Ньурба дэлэгээссийэтэ Намҥа уонна Чурапчыга сылдьан, олохтоох салайыныыга саҥаны билистэ

231

Кулун тутарга Ньурба улууһун улахан дэлэгээссийэтэ тыа сирин сайыннарыыга өрөспүүбүкэҕэ бастыҥ үлэлээх Нам уонна Чурапчы улуустарыгар сылдьан, олохторун-дьаһахтарын, үлэлэрин-хамнастарын билсэн, уопут атастаһан кэллэ. Бу иннинэ маннык хабааннаах сырыы биһиги өттүбүтүттэн Сунтаар улууhугар буолбута.


1700 киһи нэһилиэнньэлээх I-Хомустаахха с. Ньурба дэлэгээссийэтин нэһилиэк баһылыга В.Г. Жирков көрсөн автономнай гаас ититиитигэр холбоммут, вентиляциялыыр систиэмэлээх арочнай спортсааланы көрдөрдө. 15 мөл. солк. сууммалаах спортсаала тутуутугар нэһилиэк бюджетыттан 3,8 мөл. солк. туттуллубут, атына «Үтүө дьыала» хамсааһын чэрчитинэн үбүлэммит. Манна ыччат сөбүлээн дьарыктанар. Толору гаастаммыт сэлиэнньэҕэ кэнники кэмҥэ саҥа икки дьыссаат, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан 4 кыбартыыралаах дьиэ, тулаайах оҕолорго олорор дьиэ үлэҕэ киирбиттэр. 108 учаастактаах саҥа микрооройуоҥҥа элбэх саҥа дьиэ дьэндэйбит. Олохтоохтор хото сылгыны тутар буолан эрэллэр. 130 биэлээх «Дайар» сылгы кооператива, «Күн тыкта» диэн өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр брендэлээх саха мүөтүн оҥорор ИП И.Солдатова тахсыылаахтык үлэлииллэр. Кооператив сылга 960 кг мүөтү ылары ситиспит. Оттон оскуола пасекатыгар үөрэнээччилэр үлэлэһэн ааспыт сылга 46 кг мүөтү ылбыттар. Биир бэлиэ түгэн — I-Хомустаахха боксаҕа маастарга кандидат, фермер Николай Соловьев көҕүлээһининэн аатырбыт боксер Виктор Ефремов аатынан боксердар кулууптарын тэриммиттэр.

600 киһилээх Никольскай нэһилиэгин баһылыга, алгысчыт идэлээх А.К. Кривогорницын элбэх функциялаах кииҥҥэ көрүстэ. Биир дьиэҕэ дьаһалта, кулууп, почта, ФАП, спортсаала, баһаарынай дружина бааллар. 1922 с. бэс ыйын 21-22 күнүгэр Саха сиригэр гражданскай сэриини түмүктээбит Никольскай кыргыһыы историяҕа киирэн сылдьар. Кыһыллар уонна өрө туруу кыттыылаахтарын бырааттыы уҥуохтара баар. Ньурба улууһун Октябрьскай нэһилиэгин Никольскай нэһилиэгин кытта эмиэ история ситимниир. Саха сиригэр Өлүөнэнэн устан кэлбит аттакылартан мантан биһиги сирбитигэр-уоппутугар салгыы 17 киһи айаннаан тиийбит.

Салгыы улуус биир кэлим «Эрэл» ТХПК салайааччыта К.Н. Протопопов 34 мөл. солк. тутуллубут (онтон 25 мөл. солк. өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан көрүллүбүт), климаты хонтуруолуур икки прибор көмөтүнэн 1000 тн хортуоппуйу, хаппыыстаны харайар кыамталаах овощехранилищены, 15 мөл. солк., күҥҥэ 23 төбөнү астыыр-үөллүүр сүөһү өлөрөр сыаҕы көрдөрдө. Сүөһүнү чиэппэрдээн, буотараҕын сууйа-сотон таһаарар убойнай сыахтан эт ас переработкаҕа производственнай сыахха ыытыллар. Кэтэх сүөһүлээхтэргэ эмиэ өҥө оҥоһуллар, биир сүөһү астааһына 3000 солк. турар.

Намҥа көҥүл тустууга үрдүкү спортивнай маастарыстыба саха Оскуолатын тренерэ, Арассыыйа ыччатын сборнайын ыст. тренерэ, Ил Түмэн депутата П.П.Юмшанов аат. спортивнай тустууга РДЮСШ дириэктэрэ, Ньурбаттан төрүттээх Борис Егорович Прокопьев оскуоланы көрдөрдө. Оскуола дьиэтин 2015 с. тренердэр бэйэлэрин күүстэринэн тутан киллэрбиттэр. Спорду сайыннарыыга энтузиаст-тренердэр оруоллара улаханын кини бэлиэтиир, тус бэйэтэ Нам ыччатыттан 30-ча спорт маастарын, ол иһигэр хас да норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнааҕы иитэн таһаарбыт. Иитиллээччилэрэ манна кэлэн тренердииллэр. «Оҕолоргутун биһиэхэ ыытыҥ, спортка Ньурба ыччата ситиһиилээх буолар, бары дааннайдар, характер да баар«, — диир.

«Намкоммунэнерго» АО тэрилтэтигэр сырыттыбыт. Дириэктэр В.Н. Игнатьев (Николай Васильевич ийэтэ Чуукаартан төрүттээх эбит), дириэктэри үпкэ солб. Е.И. Николаева, специалистар үөрэ-көтө көрсөн, улуус киэн туттар тэрилтэтин үлэтин-хамнаһын кытта билиһиннэрдилэр. 2012 с. тэриллибит «Намкоммунэнерго» АУо тэрийээччитэ Нам улууһа, улууһу кытары сөбүлэһии түһэрсиллибит, 443 мөл. солк. угуллубут (о.и. 161 мөл. солк. бэйэ киэнэ) инвестиционнай бырагырааматын СӨ экономическай сэбиэтэ бигэргэппит. Сыллааҕы эргиирэ 523 мөл. солк. Тэрилтэ улуус эбийиэктэрин, олорор дьиэлэрин кииннэммит сылааһынан, уунан хааччыйар. 62 хочуолунайы, о.и. 49 гааһынан, 13 чоҕунан оттуллары, тутан олорор. Онтон 20 хочуолунайы саҥа туппуттар, 15 реконструкцияны ааспыт, 30 п.км. ититии-уу ситимэ уларытыллыбыт, 7 п.км. сир аннынан ааһар пластиковай турбалары түһэрбиттэр. Ону таһынан Арбын, Фрунзе, Көбөкөөн, II-Хомустаах гаастамматах нэһилиэктэрин киин ититиигэ холбоон, тымныы-сылаас ууннан хааччыйбыттар. Онон бу нэһилиэктэргэ толору хааччыллыылаах дьиэлэр тутуллар.

2013 -2020 с.с. «Намкоммунэнерго» өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан энергосервиснай контрагы түһэрсэн үлэлиир. Сылга 3,5 мөл. солк. кээмэйдээх барыс киирэр, хас биирдии эбийиэккэ 80% тиийэ экономия тахсар, ол үп инники үлэлэргэ ыытыллар. Арай биир кыһалҕалаахтар — кирдээх ууну таһаарар полигон суох, онон КОС тутуутун бырайыагар үлэлэһэ сылдьаллар. АУо 2012 с. СӨ ОдьКХ ГУП-тан туспа баран, кредит төрүтүгэр атаҕар туран, ити курдук сөбүгэр бэйэтин бэйэтэ дьаһанан олорор. Биир «харгыһа» — ол сыл 300-тэн тахса киһи ууратыллыбыт, билигин тэрилтэ 420 үлэһиттээх. «Намкоммунэнерго»-ҕа дириэктэрдэр сэбиэттэригэр үлэлии сылдьыбыт Ньурба улууһун баһылыгын солб. Артур Янович: «Бу — Нам улууһун 100% толору хааччыллыылаах оҥорбут бастыҥ тэрилтэ. Улуус аайы маннык тэрилтэ баара буоллар, Саха сирэ сайдыа этэ«, — диэн кэпсэтиини түмүктээбитигэр сөбүлэһиэххэ эрэ сөп.

Хас сылдьыбыт эбийиэктэригэр Ньурба улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара интэриэһиргээбит ыйытыыларын биэрдилэр, санаа атастастылар.

Нам улууһун дьаһалтатыгар буолбут «төгүрүк остуолга» управлениелар, отделлар салайааччылара, депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, нэһилиэктэр баһылыктара кытыннылар, үлэни-хамнаһы билиһиннэрдилэр, ыйытыыларга эппиэттээтилэр. Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Н.С. Петрова, ИСУ салайааччыта М.С. Семенов, Нам улууһугар баһылык бастакы солб. үс сыл үлэлээбит А.Я. Яковлев тыл эттилэр, махталларын биллэрдилэр. Наталья Семеновна Нам туруу үлэһит дьоннооҕун Маалыкайга олохсуйбут Нам улууһуттан төрүттээх Вера Григорьевна Соловьева холобуругар көрөрүн бэлиэтээтэ. Ньурба улууһун баһылыга А.М. Иннокентьев Нам улууһун дьонун-сэргэтин аҕа баһылыктара А.П. Атласов СӨ тыатын хаһаайыстыбатын миниистиринэн анаммытынан эҕэрдэлээтэ, бу анааһын Нам улууһун дьонун-сэргэтин уопсай ситиһиилээх үлэтин түмүгэ буоларын бэлиэтээтэ, Ньурба улууһун социальнай-экономическай балаһыанньатын туһунан сиһилии кэпсээтэ уонна махтанан туран, Нам дэлэгээссийэтин Ньурбаҕа ыҥырда. Улуус баһылыгын э.т. Е.Е. Гоголевы кытта Илгэ чорооннорунан атастылар, инники бииргэ үлэлээһиҥҥэ эрэллэрин биллэрдилэр.

Чурапчы улууһугар бастакы дэлэгээссийэҕэ Ньурба улууһун үөрэҕириигэ управлениетын начаалынньыга А.П. Аргунова салайааччылаах 20-чэ киһилээх дэлэгээссийэ эбилиннэ, онно оскуолалар дириэктэрдэрэ, завучтара, управление специалистара киирдилэр. Кинилэр үөрэх тэрилтэлэринэн сылдьан уопут атастастылар. Ону тэҥэ Күндээдэттэн уопсастыбанньык И.Н. Саввинов, Ньурбачаантан дьаһалта т/х специалиһа А. Р. Романова, КИО бэрэссэдээтэлэ С.В. Михайлов сылдьыстылар.

Маҥнай Мугудай нэһилиэгин Маралаайы с. тиийэбит. Киириигэ ыччаты тыа сиригэр олохтуур сыаллаах төрүттэммит «Чараҥ» аграрнай кластер гаас ситимигэр холбоммут олорор кыбаарталын 23 толору хааччыллыылаах саҥа тупсаҕай дьиэлэрэ көстөллөр. Кластер «2014-2017 с.с. уонна 2020 с. диэри кэмҥэ тыа сирин территорияларын туруктаах сайдыыта» ФКБ уонна «Хаһаайыннааһын аччыгый формаларын өйөөһүн» хос бырагырааманан 2015 с. тутуллубут. Биһигини нэһилиэк баһылыга К.И. Пермяков, олохтоохтор саламааттаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр. Оттон чугас турар ас-үөл кэмбинээтин Чурапчы улууһун баһылыга А.Т. Ноговицын, Арассыыйаҕа биллэр улуус биир кэлим «Чурапчы» ТХПК салайааччыта Н.А. Аржаков көрдөрдүлэр. Үүтү астыыр голландскай, Арассыыйа тэриллэрэ тураллар, күҥҥэ 8 тн араас үүт ас бэлэмнэнэр. Артезианскай уулаах 637 м дириҥнээх скважинаттан ылан, «Мугудайаква» ыраас ууну фасовкалаан атыылыыллар. Агрокластерга киирэн, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар 30-ча саастаах 11 эдэр дьонтон С.Г. Корякин, В.В. Попов, В.В. Баишев уо.д.а. кэлбиттэр, бары үрдүк үөрэхтээхтэр, 120 төбөҕө тиийэр ынах сүөһү иитиитинэн, сүөһү сиир аһын бэлэмнээһининэн таһаарыылаахтык дьарыктаналлар. Дьиэнэн-уотунан ИЖС чэрчитинэн хааччыллыбыттар, интернет түргэн ситимэ, күүстээх уот — кинилэр дьаһалларыгар киирбит. Үксүлэрэ олохтоохтор, итиэннэ Кэбээйиттэн, Мукучуттан, Покровскайтан кэлбит ыччаттар бааллар.

Сэрии сылларыгар Чурапчы олохтоохторун көһөрүү Хатылытааҕы музейын көрөн, хоту Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Булуҥҥа фрону балыгынан хааччыйарга диэн күүс өттүнэн көһөрүллүбүт 41 колхуос эрэйи тэлбит 4418 олохтоохторун трагедияларын туһунан элбэҕи биллибит. Чурапчы трагедията 75 сылын туолбутунан сибээстээн, былырыын ити улуустарга Чурапчы дэлэгээссийэтэ, көһөрүү кыттыылаахтарын аймахтара тиийэн өйдөбүнньүктэри туруоран, санаан-ахтан кэлбиттэрин туһунан музей дириэктэрэ М.В. Чичигинарова кэпсээтэ. Манна Хатылы нэһилиэгин баһылыга У.Н. Атласова, култуура управлениетын начаалынньыга Д.Д. Попов биһигини арыаллаатылар. Бу кыра дэриэбинэҕэ социальнай реклама элбэҕэ харахха быраҕыллар.

Элбэх таас тутуулардаах, тоҕус томторго турар Чурапчы сэлиэнньэтигэр Чурапчы судаарыстыбаннай физкултуура уонна спорт институтугар ректор И.И. Готовцев институт ситиһиилэрин, соруктарын туһунан элбэҕи кэпсээтэ. Олимпиецтары иитэн таһаарар соруктаах училищены арыйбыттар, үөрэтиигэ интерактивнай оборудование туттар буолуохтара, институт базатыгар саҥа эбийиэктэри тутуохтаахтар, о.и. гостевой дьиэни. Иннокентий Иннокентьевич Ньурбатааҕы РДЮСШ бэриллибит «АЛРОСА-Ньурба» ПАО сынньалаҥ базатыгар спортсменнары, спортивнай каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ ыкса үлэлэһиэх буолла. Институкка 12 Ньурба оҕото күнүскү формаҕа үөрэнэр, өссө кэтэхтэн үөрэнээччилэр бааллар. Бу күн баһылык студеннары кытта көрсөн, олохторун-дьаһахтарын билистэ, төрөөбүт улуустарыгар кэлэн үлэлииллэригэр ыҥырда. Спорт сайдарыгар бастатан туран тренерскай каадырдар улууска наадаларын бэлиэтээтэ.

Кулун тутар 26 күнүгэр СӨ Ил Дархана Е.А. Борисов, РФ «Фонд содействия реформированию ЖКХ» ген. дириэктэрэ К.К. Цицин, Кэтээн көрөр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ С.В. Степашин кыттыылаах тыа сиригэр бастакы арыллыбыт КОС-ка сырыттыбыт. Биологическай ньыманан станцияҕа күҥҥэ 500 куб.м. кирдээх уу ыраастанар. Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык бастакы эбийиэк 69 мөл. солк. тутуллубут.

«Чурапчы» ТХПК уопсастыбаннай уонна оскуола оҕотун аһылыгын кэмбинээтигэр халбаһы оҥорор, эти астыыр сыаҕын, 80 тн эт, арыы ууруллар булууһу көрдүбүт. Эт-үүт ас оҥоруутун толору баһылаабыт улууска биир улахан соҕотуопка уонна переработка тэрилтэтигэр, икки пищекомбинакка сылга 190 тн эт, 7600 тн үүт, 230 тн арыы астанан тахсар. Манна даҕатан эттэххэ, Чурапчы улууһугар өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх ынах-сылгы сүөһү баар: 20484 ынах сүөһү (Мэҥэ-Хаҥалас кэнниттэн), 17498 сылгы.

Москва, Санкт-Петербург к.к. ыытыллар быыстапка-дьаарбаҥкаларга көмүс мэтээллэри ылар кооператив бородууксуйата Мииринэйгэ, хоту улуустарга тиийэ атыыланар. ТХПК нэһилиэнньэҕэ сибиинньэни, кууруссаны аҕалан туттарбыт үүттэрин харчытын суотугар атыылыыр. Билигин реконструкцияҕа, тэрили саҥардыыга ылсыахтаахтарын кэпсээтилэр.

Чурапчыга сырыы улуус дьаһалтатыгар «төгүрүк остуолунан» түмүктэннэ. Быйыл чурапчылар сахаттан үс олимпиеһы иитэн таһаарбыт үтүөлээх тренер Д.П. Коркин, суруйааччы В.С. Яковлев-Далан, худуоһунньук А.П. Собакин 90 саастарын бэлиэтээри олороллор. Олимпийскай чемпион П.П. Пинигин 65 сааһа бэлиэтэммит. Муус устар 3-5 к.к. «Тыгын Дархан» киинэ сценалара уһуллуохтаахтар. Чурапчы улууһун баһылыга А.Т. Ноговицын 2014-2020 с.с. нэһилиэк олоҕун бары эйгэлэрин хабан сайыннарар «Кооперация төрүтүгэр Мындаҕаайы сэлиэнньэтин кластернай сайдыыта» бырайыагын кытта билиһиннэрдэ, уопут атастаһыытын бэрээдэгинэн балаһыанньатын Ньурба дэлэгээссийэтигэр туттарда. Ньурба уонна Чурапчы улуустарын аҕа баһылыктара Саха сирэ сайдарын туһугар сибээстэрин быспакка биир санаанан үлэлэһэргэ кэпсэтистилэр. А.М. Иннокентьев Илгэ Чороонун туттарда уонна Чурапчы дэлэгээссийэтин Ньурбаҕа ыҥырда. Оттон А.Т. Ноговицын улуус олоҕун сырдатар сурунааллары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттарда.