Михаил Гуляев мэҥэлэр уопуттарын өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕатар наадалааҕын эттэ

682

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Михаил Гуляев балаҕан ыйын 25 күнүгэр Аллараа Бэстээххэ ыытыллыбыт дьиэ кэргэн уонна демография бэлиитикэтин тула кэпсэтэр биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы көһө сылдьар сүбэ мунньахха кытынна. Кини мэҥэлэргэ туһаайан олус суолталаах этиини оҥордо.


Мунньах кэмигэр Михаил Гуляев «Мэҥэ хаҥаластар, эһиги төрүттээбит үгэстэргит, холобура, култуура уонна успуорт эстэпиэтэтэ, араас хабааннаах күрэхтэһиилэргит улахан сэҥээриини ылаллар. Итинтэн сиэттэрэн билиҥҥи эһиги үлэлии-хамсыы олорор тыыҥҥытынан атыттары көҕүлүүр сыалтан, өрөспүүбүлүкэ хас биирдии улууһутан бэрэстэбиитэллэр кэлэн уопут атастаһан баралларын курдук киэҥ далааһыннаах дьиэ кэргэн сэминээрин манна, эһиэхэ ыытыаххайыҥ. Оччотугар улуускут уопута өссө тэнийиэх этэ», ‒ диэн этии киллэрдэ.

«Майа сэлиэнньэтэ» МТ баһылыга, «Төрүт дьарык» улуустааҕы уопсастыбаннай хамсааһын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Тихонов саха буолар аналбытын, төрүт үгэстэрбитин кэлэр көлүөнэҕэ тиэрдии, Евдокия Решетникова салайааччылаах «Алаас ыала» уопсастыбаннай түмсүү үлэтин-хамнаһын, Бэдьимэ орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Екатерина Попова «Дьөһүөл» диэн оскуола оҕолорун норуот педагогикатыгар үөрэтии уонна нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Октябрина Кулешова тыа сиригэр ыччаты хайдах олохсутуохха сөбүн туһунан бырайыактарын кэпсээтилэр. Михаил Гуляев кинилэр үлэлэрин сэҥээрэ иһиттэ, астынна уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи сэминээргэ бу үлэлэри үчүгэйдик сырдатыы барыахтааҕын эттэ.

Бырайыактары көмүскээбиттэр бэйэлэрин этиилэрин эмиэ киллэрдилэр. Майа сэлиэнньэтин баһылыга Дмитрий Тихонов өрөспүүбүлүкэ таһымыгар төрүт дьарыгы көҕүлүүр биир баар-суох тутаах «Урожай» уопсастыбаны судаарыстыбаннай биитэр автономнай оҥорууга дьулуһуоҕуҥ, ону сэргэ төрүт дьарыкка илиинэн от охсуутугар уонна ойбону алларыыга бастыҥтан бастыҥы быһаарарга маастар нуорматын толоруу курдук разряд олохтуоҕуҥ диэн туруоруста. Онуоха Михаил Гуляев «маастар» диэн ааттаммакка «чулуу үлэһит» диэн ааттаан туран иҥэриэххэ сөп диэтэ уонна «Урожай» уопсастыбаны көмүскүүр үлэни ыытабыт диэн иһитиннэрдэ. Кини Евдокия Решетникова дьон-сэргэ ортотугар сиэри-туому тутуһууга сүрүннээһин баар буолуохтааҕын, саха оҕотугар кыра эрдэҕиттэн саха тылын билиигэ дьулуһар сыалтан мультиктары сахалыы тылбаастаан оҥорууга, оҕо саадтарыгар тэлэбиисэрдэри туһамматы, оскуолаҕа оҕолор гаджеттары аҕалалларын бопсууну, Бэдьимэтээҕи «Дьөһүөл» ‒ оҕону норуот педагогикатынан үөрэтэр бэртээхэй бырагырааманы дьоҕус эрэ нэһилиэктэргэ буолбакка, улахан да нэһилиэктэргэ тэрийиэххэ, тарҕатыахха сөптөөҕүн бэлиэтээтэ. Оттон тыа сиригэр ыччаты олохсутуу уонна тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы барайыага улахан сэҥээриини ылыан сөптөөҕүн эттэ.

«Сэминээрдэри, мунньахтары ыччаты тыа сиригэр, кыра нэһилиэктэргэ олохсутуохха наада эрэ» диэн этиинэн түмүктүүр буоларбыт. Бу сырыыга Октябрина Кулешова ыччаты олохсутуу сүрүн мэхэниисимнэрин тобулбутун Гуляев хайҕаата.

Сүбэ мунньахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат дьыалаларыгар уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр миниистири солбуйааччы Савва Михайлов кыттыыны ылла. «Мэҥэ Хаҥалас улууһун ыччаты, дьиэ кэргэни кытта үлэлиир салаата, чуолаан Константин Захаров туһааннаах управление үлэһиттэрэ таһаарыылаах үлэлэрин түмүгүнэн 2016 сыллааха «Бастыҥ үлэлээх ыччат тутула» диэн ааты ылбыттара, бэһис сылын өрөспүбүлүктээҕи ыччат ыһыаҕар бастакы миэстэттэн түспэттэр, «Мама, папа и я ‒ спортивная семья» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиигэ хаһыс да төгүлүн кыайыылаахтар, «Аҕа күрэҕэр» уо.д.а. улахан күрэхтэһиилэргэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьаллар«, — диэтэ.

Улууска дьиэ кэргэн уонна демография бэлиитикэтин боппуруостарыгар ыытыллар үлэ-хамнас туһунан улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы Павел Сазонов иһитиннэрдэ. Дьиэ кэргэн дьыалатыгар хас да хайысханан сөптөөх үлэ ыытылларын билиһиннэрдэ, нэһилиэктэр икки ардыларыгар үс бөлөҕүнэн куонкурустар ыытыллалларын уонна ити түмүгүнэн нэһилиэктэр социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларыгар көмөлөөх буолууга үбүнэн-харчынан бэлиэтэнэллэригэр тохтоото.

Судаарыстыба өртүттэн дьиэ кэргэҥҥэ туох-ханнык көмөлөр оҥоһуллалларын туһунан Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин социальнай бэлиитикэ департаменын дьиэ кэргэҥҥэ уонна демографическай бэлиитикэҕэ отделын салайааччыта Сардаана Самсонова сиһилии кэпсээтэ. Кини ханнык уларыйыылар-тэлэрийиилэр ыытыллыахтарын туһунан иһитиннэриини министиэристибэ саайтыгар киирэн билсиэххэ, ону таһынан улуустааҕы социальнай харысхаллаах буолуу управлениетыгар тиийэн туоһулаһыахха сөбүн сүбэлээтэ. РФ Бэрисидьиэнэ Владимир Путин дьадайыыны утары охсуһууга туһаайыллыбыт этиитигэр олоҕуран, кыаммат араҥаҕа көмөлөһүүгэ ким баҕарар кыттыыны ылыан сөптөөҕүн эттэ.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи дьахталлар түмсүүлэрин сойууһун бэрэссэдээтэлэ, биир дойдулаахпыт Анжелика Андреева дьиэ кэргэҥҥэ дьахтар, ийэ туруктаах буоллаҕына эрэ дьиэ кэргэн туруктаах буоларын итиэннэ дьахталлар сэбиэттэрин тэрийиитинэн кэрэ аҥардар доруобуйаларын туругун буор босхо бэрэбиэркэлиир, ыарахан ыарыылары сэрэтэр үлэлэри ыытар улахан суолталааҕын эттэ.

Бэйэтин көрүүлэрин туһунан оройуон Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин билиһиннэрдэ. Кини Евдокия Решетникова саҥа технологиялартан оҕолорбут өйдөрүн-санааларын көмүскүөххэ диэн этиитин толору өйүүрүн биллэрдэ уонна тас дойдулар уопуттарын, кинилэр сокуоннарын үөрэтэн бэйэбит олохпутугар туһаныаҕыҥ диэн ыҥырда. Ол эбэтэр ыччакка арыгыны атыылааһыны 18 саастарытттан буолбакка, 21 саастарыттан көҥүлүөххэ сөбүн туһунан эттэ: «18 саастаах оҕо-ыччат, дьиҥэр, өйө-санаата өссө даҕаны сайда илик, ол түмүгэр арыгыга түргэнник ылларыан сөп, оттон 21 саастаах ыччат кэм улахан киһилии өйдөөх-санаалаах буолар, хайы-үйэ чөл олоххо тардыһар бигэ туруктаах буолар. Онон ыччаттарбытын харыстыыр сыалтан бу уопуту үөрэтэн көрүөххэ сөп этэ», ‒ диэтэ. Ыал буолан баран арахсыы элбии турарынан сибээстээн, арахсыбыт дьону кытта үлэлэһии эмиэ барыахтааҕын, сулумах сылдьар дьон ортотугар дьиэ кэргэни тэринэллэригэр күүстээх үлэни ыытыахха наадалааҕын эттэ.

Михаил Гуляев Ил Дархан арыгылааһыны утары охсуһар ньымаларыгар олоҕуран өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 145 нэһилиэнньэлээх пуун баҕа өртүнэн арыгыттан аккаастаммытын, итиниэхэ чөл олохтоох буолууга сөптөөх үлэлэр ыытыллалларын, Уһук Илиҥҥи эригийиэннэр ортолоругар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бастыҥ түмүктэрдээҕин аҕынна. Ол да буоллар олорон хаалбакка, иннибит диэки сыҕарыйан иһэр наадалааҕын ыйда.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Дьокуускайтан кэлбит дэлэгээссийэни кытта салгыы Майа сэлиэнньэтигэр уон оҕолоох Акулина Макаровна уонна Спартак Петрович Афонскайдарга сылдьан хайдах-туох олороллорун билистилэр. Афонскайдар улахан оҕолоро быйыл Владивосток куоракка саҥа устудьуоннуу барбыт, кыралара аҕыс ыйдаах, итиэннэ 2 уонна 5 саастаах, алын, үрдүкү кылаастарга үөрэнэр эмдэй-сэмдэй оҕолордоохтор.

Ыал аҕата оҕолорун аһатар-таҥыннарар сыалтан түүннэри-күнүстэри араас үлэлэргэ сылдьар, инникитин атах таҥаһын өрөмүөннүүр сыаҕы аһан үлэлэтэр ыра санаалаах даҕаны дьыаланы-куолуну эккирэтиһиигэ тиийэн иҥнэ турар эбит. Оттон ыал ийэтэ кондитер идэлээх эбит, билигин оҕолорун бүөбэйдиириттэн ордубат. Төһө да үп-харчы кырыымчык буоллар, саҥа дьиэлэрин салҕаан кэҥэтэн тутта сылдьаллар.

Кэлбит ыалдьыттар элбэх оҕолоох ыалга сүбэ-ама биэрдилэр, туохтан да иҥнибэккэ, ыһыктыбакка, толлубакка иннигит диэки дьулуурдаахтык баран иһиҥ, көмөлөһөөччүлэр да баар буолуохтара диэн сүргэлэрин көтөхтүлэр, элбэх оҕону иитэн киһи хара оҥортоон, нэһилиэнньэни элбэтэн иһэллэригэр махтаннылар, сахалыы иһиттэри бэлэхтээтилэр.

Ол кэнниттэн улууска инбэлиит оҕолору, ону сэргэ сайдыылара бытаан туруктаах оҕолору кытта дьарыктанар «Кэскил» кииҥҥэ сырыттылар. Ыалдьыттары киин салайааччыта Матрена Птицына, тутаах үлэһиттэр Татьяна Артемьева уонна Агафья Шахурдина көрүстүлэр, үлэ-хамнас хайдах ыытылларын кэпсээтилэр. Кинилэргэ эмиэ элбэх сүбэ-ама биэрдилэр, бырайыактары көмүскээн граннарга киирсэн үлэлэһэргэ эттилэр. Намыһах да хамнаска дьиэ кэргэн, оҕо-аймах туруктаах буоларыгар ис сүрэхтэриттэн тугу да аахсыбакка үлэлиир дьон баарыттан киэн туттуохха сөптөөҕүн, онуоха көмөлөһөр тоҕоостооҕун ыйдылар.