Муома нэһилиэктэригэр хочуолунайдары убаҕас оттукка көһөрүү үлэтэ былааннаахтык ыытыллар

190

Муома улууһугар  маһынан оттуллан турбут хочуолунайдары убаҕас оттукка көһөрүүгэ кэнники сылларга күүстээх үлэ саҕаламмыта. Бу күннэргэ быйылгы сыл сааскытыгар диэри маһынан оттуллан турбут Соболоох нэһилиэгэр чоҕунан оттуллар 5,8 МВт кыамталаах саҥа хочуолунай арылынна.


Аалай лиэнтэ быстылар, алгысчыт аал уоту кымыһынан, арыылаах алаадьынан айах тутта, сылгы сиэлинэн сыт таһаарда. Олохтоохтор ааттарыттан эдэр баһылык А. А. Тарабукин хочуолунайы тутууга быһаччы көмөлөрүн-өйөбүллэрин тиэрпит өрөспүүбүлүкэ, оройуон салалтатыгар дириҥ махталын иһитиннэрдэ, кэлбит салайааччыларга нэһилиэк дьаһалтатын Махтал суруктарын туттарда.

Петр Николаевич Черемкин, Муома оройуонун баһылыга: «Өр сыллаах үлэбит үтүө түмүгүн күнэ үүммүтүнэн бары олохтоохтору эҕэрдэлиибин. Кэнники 10 сылга нэһилиэнньэ күүстээх туруорсуута олоххо киирдэ. Уонча сыллааҕыта баһылыгынан талыллан кэлиэхпиттэн, бу нэһилиэк сүрүн кыһалҕатынан чугаһынан мас бүтэн эрэрэ буолар. Бу экологияҕа улахан охсуулааҕа чуолкай. Урукку сылларга Муома улууһугар сылга 30-40 тыһ. куб. мас кэрдиллэн оттуллара, оттон аҥардас Соболооххо 7-8 тыһ. куб. маһынан кыстыыллара. Бу хочуолунай тутуллуутугар күүстээх өйөбүлү өрөспүүбүлүкэбит салалтата, коммунальнай хаһаайыстыба тус салайааччылара, эппиэттээх үлэһиттэр оҥордулар, кинилэр көмөлөрүнэн бу кырыымчык, ыгым кэмҥэ улахан объект тутулунна. Быйылгы сылга Муома улууһугар тутууга 2 млрд. 218 мөл. солк. көрүллэн туһаҕа таҕыста, ол иһигэр Соболоох хочуолунайыгар 60 мөл. солк. ороскуоттанна. Аҕыйах күнүнэн улууска саҥа нефтебаза, 320 миэстэлээх саҥа оскуола объектарын, ону таһынан икки үстүү этээстээх уопсай дьиэлэри киллэриэхпит. Нэһилиэнньэ олоҕун уйгута сайдарыгар бары күүспүтүн ууран үлэлиибит. Ыраах хоту улуус кыһалҕатын өйдөөн, социальнай-экономическай сайдыытыгар көмөлөһөр өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар дириҥ махталбытын тиэрдэбит».

Виктор Викторович Омуков, «СӨ ОДьКХ» ГУТ генеральнай директора: «Маннык хаһаайыстыбаннай объектар тутуллан киириилэригэр былаас араас таһыма нэһилиэнньэни кытта бииргэ сүбэлэһэн үлэлээбит түмүгүн бүгүн холобурдаан көрөбүн. «Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ» өс хоһооно бу объекка ырылыччы көстөр. 2012 сылтан барыта 74 хочуолунайы бэйэбит күүспүтүнэн туттубут. Манна оройуон, нэһилиэк баһылыктара Сөбүлэһии түһэрсэннэр, кырыымчык бюджеттарыттан харчы көрөннөр, маннык тутууга улахан болҕомто уурулларын бэлиэтиибит. Чуолаан Соболоох хочуолунайыгар улуустан 3 мөл. солк., нэһилиэктэн 2 мөл. солк. укпуттара. Быйыл улуустарынан 7 хочуолунай тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Соболоох хочуолунайа бастакы түһүмэҕиттэн саҕалаан, кылгас кэм иһигэр тутуллубутун бэлиэтиир тоҕоостоох. Манна үлэлээбит биригээдэҕэ улахан махталбытын тиэрдэбит уонна нэһилиэк салгыы сайдар суолга үктэммитинэн итии-истиҥ эҕэрдэ! Дьиэҕит-уоккут куруук сылаас, сырдык буолуохтун!»

Владислав Германович Калугин, «СӨ ОДьКХ» ГУТ Муоматааҕы филиалын директора: «Хас отчуоттуур мунньах аайы бу нэһилиэккэ кэлэн элбэхтик мөҕүллэн турабыт. Кырдьык, нэһилиэнньэ уһун сыллаах сөптөөх туруорсуулара бүгүн олоххо киирбитинэн бары олохтоохтору эҕэрдэлиибин. Саҥа объект тутуллуутугар уустуктар бааллара. Ааспыт сылга кыһын суолга хаайтаран кэлиэхтээх матырыйаал Өймөкөөҥҥө кыстаабыта. Онтон бу сааһын «Сахаспецстрой» хампаанньата суһаллык 620 км ыраах Магаданскай уобалаһыттан суол сабыллыан эрэ иннинэ түүннэри-күнүстэри элбэх рейсинэн кыл-мүлчү 1600 т таас чоҕу тиэйбиттэрэ. Тутуу тэриллэрэ, хочуоллар кэмигэр тиэрдиллэн, «Ремстройкомплект» ХЭТ бэдэрээччитэ олохтоох ыччаты сыһыаран күүскэ үлэлэһэн, объегы тутан таһаардылар уонна атырдьах ыйын 25 күнүгэр ититиигэ холбоммуттара. Онон ыксаллаах балаһыанньаҕа бу тэрилтэлэр салайааччылара бары кыһамньыларын ууран туран үлэлэспиттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит».

В.В. Омуков «СӨ ОДьКХ» ГУТ Махтал суруктарын, Бочуотунай Грамоталарын үөрүүлээх быһыыга-майгыга филиал үлэһиттэригэр уонна салайааччыга В.Г. Калугиҥҥа туттарда. Соболоох учаастагын маастара П.А. Слепцоваҕа «СӨ ОДьКХ» ГУТ бэтэрээнин аата иҥэриллэн, харчынан бириэмийэ уонна анал бэлиэ туттарылынна. Итинник бэлиэ аат хачыгаар А.А. Слепцовка туттарылынна. СӨ Судаарыстыбаннай мунньах тутуу уонна коммунальнай хаһаайыстыба боппуруостарыгар сис кэмитиэтин аатыттан анал бэлиэ П.А. Слепцоваҕа норуот депутата Ю.Н. Садовников үөрүүлээх-быһыыга майгыга туттарда.

Прасковья Афанасьевна Слепцова түмүккэ саҥа хочуолунай тутуутугар быһаччы сүүрбүт-көппүт тус тэрилтэтин салалтатыгар, министиэристибэҕэ, оройуон, нэһилиэк дьаһалталарыгар нэһилиэнньэ, үлэһиттэр ааттарыттан истиҥ махталын тиэртэ уонна кылгастык билигин 4 оһохтон 3-һэ тигинэччи оттулла туралларын кэпсээтэ: «8 хачыгаар 4 сменанан солбуһа сылдьан үлэлиир. Билигин урукку дьиэлэри кытта биир саҥа холбоммут дьиэни итиинэн хааччыйан олоробут. Кэлэр 5 сылга былаанынан эбии 34 дьиэни холбуохпут. Объект аттыгар 100 КВт кыамталаах дизельнэй станциялаахпыт. Билигин биир кыһалҕабытынан анал транспортер суоҕа буолар. Вагонетка баара алдьанан турар, лебедкабыт эмиэ быстан турар. Кэлэр сылга носуостарбытын уларыттарбыт ханнык диэн баҕа санаалаахпыт. Үлэлиир икки носуоспут мөлтөхтөр, саҥаны кэтэһэбит. Уларыттахпытына эрэ, уу эргиирэ күүһүрүө этэ диэн эрэнэбит».