Сунтаар Куокунутугар сүөһү аһылыгын оҥорон таһаарар баазаны тэрийэри эттилэр

398

Куокунулар улууска 8 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбит киэҥ-холку, аламаҕай майгылаах урукку баһылыкпытын Владимир Тихоновы үөрэ-көтө көрүстүлэр.


Бырабыыталыстыба биир сыллааҕы үлэтин отчуотун истэн баран, сүрүн боппуруостары туруорустулар. Сыл аайы оттооһун тэтимэ бытаанын, окко хойутаан киирии маассабайын бэлиэтээтилэр. Ити түмүгэр кыстык хаарын үрдүнэн улууспутугар 500 туонна от ыарахан сыанаҕа, үлүгэрдээх ороскуоту оҥорон, тиэллэн кэлиэхтээҕин сыыһанан аахтылар. Маныаха туһааннаах этиини уордьаннаах механизатор, олоҕун устата илиитин тимир көлөттөн араарбатах, билигин сааһырдар даҕаны нэһилиэгэр тыраахтарынан араас үлэни толорон дьон махталын ылар К.И.Михайлов оҥордо. Кини сүрүн болҕомтону манныктарга уурарга эттэ:

Урукку сылларга оҕолорбутун үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр-такайар аналлаах үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара үлэлииллэрэ олус үчүгэй этэ. Билиҥҥи оҕолортон сорохторо окко кыттыбакка дьиэлэригэр компьютерга, интэриниэккэ, суотабай төлөпүөҥҥэ олороллоро мэлдьэх буолбатах. Сүрүн болҕомтону урут туһаныллыбыт бааһыналары тилиннэрэн сиилэһи, күөх маассаны элбэтиигэ ууруохха. Мин 50-ча сылтан ордук тимир көлөнү тэһииннээн сүүрдүбүт киһи талаҕынан, сэтирбит отунан бүрүллүбүт бааһыналары көрөммүн хараастабын. Элбэх тиэхиньикэни түмэн Улахан Табаҕаны тилиннэриэххэ диэн кэпсэтии барбыта ыраатта. Аһылык баазатын тэрийдэхпитинэ эрэ ынахпыт, сылгыбыт элбиэҕэ.

Агрооскуола дириэктэрэ Н.А.Иванов үөрэнээччилэри үлэҕэ иитии хайдах тэриллэрин, агрокластеры туруорсарын, бэйэлэрин күүстэринэн 60 туонна оҕуруот аһа хараллар овощехранилищены туппуттарын, күһүн аайы бэйэлэрин хортуоппуйдарын, хаппыысталарын атыылаан үп-харчы киллэрэллэрин, өссө киэҥ далааһыннаахтык үлэлииргэ, бородууксуйаны батарыыга тиэхиньикэ наадатын кэпсэттэ. Салгыы тыл эппит дьон оттуур сирдэрин докумуона бүтэ илигин, ыраастаммыт иһэр ууну, саҥа хотон тутуутун, ФАП боппуруоһун, интэриниэт бытаанын кэпсэттилэр, туруорустулар.

Кириэстээххэ култуура дьиэтэ төһө да тымныытын иһин отчуокка 82 киһи кэлбит. Бөлөх салайааччыта В.И.Тихонов биир сыллаах үлэни отчуоттуон иннигэр былырыыҥҥы туруорсуулар төһө туолбуттарын билиһиннэрдэ: онно этиллибитинэн, боротокуолга киирбит 10 боппуруостан 6-та туолбут. Саалаҕа мустубут дьон Ил Түмэн дьокутаата Александр Уаров өрөспүүбүлүкэ парламенын үлэтин туһунан кэпсээбитин болҕойон иһиттилэр.

Ил Түмэн саамай тутаах, сүрүн үлэтин кылгастык билиһиннэрдэххэ маннык. Бэһис ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутааттара 25 сокуон бырайыагын дьүүллэһэн бигэргэппиппит. Итинтэн 6 сокуонун Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В.Путин илии баттаан олоххо киирдэ. Олортон биирдэстэрэ мировой судьуйалар ахсааннарын элбэтии. Холобур, эһиги улуускутугар урут биир мировой судьуйа үлэлиир эбит буоллаҕына, билигин иккиэлэр. Өссө 7 сокуоммут Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарын бастакы ааҕыытын ааста. Онон Саха сирин парламена сокуону оҥорууга инники күөҥҥэ сылдьар. Парламеммыт спикерэ А.Н.Жирков 85 регионтан рейтининэн алтыс миэстэлээх. Өрөспүүбүлүкэ 3 сыллаах бүддьүөтүн ылыммыппыт. Соторутааҕыта парламеммытыттан анал дэлэгээссийэ, хардарыта уопут атастаһыы бэрээдэгинэн, Красноярскайга бара сылдьыбыта. Биһиги бу сылга тыа хаһаайыстыбатыгар 10 млрд 700 мөл. солк. көрбүт буоллахпытына, олохтоохтор бу салааҕа баара-суоҕа 968 мөл. солк. тыырбыттар. Мантан да көстөрүнэн, тыабыт хаһаайыстыбатын сайдыытыгар улахан болҕомто уурулларын этиэххэ наада, – диэтэ Александр Сергеевич.

Араас ис хоһоонноох боппуруостар кэннилэриттэн кэпсэтии, туруорсуу саҕаланна. Биир сүрүн туруорсар боппуруостарынан саҥа оскуоланы туттарыы буолар. Бырайыага бүппүт, бу сылга саҕаланыахтаах. Олохтоохтор туруорсууларынан улууска кэлэр дивидент харчытынан эһиил 2018 сылга бүтэрэр сорук турар. Успуорт саалата «Үтүө дьыала» харчытынан үбүлэнэн эмиэ тутуллуохтааҕын эттилэр. 85 саастаах ытык кырдьаҕас, билигин даҕаны тыа хаһаайыстыбатыгар быһаччы үлэлии сылдьар М.И.Коколов этиитэ Бырабыыталыстыба бөлөҕүн чилиэннэрин болҕомтолорун тарта.

«Сүөһүнү олох эһэн эрэбит. Сылтан сыл дьон-сэргэ сүөһүлэрин көҕүрэтэн, сүөһүлээх ыал аҕыйаан иһэр. Дьиҥинэн, сахалар ынах, сылгы төрүт баайбыт. Нэһилиэнньэ дьадайыыга барда. Бөһүөлэккэ үксэ кыаммат, кырдьаҕас дьон олороллор. Ол да иһин үөрэҕи бүтэрбит ыччаттарбыт киин сирдэргэ олох-суйаллар. Элбэх бааһына хаалла, күрүө бөҕөтө эмэҕирдэ. Сүөһүнү элбэтиэххэ диир буоллахха, сири оҥорон аһылыгын хааччыйыахтаахпыт. Бу өттүгэр биһиги, кырдьаҕас саастаах дьон, Улахан Табаҕаны тилиннэриэххэ, оҥоруохха диэн этэ сатаабыппыт ыраатта. Бакаа, сыҕарыйыы суох. Сотору буола-буола уматык ыарыыр. Ол аайы сыана барыта үрдүүр», – диэтэ Михаил Иннокентьевич.

Кириэстээхтэр атын даҕаны туруорсар боппуруостарын Бырабыыталыстыба бөлөҕөр суругунан биэрдилэр.

Илимнииргэ 35 киһи сырытта. Кинилэр сылга биирдэ кэлэр үрдүк дуоһунастаах дьонтон араас интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыталаспытынан бардылар. Олохтоохтору ордук маннык боппуруостар долгуталлар эбит: сылтан сыл ынах сүөһү аҕыйааґына, Ньурба улууһун баһылыгын Б.Н.Попову тоҕо хаайбыттара, нэһилиэккэ тиис бырааһа баар буолуута, араас бөҕү-сыыһы бэйдиэ тоҕон айылҕаны киртитии, ыраас уу боппуруоҕа, күһүҥҥү уонна сааскы өртөөһүн.

Кэпсэтиини биир бастакынан уруккута нэһилиэккэ баһылыктаабыт, илимниирдэр биир тумус туттар киһилэрэ П.Т.Ероскумов саҕалаата. Кини кылгастык маннык диэтэ:

«Оттооһун былдьаґыктаах кэмигэр уматык суоҕа улаханнык атахтыыр. Кэнники кэмҥэ ордук саҕалааччы фермердэргэ грант быһыытынан үп-харчы бөҕө бэриллэр буолла. Ол эрээри грант ылбыт дьону хонтуруоллааһын итэҕэс дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, үлүгэрдээх элбэх үбү ылан баран, туттубут хотонноро сууллар, куһаҕан көрүүттэн сүөһүлэр аччыктыыллар, тоҥон өлөллөр. Тыа сирин µлэтин сайдыытыгар биир улахан мэһэйинэн сааскы уонна күһүҥҥү өртөөһүнү боппуттара буолар. Сир-дойду, урукку оттонор ходуһалар сэтиэнэх буолан сыталлар. Онон сэрэхтээх буолуу бары быраабылатын тутуһанөртөөһүнү ыытарга туруорсаргытыгар көрдөһөбүн».

Уоттаах сэрии тулаайаҕа Т.Г.Федоров сүөһү ахсаанын элбэтиини, сири оҥорууну, уотурба кэлиитин кэпсэттэ. Оскуола дириэктэрэ Е.М.Чойнова бөһүөлэккэ элбэх эдэр ыал баарын, үгүстэр дьиэ-уот туттан олохсуйан эрэллэрин, ааспыт сыллаахха 8 оҕо кµн сирин көрбүтүн, биэлсэр штата көрүллүөхтээҕин кэпсэттэ, туруоруста.

Бордоҥнорго Бырабыыталыстыба отчуотун дьүүллэһии 50 сыллааҕыта тутуллубут култуура дьиэтигэр буолла. Кэпсэтиигэ бастакынан тыл эппит Ил Дархан Е.А.Борисов итэҕэллээх киһитэ, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгуна, сылгы иитиитин учуонайа Б.А.Потапов СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, СӨ тыа хаһаайыстыбатыгар уонна ас-үөл бэлиитикэтигэр миниистирэ П.Н.Алексеевка анаан суруйбут авторскай бырайыагын билиһиннэрдэ. Кини Бордоҥ агрооскуолатын абазатыгар үөрэтэр-научнай производственнай мастарыскыайы тэрийэргэ этии киллэрбит. «Оччоҕуна үөрэнээччилэр Ил Дархан Е.А.Борисов 2016 с. атырдьах ыйын 22 күнүгэр таһаарбыт «Сылгыны үөрдээн иитиини сайыннарыы» дьаһалыгар олоҕуран, сылгы хаһаайыстыбатын тэриниэ, племенной-селекционнай наука төрүттэрин билиэ этилэр», – диэтэ.

Олохтоохторсаҥа култуура дьиэтин күүскэ туруорустулар. Биир дойдулаахтара, Ил Түмэн дьокутаата Александр Уаровка: «Үбүлээһинин бу сылга «Үтүө дьыала» бырагырааматыгар киллэрэн, саҕалыахха», – диэтилэр. Наадалаах докумуоннара, ол иґигэр бырайыага барыта бүппүт. Итини сэргэ күүстээх кыамталаах саҥа хочуолунайы туруорустулар. Эргэ хочуолунайдара быйылгы кыстыкка 3-4 төгүл саахаллана сыспыт. Бу боппуруос эмиэ боротокуолга киирдэ. Орто оскуола дириэктэрэ В.Т.Григорьев бэйэ күүһүнэн тутуллубут оскуола элбэхтик өрөмүөннэммит даҕаны олус тымныытын, маныаха салгыы оҥосторго үп-харчы наадатын эттэ.

Өр сылларга механизатордаабыт, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Н.Е.Иванов бэйэтин кыһалҕатын маннык эттэ:

«Тыа хаһаайыстыбатыгар кэскиллээх үлэ ыытыллыбат. Холобур, оҥоһуллубут бородууксуйаны кыайан батарбаппыт. Ол курдук мин биир сылгыны өлөрөн баран, этин ханна да кыайан атыылаабатым, ким даҕаны ылбат. Онтон күһэллэн сороҕун билэр дьоммор босхо биэртэлээтим. Тириитэ таах хаалла. Түмүгэр, сылгыны иитэн, кини туһугар түбүгүрэн, көлөһүммүн тоҕон оттоон даҕаны диэбит курдук санааҕа кэллим».

Пенсионер, уруккута агрооскуола дириэктэрэ Р.А.Иванов оскуолаҕа өрөмүөн булгуччу барыахтааҕын, сэлиэнньэҕэ итии-тымныы уулаах водопровод оҥоһуллуохтааҕын, ходуһаны оҥорууга, дулҕалары астарыыга сүрүн болҕомто ууруллуохтааҕын эттэ. Бордоҥнор дьон доруобуйатын харыстабылыгар эмиэ туруорустулар. Бордоҥ нэһилиэгин баһылыга Н.М.Егорова, Хадан баһылыга А.С.Павлова, Илимниир баһылыга И.И.Иванов, Тэҥкэ баһылыга Н.И.Попов, Бордоҥнооҕу учаастактааҕы балыыһа старшай сиэстэрэтэ, оройуон Сэбиэтин дьокутаата Г.А.Лукина илии баттааһыннаах көрдөһүүнү СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ М.Е.Охлопковка суруйбуттар. Онуоха кинилэр Бордоҥнооҕу врачебнай учаастак үс нэһилиэк олохтоохторун: Хаданы, Тэҥкэни, Илимниири көрөрүн-истэрин, эмтиирин эппиттэр. Элбэхтик кэлэр-барар, ыарыһахтар ыҥырыыларыгар сүүрэр буолан, 2006 сыллааҕы тиэхиньикэ эргэрбитинэн, саҥа «Суһал көмө» массыынатын туруорсубуттар.

Отчуоту дьүүллэһиигэ кэпсэппит В.Ю.Лаптев Бырабыыталыстыба үлэтэ бэрт элбэх итэҕэстээҕин, былырыын боротокуолга киллэттэрбит боппуруостара үксэ туолбатаҕын этэн туран, биһирээбэтин биллэрдэ. Куоластааһын түмүгэр отчуокка кэлбит 74 киһиттэн 2 киһи сыана биэрэртэн туттунна, 1 киһи утарда, уоннааҕылар биһирээтилэр.

Кириисискэ кыһарыйтарбакка

Бырабыыталыстыба түмүктүүр отчуота «Бартыһаан» култуура киинигэр буолла. Үс бөлөх чилиэннэрэ уонна сенаторбыт А.К.Акимов, Ил Түмэн дьокутаата А.С.Уаров кытыннылар.

Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, бөлөҕү салайааччы П.Н.Алексеев дакылаатын саҕаланыытыгар Сунтаарга 3 сыл субуруччу кэлэн, олохтоохтор балаһыанньаларын, туруорсууларын билэрин бэлиэтээтэ. Маннык сонун ыйытыыларга толору, астык хоруйдары биэрдилэр: водозабор тутуутун, С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан бириэмийэни олохтооһуну, «Земскэй биэлсэр» үлэтин, киинэ тыйаатырыгар грант олохтонуутун, «Сахаинвест» аахсыйатын, мунньуллубут эргэ учебниктары хайдах туүаныыны, кырдьаҕас дьоҥҥо дьиэ өрөмүөнүгэр үп-харчы көрүллүүтүн, Е.А.Чекин хайдах Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ буолбутун, быраастар хамнастара хаһан үрдүүрүн, Абаҕаҕа «Солнышко» оҕо саада тутуллуутун, өрүс биэрэгин бөҕөргөтүүнү, субсидиялаах авиабилиэт тоҕо аҕыйаҕын, буойуна тутуллуутун, Сунтаар сэлиэнньэтигэр ХВС (тымныы уунан хааччыйыы ситимэ) хаһан үлэҕэ киириэҕин, о.д.а.

Сыл аайы буоларын курдук, кэпсэтии көхтөөхтүк барда. Араас туруорсуулар, сонун этиилэр иһилиннилэр. Олор бары боротокуолга суруллан сүүмэрдэниэхтэрэ. Маннык мунньахха сыл аайы кыттар Абаҕа ТОС салайааччыта З.С.Кузьмина бу сырыыга маннык кэпсэттэ: «Нэһилиэкпит баһылыга Эдуард Филиппов үчүгэйдик, былааннаахтык, инникини өтө көрөн үлэлиир. Сэлиэнньэҕэ бэрт элбэх үлэ ыытыллыбытын ааҕыталаабаппын. Сүрүн болҕомтотун бөһүөлэккэ тэриллибит 4 ТОС-ка уурбута саамай сөптөөх. Хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагырааматыгар үчүгэйдик ылсыһан, үлэтэ түмүктээх буолла. «Сельхозтехника» территориятыгар урукку көлүөнэ дьонун үйэтитиигэ сквер тутуллуутугар µбµнэн-харчынан көмөлөспүтүгэр махталбыт улахан. ҐҮгүс опсастыбаннай тэрилтэлэрбит мустан сµбэлэһэллэригэр, араас тэрээґиннэри ыыталларыгар анал дьиэбит суоҕа куһаҕан. Биһиги өттүбүтүгэр култуурунай-спортивнай киин тутулларыгар туруорсабын. Үбүн-харчытын «Үтүө дьыала» бырагыраамаҕа киллэрэн, 2018 сылтан саҕалыахха наада. Бүлүү өрүс уута киртийэн, кэн-ники сылларга искэн ыарыыта элбээбитинэн, водозабор тутуутун түргэтэтиэххэ. Итини сэргэ электрическэй уот кыамтата күүһүрүөхтээх, интэриниэт түргэтиэхтээх».

Кэпсэппит: «Сомоҕо» ТОС салайааччыта К.Т.Тотонов, Сунтаар нэһилиэгин дьокутаата А.И.Намылов, пенсионердар С.В.Лидочен, М.А.Акимов, Н.В.Горохов, инбэлииттэр уопсастыбаларын салайааччыта А.И.Коркин о.д.а. бэйэлэрин санааларын эттилэр, туруорустулар. Сунтаар сэлиэнньэтин олохтоохторо Бырабыыталыстыба 2016 сыллааҕы µлэтин биґһрээтилэр. Бөлөх салайааччыта П.Н.Алексеев мустубут дьоІҥҥо сонун этиилэрин иһин махтанна уонна кириисискэ кыһарыйтарбакка дьаныардаахтык үлэлииллэригэр ыҥырда.