Медицина сиэстэрэлэрин чиэстээтилэр

299

Аан дойдутааҕы Медицина сиэстэрэлэрин күнэ Сунтаарга өрө көтөҕүллүүлээхтик бэлиэтэннэ. “Олоҥхо” төрүт култуура киинигэр Сунтаардааҕы киин балыыһа кэлэктиибэ үрдүк таһымнаах дьоро киэһэни тэрийдэ.


Идэлээх бырааһынньыктарынан күндү сиэстэрэлэргэ эҕэрдэ тылы улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Иванова С.К., АСМР бэрэссэдээтэлэ Иванова К.И., кылаабынай сиэстэрэ Иванова М.П., улуустааҕы дьахталлар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Прокопьева А.А. эттилэр, алгыстарын анаатылар. Уһун кэмҥэ идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьар кэллиэгэлэрбит, медицина сиэстэрэлэрэ Иванова К.С., Тихонова А.И., Максимова А.С., Отова О.Е., Константинова К.А. Сунтаар улууһун, киин балыыһа, АСМР бочуотунай грамоталарынан, эҕэрдэ суруктарынан наҕараадаланнылар. Тиис тиэхиньигэ Семенова М.М. эмп үлэһиттэрин эйгэтин бэтэрээнэ Марфа Сергеевна аатынан Граны ылан үөрүүтэ үксээтэ. Киин балыыһа психолога Илларионова Л.Г. психологическай тренинг-сэминээри ыыппыта сонун буолла.

Ытыктыыр биир идэлээхтэрбитигэр, дьон доруобуйатын туһугар дьаныардаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргыт иһин өссө төгүл махтанабыт. Доруобуйаны, дьолу-соргуну, дьиэ кэргэҥҥитигэр тапталы, истиҥ сыһыаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.