аһыллыахтара», ‒ диэтэ итиэннэ «Кэнчээри» оҕо саадын кэлэктиибигэр муусука киинин ылыыга сэртипикээти, «СӨ Бочуоттаах тутааччыта» аат бэлиэтин «Мегинострой» тэрилтэ ыстаарсай прорабыгар Алексей Захаровка, оҕо саадын тутуутугар сүҥкэн кылааттарын киллэрсибит үлэһиттэргэ Грамоталары, Махтал суруктары туттартаата.

«Судаарыстыбаннай чааһынай бииргэ үлэлээһин бырагырааматын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ 16 эбийиэк үлэҕэ киллэриллиэхтээҕиттэн, 2017 сылга сэттэ уонна үүнэр сылга тоҕус тутуу былааннанар. Бу 16 тутууттан үһэ Мэҥэ Хаҥаласка баар. Ити улуус салалтата үчүгэй үлэлээҕин туоһулуур. Инникитин биһиги аны туризм, предпринимательство боппуруостарыгар эһигини кытта бииргэ өссө дьаныардаахтык үлэлиэхпит диэн эрэннэрэбит», ‒ диэн СӨ Инвестицияҕа сайдыытыгар уонна предпринимательствоҕа миниистирэ Антон Сафронов эттэ уонна «СӨ Аччыгый, орто биисинэс сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэни «Мегинострой» тэрилтэ салайааччытыгар, билигин улуус баһылыгын солбуйааччытыгар Александр Тарасовка, уо.д.а. Махтал суруктары туттартаата.

СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин солбуйааччы Феодосия Габышева дойду үрдүнэн ыытыллыбыт кэмпириэнсийэ түмүгүнэн оҕо саадыгар аны оҕолору 1,5 саастарыттан ылар буолуохтаахтарын туһунан иһитиннэрдэ, оҕо тэрилтэтин дизайныгар майалар биир бастакы хараҥаччыларынан буолаллар диэн бэлиэтээтэ уонна саҥа уһуйаан сайда, чэчирии турарыгар баҕа санаатын эттэ. «СӨ Үөрэҕирии тиһигэр Бочуоттаах бэтэрээнэ» ааты Татьяна Попова сүктэ, элбэх үлэһит Грамоталарынан, Махтал суруктарынан бэлиэтэннилэр.

Оҕо саадыгар киирбит малааһын бырааһынньыгын кырачаан иитиллээччилэр ырыаларынан, үҥкүүлэринэн киэргэттилэр.