Сааскы ыҥырыллыыга 16 ыччат киирэн, ытык иэстэрин төлүү бардылар

159

Муус устар 12 күнүгэр Р.Г.Васильев аатынан улуустааҕы кыраайы үөрэтэр мусуойга ытык иэстэрин төлүү барааччы 16 эдэр уолу аармыйаҕа атаарыы долгутуулаах түгэнэ буолла. 


Ыччаттары Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан улуустарын байыаннай комиссариатын салайааччыта Аял Петров эҕэрдэлээтэ:

‒ Эһиги, доруобуйаҕытынан, эккитинэн-хааҥҥытынан, өйгүтүнэн-санааҕытынан бэлэм буолаҥҥыт эр киһи буолар ытык иэскитин төлүү бараргытынан киэн туттуохтааххыт. Аармыйа кэккэтигэр тиийэн, бэйэҕитин үчүгэйдик көрдөрөн, норуоккут, улуускут аатын түһэн биэриэ суохтааххыт. Аармыйа диэн тургутуу оскуолата буолар. Онуоха эһиги туох баар дьоҕургутун көрдөрөн, баҕар ыллыыр буоллахытына ыллаан, успуорка дьоҕурдаах буоллаххытына, ону барытын көрдөрөн: «Бу уол биһиэхэ сулууспалаабыта ээ», ‒ дэттэрэр гына уонна Бочуот истиэнэтигэр бэйэҕит тускутунан үтүө өйдөбүл хаалларар гына сылдьахтааххыт. Урут-уруккаттан саха уолаттара бэйэлэрин сирдэрбэт этилэр. Билигин аармыйаҕа сылдьыы урукку курдук буолбатах, үчүгэй өртүгэр олус уларыйда. Эһиги чугас дьоҥҥут баран хайдах усулуобуйаҕа олороргутун көрөн кэлиэхтэрин сөп.

Улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Маргарита Максимова, улуус ийэлэрин ааттарыттан оҕо Күн сирин көрөр дьиэтин тутаах үлэһитэ Феврония Скрябина аармыйаттан эһиил күүскүтүгэр-күүс эбинэн, эргиллэн кэлэн, үөрэххитин салҕаан, үлэлээн-хамсаан үчүгэй дьон буолуҥ диэн алҕаатылар. Улуустааҕы ыччат бэлиитикэтигэр уонна дьиэ кэргэн дьыалаларыгар управление начаалынньыга Константин Захаров улууспутугар байыаннай бэлэмнэнии «Юнармия» хамсааһына баар буолан, ону сэргэ патриоттуу тыыҥҥа иитэр тэрээһиннэр ыыттыллар буоланнар, улаатан эрэ көлүөнэҕэ аармыйа туһунан өйдөбүл балай эмэ баар диэтэ. Кини ыччаттарга араас ыксаллаах быһыыга-майгыга сөптөөхтүк дьаһанарга сүбэлээтэ. «Доблесть» уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта Афганистан, Чечня курдук «итии туочукаларга» сылдьыбыт бэтэрээннэр ааттарыттан Николай Семенов эҕэрдэ тылыгар: «2000 сыллар саҕаланыыларыгар биһиги аармыйаҕа атаарыллыыбытыгар үһүө эрэ буолан барбыппыт. Билигин дойдуга бэриниилээх буолуу тыына күүскэ ыытыллар буолбута арылхайдык көстөр, онуоха төрөппүт өртүттэн сөптөөх үлэ ыытыллар. Аармыйаҕа, биллэн турар, бастаан утаа ыарахаттардаах, ону тулуйуохха наада. Эһиги бирикээс, эппиэтинэс, эт-хаан өртүнэн бэлэм буолуу диэн тугун билиэххит. Байыаннай сорудаҕы толорууга барытыгар бэлэм буолуохтааххыт», ‒ диэн уолаттар ытык иэстэрин чиэстээхтик төлөөн кэлэллэригэр баҕа санаатын эттэ.

Ыҥырыллыбыт уолаттар ааттарыттан харда тылы Иван Зыков тириэртэ уонна Кэскил Баишев «Харысхал» диэн ырыатын бэлэхтээтэ. Ыччаттарга Ф.Г.Охлопков аатынан уонна В.П.Ларионов аатынан «Юнармеец» хамсааһын иитиллээччилэрэ эҕэрдэ нүөмэрдэри толордулар. Бэс ыйыгар Мэҥэ Хаҥалас уонна Уус Алдан улуустарыттан 40-чэ ыччат ыҥырыллан барыаҕа.

Иван Белолюбскай, Тумул ыччата:

Мин Төҥүлүтээҕи оҕо успуорт оскуолатыгар көҥүл тустууга дьарыктыыр тириэньэринэн үлэлиибин. 25 саастаахпын. Аармыйаҕа бэйэм баҕа өртүнэн «барыахха хайаатар да наада» диэн өйүнэн-санаанан салайтаран баран эрэбин. Ханнык уобаласка, кыраайга барарбын толкуйдаабаппын, саамай сүрүнэ, үчүгэй чааска түбэспит киһи диэн баҕа санаалаахпын. Уһук илин эрэгийиэннэргэ күрэхтэһиилэргэ игин эрдэ сылдьыталаабыт буолан, атын куораттар тустарынан син өйдөбүллэхпин.

Айсен Федоров, Павловскай ыччата:

— Сааһым 19. Биһиги Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн иккиэбит. Күн-бүгүн Павловскайтан икки уолбут аармыйаҕа сулууспалыы сылдьаллар. Мин Хабаровскай кыраай чааһыгар барыахпын баҕарабын. Салгын десанын байыаннай чааһыгар (ВДВ) түбэспит киһи диэн санаалаахпын. Өй-санаа өртүнэн аарымйаҕа сулууспалыырга бэлэммин. Эһиил кэлэн бараммын, үлэлиэҕим дии саныыбын.

Анатолий Ларионов, Төхтүр ыччата:

— Мин 20 саастаахпын. Автодорожнай тиэхиньикуму бүтэрэн, суоппар идэлээхпин. Байыаннай-муора флотугар түбэспит киһи диэн санаалаахпын. Тоҕо диэтэр, сири-дойдуну көрүөхпүн олуһун баҕарабын. Бэйэм убайдарым, биир дойдулаахтарым сылдьан кэлбиттэрэ, аармыйа туһунан үчүгэй өйдөбүллэхтэр. Онон барарбыттан долгуйбаппын.