Мэҥэ Хаҥалас улууһугар мустан чөл олох туһунан кэпсэттилэр

172

«Чөл сэлиэнньэттэн ‒ чөл өрөспүүбүлүкэҕэ» диэн дэбиистээх өрөспүүбүлүкэтээҕи чөл олох пуорума Д.Ф.Ходулов аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр чөл олох хамсааһын тэриллибитэ 45 уонна РФ үтүөлээх учуутала, Дьабыыл сэлиэнньэтээҕи сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, чөл олох хамсааһынын бастакынан тарҕатааччы Иннокентий Сергучев төрөөбүтэ 85 сылларыгар ананан ыытылынна.


Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтата, улуустааҕы үөрэх управлениета уонна «Кэскил» доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору сайыннарар киин көҕүлээн тэрийбит пуорумнарыгар араас улуустартан Ньурбаттан, Сунтаартан, Тааттаттан, Горнайтан, Амматтан, Булунтан, Эбээн Бытантайтан, Кэбээйиттэн, Хаҥаластан, Сахалин уобалаһыттан, Нижний Новгород куораттан 370-чэ киһи кытынна.

Кэлбит ыалдьыттары аал уоту оттон алгыстаан арчылаатылар. Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар СӨ аһыы утаҕы атыылааһыны хонтуруоллуур судаарыстыбаннай управление салайааччыта Матвей Лыткин, норуоттар икки ардыларынааҕы чөл буолуу академиятын вице ‒ бэрэсидьиэнэ, академик Карл Башарин, М.К.Аммосов аатынан саха филологиятын бэрэпиэссэрэ Зоя Башарина, СӨ Ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар министиэристибэ миниистирин солбуйааччы Савва Михайлов, өрөспүүбүлүкэтээҕи наркологическай диспансер поликлиникатын сэбиэдиссэйэ Серафима Васильева, Иннокентий Егорович төрөппүт кыыһа, РФ уопсай үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитэ Анна Сергучева уонна Сахалин уобалаһын успуорка, туризмҥа уонна ыччат бэлиитикэтигэр министиэристибэ референэ Евгения Карленкова ыалдьыттаатылар.

Улуус баһылыга Николай Старостин улуус 31 нэһилиэгиттэн 16-тыгар арыгыны атыылыыртан аккаастанан, чөл туруктаах нэһилиэктэр ахсааннарын хаҥаттыбыт диэтэ.

Өрөспүүбүлүкэҕэ арыгыны атыылыырга хааччахтааһын дьаһала тахсыаҕыттан сыллата биирдии миллиард солкуобайынан арыгыны атыылаһыы аччаабытын, 1500 арыгынан эргинэр маҕаһыыннар баар эбит буоллахтарына, билигин 799 маҕаһыын хаалбытын, арыгылааһынтан киһи өлүүтэ аччаабытын, Мэҥэ Хаҥаласка, Үөһээ Бүлүүгэ, Намҥа, Анаабырга, Эбээн-Бытантайга, Абыйга уонна Кэбээйи сорох нэһилиэктэригэр арыгыны атыылыыр бобуллубутун туһунан арыгы атыылааһынын хонтуруруоллуур өрөспүүбүлүкэ управлениетын салайааччы Матвей Лыткин кэпсээтэ. Чөл олоҕу тутуһуу, успуордунан дьарыктаныы кэнники сылларга күүскэ тэнийбитин эттэ. Академик Карл Башарин хас биирдии киһиэхэ «арыгы диэн дьаат» диэн этиини өйдөтөргө кыһаллыаҕыҥ, оҕо тэрилтэлэригэр үлэлээччилэр, быраастар, салайар үлэҕэ сылдьааччылар бука бары арыгыны испэт буоллахтарына эрэ атыттар арыгыга чугаһыахтара суоҕа диэтэ кини.

Миниистири солбуйааччы Савва Михайлов атын эрэгийиэннэр Саха өрөспүүбүлүкэтэ чөл олоҕу тутуһууга инники хардыылаан иһэрбитигэр олуһун ымсыыраллар, сүбэлэтэллэр, уопуппутун үллэстиигэ көрдөһөллөр диэн иһитиннэрдэ. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ 400-тэн тахса нэһилиэк баар буоллаҕына, 171 нэһилиэгэ арыгыттан олоччу аккаастанна. Ити үтүө түмүктэрин көдьүүһэ биир уонча сылынан арылхайдык көстүөҕэ диэн түмүктээтэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи наркологическай диспансер сэбиэдиссэйэ учуокка 22 тыһыынча 319 ыарыһах ылыллыбытын эттэ. Мэҥэ Хаҥалас элбэх нэһилиэнньэлээх улуус буоларынан, учуокка турааччытын ахсаана атыттары кытта тэҥнээтэххэ, элбэх. Ити кэнники үс сылга оройуон балыыһатыгар нарколог-быраас суоҕа мэһэйдээтэ диэтэ кини. Арыгылааһын туһунан иһитиннэриилэри, бэйэлэрин санааларын улуустааҕы Гигийэнэ уонна эпидемиология киинин салайааччыта Илья Птицын, Ил Түмэн сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев, СӨ арыгыны атыылааһын хонтуруолун управлениетын салайааччытын солбуйааччы Алексей Ефимов, Ил Түмэн Судаарыстыбаннай мунньах быыбарыгар хандьыдаат, РФ Бэрэсидьиэнигэр өрөспүүбүлүкэ бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Юрий Куприянов о.д.а. эттилэр.

Бу күн тыйаатыр киирии саалатыгар улууска чөл олоҕу көҕүлүүр хамсааһын устуоруйатын кэпсиир, РФ үтүөлээх учуутала, «Үлэ Кыһыл Знамя» уордьан кавалера, Баатара, Дьабыыл нэһилиэктэрин Бочуоттаах гражданина, Дьабыыл нэһилиэгин сельсоветын бэрэссэдээтэлэ, Н.В.Петров аатынан Дьабыыл орто оскуолатын дириэктэрэ, чөл олох хамсааһыны өрөспүүбүлүкэҕэ саҕалааччы Иннокентий Сергучев туһунан матырыйааллар быыстапкалара туруорулунна. Ону сэргэ Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойга «Ыччаттар чөл олоҕу талаллар» диэн ыччаттар пуорумнара эмиэ ыытылынна. Эдэрдэр биир хамаандаҕа сөптөөхтүк үлэлииргэ трениннэргэ кытыннылар, уопсастыбаннай түмсүүнү хайдах тэрийиэххэ, граннарга хайдах кыттыахха, социальнай бырайыактары хайдах оҥоруохха сөбүй диэн аһаҕастык кэпсэттилэр, бырайыактары көмүскээтилэр.

Тэрээһин иккис чааһыгар «аһаҕас микрофон» үлэлээтэ. Улуустартан кэлбит бэрэстэбиитэллэр уопуттарын атастастылар, кыһалҕалаах боппуруостарга тохтоотулар. Ол курдук, горнайдар уруулары, малааһыннары арыгыта суох оҥорор буолбуппут балай да буолла, ыччаттар арыгыга сыстабаттар, үлэлии-хамсыы сатыыллар диэн иһитинннэрдилэр. Кинилэр чөл олохтоох нэһилиэктэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатын өртүттэн социальнай эбийиэктэри тутттарыыга туох эмэ көмөнү оҥоруохтарын сөп этэ диэн санааларын үллэһиннилэр. Ол эрээри Томтор нэһилиэгин баһылыга Мирон Свинобоев: «Биһиги нэһилиэкпитигэр арыгы эмиэ атыыламмат, чөл туруктаах нэһилиэктэр ахсааннарыгар киирсэбит, ол гынан баран социальнай эбийиэктэри тутууга үөһэттэн көмө көрдөөн олорбоппут, бөһүөлэк сайдарын туһугар бэйэбит түмсүүлээхтик үлэлиибит, тэрилтэлэрбит дьиэлэрэ барыта саҥалар, суол-иис баар, икки хотонноохпут, ититиигэ 100 бырыһыан холбоннубут», ‒ диэн санаатын үллэһиннэ. Ороссолуода нэһилиэгин баһылыга Илья Макаров: «Арыгы атыылааһыны бобууга киин сиртэн чугас олорооччу нэһилиэктэргэ иһиэн баҕалааччыларга арыгы хайдах баҕарар тиийиэн сөп. Ити боппуруоска улахан бөһүөлэктэри, киин сирдэри кытта күүскэ үлэлэһии барыахтаах», ‒ диэтэ.

«Туочукалары» кытта үлэлэһиигэ ыстараап физическэй сирэйдэргэ, уруккута 500 солкуобай эбит буоллаҕына, билигин 30‒50 тыһыынча солкуобай буолбутун туһунан иһитиннэрдилэр. Ону тэҥэ иккистээн тутулуннахтарына, холуобунай дьыалаҕа эриллиэхтэрин сөп. Улуус кылаабынай бырааһа Алексей Павлов сүрэх, тымыр ыарыылара арыгылааһынтан, куһаҕан арыгыны иһииттэн быһаччы тутулуктаахтарын эттэ, учуокка туруоруу полицияҕа тутулуннахтарын биирдэ эрэ оҥоһуллар, иһээччи дьон бэйэлэрин баҕаларынан кэлэн көрдөрбөттөр диэтэ. Кини арыгыны түүннэри-күнүстэри таһар таксистары кытта күүстээх үлэ ыытыллыаҕын туһунан санаатын эттэ.
Мэҥэ нэһилиэгин баһылыга Александр Куприянов: «Иһэр дьон хаһан баҕарар арыгыны булан иһэллэр, онон киин сирдэргэ арыгы маҕаһыынын лаппа аҕыйатарга, чөл олоҕу тутуһар өрөспүүбүлүкэҕэ «Фапк Якутия» курдук арыгыны оҥорон таһаарар тэрилтэни суох оҥорорго. «Туочукалары» бэрэбиэркэлииргэ тустаах үлэһиттэр боломуочуйаларын хайдах эмэ улаатыннаран, дьиэлэринэн сылдьан бэрэбиэркэлиир үлэлэри ыытыахха», ‒ диэн этиилэри киллэрдэ. Аллараа Бэстээх ыстаарсай учаскуобайа Ирма Дьяконова кэнники уонча сылга, ордук ыччаттар ортолоругар, арыгылааһын аҕыйаата диэтэ. Аллараа Бэстээххэ ааспыт сылга арыгылааһынтан буруйу оҥорууга 87 түбэлтэттэн 27-тин эрэ олохтоох дьон оҥорбутун, 60 буруйу оҥоруу кэлии дьонтон тахсыбытын иһитиннэрдэ. Кини эмиэ такси сулууспаларын хонтуруолга ылан, үлэлэһэргэ ыҥырда. Дьокуускайтан сылдьар психотерапевт быраас Валентина Кузьмина Шичко ньыматынан арыгылааһынтан эмтэниини туһаныахха диэтэ уонна бу ньымаҕа куурустарга сылдьан үөрэнэри сүбэлээтэ.

Өктөмнөр «туочукалары» утары үлэлииргэ «бу чахчы кинилэр дьарыктаналлар диэн дакаастыыр мэхэниисими толкуйдуохха», ‒ диэн санааларын эттилэр. Кэбээйи Сэбээн Күөлүгэр арыгылааһын биир сүрүн кыһалҕа буолбутун кэпсээтилэр уонна нэһилиэккэ анаан-минээн кэлэн чөл олоҕу тарҕатыыга үлэлэһэргит буоллар олус туһалаах буолуох этэ диэтилэр. Майа олохтооҕо Валентина Шадрина аҕыйах ахсааннаах «туочукалары» мунньахтаан туран суох оҥоруохха, уулуссаҕа хаамарга испит-аһаабыт дьонтон куттанан олорор букатын сыыһа диэтэ уонна Сэбиэскэй сойуус саҕынааҕы курдук күүс өртүнэн тутан, хомуйан ылан эмтээһини сөргүтүөххэ диэн тыл эттэ. Норуот эмчитэ, 28 сыл арыгылааһынтан эмтиир Александра Егорова кэнники кэмҥэ дьахтар иһиитэ элбээбитинэн ордук болҕомтону итиннэ ууруохха, арыгы буолуохтааҕар наркомания курдук куһаҕан дьаллык тарҕанан эрэриттэн ыччаттарбытын харыстыаҕыҥ диэн ыҥырда.

Бу күн элбэх киһи санаатын аһаҕастык этэн инникитин хайдах үлэлиэххэ сөбүй диэн СӨ Бырабыыталастыбатыгар туһаайыллыбыт резолюцияны ылыннылар.