Нам улууһугар тыҥааһыннаахтык «УАЗ Экстрим» күрэҕэ буолан ааста

183

Ааспыт сылга Нам улууһугар Олох- дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба үтүөлээх үлэһитэ, ветеран суоппара Сергей Егорович Балаганскай кэриэһигэр «Уаз экстрим» диэн «Уаз» массыынанан күрэхтэһии Сиэникэй алааһыгар бастакытын ыытыллыбыта. Дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыта. Онон бу күрэхтэһиини үгэскэ кубулутан быйыл Хамаҕатта нэһилиэгин Быһыттаах сайылыгар тэрилиннэ.


Былырыын ыытыллыбыт күрэхтэһии улуус таһымнаах этэ. Онон улуустан 17 массыына кыттыыны ылбыта. Онтон быйыл күрэхтэһии аһаҕас буолан республикатааҕы таһымнаах буолла. Ол курдук Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Уус Алдантан, Дьокуускайтан, Хаҥаластан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Амматтан, Ньурбаттан — уопсайа 35 экипаж илин-кэлин түһүстүлэр.

Күрэхтэһиигэ массыыналары мотуордарынан «карбюраторнай» уонна «инжекторнай» диэн араардылар. «УАЗ Экстрим» 4 түһүмэҕинэн ыытылынна, ол курдук «Езда задним и передним ходом» түһүмэххэ 1 м. — «Бешенный» Нам экипаһа, 2 м. «Хотун Төҥүлү» Мэҥэ Хаҥалас экипаһа, 3 м. – «Гладиатор» Уус Алдан экипаһа (карбюратор); 1 м. — «Эркин» Нам экипаһа, «Өрөгөй» Нам экипаһа, 3 м. – «Урааҥхай» Мэҥэ Хаҥалас экипаһа (инжектор). «Ориентирование» түһүмэххэ карбюраторнай мотуордаахтарга 1 м. — «Армада», 2 м. – «К-2», 3 м. – «Дохсун» Нам экипажтара, инжекторнай мотуордаахтарга 1 м. — «Монстер» Нам экипаһа, 2 м. – «Манчаары» Мэҥэ Хаҥалас экипаһа, 3 м. – «Слаб Хантер» Амма экипаһа. «Спринт-экстрим» түһүмэххэ 1 м. — «Армада» Нам экипаһа, 2 м. — «СССР» Нам экипаһа, 3 м. — «Навигатор» Ньурба экипаһа (карбюратор); 1 м. – «Урааҥхай» Мэҥэ Хаҥалас экипаһа, 2 м. — «Иваныч» Нам экипаһа, 3 м. — «Бурнаши» Нам экипаһа (инжектор) таҕыстылар.

«Сергей Егорович Балаганскай бирииһигэр супер экстрим» диэн муҥутуур кыайыылааҕы быһаарар чемпионакка Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан кэлбит инжекторнай мотуордаах «Манчаары» экипаһын уолаттара инники түһэн кыайыылааҕынан тахсан, Сергей Егорович чугас дьонноро, оҕолоро, аймахтара туруорбут бириистэринэн наҕараадаланнылар уонна көһө сылдьар кубок хаһаайыннарынан буоллулар. Маны таһынан, карбюраторнай мотуордаах уазиктартан бастакынан кэлэн Нам улууһуттан «СССР» экипаһа анал бирииһинэн наҕараадаланнылар.

«Күрэхтэһии сүрүн сыалынан биир дойдулаахпыт, ОДьКХ үтүөлээх үлэһитин, ветеран суоппарын Сергей Егорович Балаганскай аатын үйэтитии буолар. Сергей Егорович 2008 сыллаахтан «Хаар айан» күрэхтэһиини көтүппэккэ көхтөөхтүк кыттара. Маны таһынан чөл олоҕу пропогандалааһын, эр дьон хамсааһынын сайыннарыы, уаз массыынанан күрэхтэһиини уонна спортивнай-экстримальнай сынньалаҥ көрүҥүн киэҥник тарҕатыы, уустук усулуобуйаҕа суоппар үөрүйэҕин тупсарыы, сатабылын үрдэтии, уаз массыына суоппардарын доҕордоһууларын тэрийии буолар. Тэрийэр хамыһыйа аатыттан күрэхтэһиигэ кэлэн кыттыбыт бары экипажтарга улахан махталбытын тиэрдэбит», — диэн Намнааҕы «Хаар айан» федерациятын салайааччыта Андрей Собакин санаатын үллэһиннэ.