Муома улууһун историятын кинигэҕэ суруйан таһаардылар

257

Муома оройуонун 85 сылыгар анаммыт «Момский район» кинигэ бэчээттэнэн бу күннэргэ таҕыста. Онон улуус туһунан өссө биир сонун социальнай-культурнай олоҕу, экономика сайдыытын киэҥник ырытан көрдөрөр таһаарыы библиотека ааҕар саалатыгар баар буолла.


Кинигэни бэлэмнээбит ааптардар библиотека дьиэтигэр бары кэлэн хайдах үлэлээбиттэрин туһунан сиһилии билиһиннэрбиттэрэ мустубут дьон кэрэхсэбилин ылла. Ол курдук I баһы (1689-1900 сыллары көрдөрөр) «Момская земля: древняя и прекрасная» библиотечнай үлэ ветерана Л.Г. Степанова, II (1901-1925) – «Централизация родовых племен» кыраайы үөрэтээччи Г.М. Федотов, III (1926-1945) – «Первые пятилетки советской власти» СР культуратын туйгуна, киин библиотека методист-библиограба Л.М. Слепцова, IV (1946-1961) – «После военные годы» кыраайы үөрэтэр музей директора С.С. Соркомов, V (1962-1990) – «Годы развитого социализма» СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, культура управлениетын начальнига А.Н. Корякин, VI (1991-2016) «Современный этап развития района» СР үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, психологическай наука кандидата И.П. Хабаров бэлэмнээтилэр. Чуолаан кинилэр патриотическай тыынынан салайтаран, оройуон историятын, бүгүҥҥү сайдыытын туһунан улаханнык ылсан үлэлээбиттэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Кинигэни оҥоро сылдьан элбэх интэриэһинэй матырыйааллары хасыһан, көрдөөн, хомуйан элбэх үлэни, түбүгү көрсүбүттэр. Ордук бүгүҥҥү кэми көрдөрөргө тэрилтэлэртэн хомуйуу уустуктардааҕын бэлиэтииллэр. Тута матырыйаал киирэн испэт, ол атахтааһыны таһаарбыт.

Саха сирин историята саҥаттан сурулла сылдьар кэмигэр биһиги оройуоммут кинигэтэ эмиэ тэҥҥэ кэриэтэ суруллан таҕыста диэн кинилэр бэлиэтээн эттилэр. «Дьиҥэр, 17-с үйэҕэ нуучча хаһаахтара Индигиргэ кэлиилэрэ өссө да ситэ үөрэтиллэ илигинэн биллэр. Ол иһигэр профессор Г.Г. Макаров Саха сиригэр гражданскай сэрии историятын суруллуута өссө да чуолкайдана, үөрэтиллэ илигин бэлиэтээн суруйбута, – диэтэ Л.Г. Степанова. – Ол да буоллар оройуон кинигэтэ күн сирин көрдө».

18-19 үйэлэри суруйууга интернет сайтыгар киирэн, элбэх көмөнү бибилотекардар оҥорбуттар. Ол иһигэр оскуола уонна оҕо библиотекатын үлэһиттэрэ О.Е. Тикунова, У.С. Добрынина айанньыттар Г.А. Сарычев, мичман Ф.Ф. Матюшкин, барон Г. Майдель уо.д.а. хаартыскаларын булан көмөлөспүттэр. Фотограф З.Н. Дягилева, копьютерщик А.А. Варламов үгүс үлэни ыыппыттар. Онон коллективнай үлэ буолбут.

Бу кинигэҕэ үүнэр көлүөнэлэргэ, оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорго анаан иллюстрациятын элбэттибит дииллэр кинигэни оҥорбуттар. Музей директора С.С. Соркомов интернет ситимигэр киирэн, гражданскай сэрии историятыгар сыһыаннаах П.Н. Коновалов хаартыскатын уонна чааһынай альбомнартан Дальстрой историятыгар сыһыаннаах хаартыскалары, сэрии иннинээҕи Муома дьонун былыргы хаартыскаларын булан, үгүс үлэни ыыппыта кинигэни кэрэхсэбиллээх оҥорбут. Оройуоҥҥа коллективизация сылларын Л.М. Слепцова саҥалыы, хаартыскаларын эбэн, сиһилии суруйбута улахан суолталаах. Гражданскай сэрии сылларын фольклорист, оройуон бочуоттаах олохтооҕо, суруналыыс Г.М. Федотов олус киэҥник, саҥа көрдөөһүннэр матырыйаалларынан байытан киллэрбитэ сонун.

Ити курдук хас биирдии салаа толорутук көрдөрүллүбүтэ олохтоохтор биһирэбиллэрин ылыаҕа саарбахтаммат.

Кинигэни улуус араас таһымнаах депутаттарын, бочуоттаах олохтоохторун, суруйааччылар, ырыа айааччылар, спорт маастардарын, бастыҥ спортсменнар испииһэктэрэ, хаартыскалара, Муома кэрэ айылҕата толорон-ситэрэн биэрэллэр.

Бэчээт бородууксуйатын оройуон дьаһалтата үбүлээтэ, 500 экземлярынан бэчээттэттэ. 27, 09 ус. бэч. лиистээх. Эппиэттиир редактор Б.И. Павлов. Культура управлениета бэлэмнээбит Муома туһунан ырыалар диискэлэрэ кинигэҕэ сыһыарыы быһыытынан киирэр.

Мустубут дьон кинигэни киэҥник билсэ илик буолан санаа атастаһыыта түргэнник ааста. Ол иһигэр М.Е. Хабарова урукку элбэх үчүгэй хаартыскалар баалларын бэлиэтээтэ. «Көс омуктар, советскай былаас маҥнайгы сылларын туһунан кэрэхсэбиллээх матырыйааллар киирбиттэр. 40-ус сыллар тустарынан эмиэ. Летопись кинигэ аайы сыллара тус-туһунан, маны кэлэр өттүгэр көрүөххэ. Уопсайынан история кэрэһитэ кинигэ», – диэн сыаналаата. Үөрэх управлениетын начальнига Т.Д. Андреева ордук тоһоҕолоон информация утума сөпкө тутуллубутун ыйда, үөрэх пособиета гыныахха сөп диэтэ. Үүнэр көлүөнэ оройуон сайдыытын билэригэр дьоһун суолтатын эттэ. Муома нэһилиэгин баһылыга А.В. Андреев хроника чуолкайдык тутуһуллубуттарын бэлиэтээтэ.