Сорсуннаах булчуттар улуустааҕы күрэхтэһиилэрэ Тааттаҕа тэрилиннэ

113

Игидэй нэһилиэгин кадровай булчуттарын үрдүк ааттарын үйэтитэр сыаллаах «Сорсуннаах булчут» улуустааҕы булчуттар күрэхтэһиилэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна.


Игидэй нэһилиэгэр олорон ааспыт сорсуннаах булчуттар Л.А.Никифоров, П.П.Ермолаев, И.К.Аргунов, Н.М.Варламов, А.П.Никифоров I, Алексей Андреевич Аргунов, В.А.Аргунов, Алексей Алексеевич Аргунов, Роман Иванович Захаров, Иван Романович Захаров, П.Л.Иовлев, В.Г.Варламов, Никита Трифонович Быгынанов сырдык ааттарыгар бу тэрээһин ыытылынна. Чугас, хаан-уруу дьоннорун ааттарын кэриэстээн хас биирдии булчут оҕолоро, аймахтара, сиэннэрэ, кэргэттэрэ 3-түү тыһ.солк. бириис фондатыгар уганнар, күүс-көмө буоллулар.

Күрэхтэһии туһунан Игидэй нэһилиэгин КСК директора, республикаҕа спорт эйгэтигэр биллэр комментатор Петр Петрович Ермолаев бу курдук кэпсээтэ: «Күрэхтэһии хас да түһүмэҕинэн ыытылынна. Барыта сэттэ команда кэлэн кытынна. Сарсыарда 10 ч. саҕалаан Дэбдиргэбит күөлүн үрдүгэр илин-кэлин түсүһүүлээх булчуттар, балыксыттар күөн көрсүһүүлэригэр 42 булчут иэмэх мастыы эрийистилэр. Сүрдээх тыҥааһыннаах киирсии буолла. Көрөргүт курдук, ити үлүгэрдээх үрдүк Дэбдиргэ былларын үрдүгэр сүүрэн тахсааһыннаах буолла. Булчут кутаатын уматыыттан саҕалаан, араас мэһэйдэри туоруур көрүҥнэргэ тиийэ түһүмэхтээх ыытылынна. Уопсай түмүккэ Ытык Күөлтэн «Көҥүл Боотурдар» Мичил Романович Харитонов салайааччылаах хамаанда 1-кы миэстэҕэ тахсан 5-тии тыһ. солк уу харчынан наҕараадаланнылар. 2-с миэстэҕэ Ытык Күөл-Туора Күөл холбоһуктаах «Сорсуннаах булчут» Евгений Прокопьевич Ефимов салайааччылаах хамаандата буолла. 3-с миэстэ Игидэйтэн «Түөрэй» Анатолий Анатольевич Борисов салайааччылаах хамаанда. Маны таһынан хас да көрүҥҥэ анал ааттары олохтообуппут. Онно МЦ автомат сааны ыһыыга уонна хомуйууга «Көҥүл Боотурдар» хамаанда хапытаана Мичил Романович Харитонов тэҥнээҕин булбата. Онтон ойбон алларыытыгар Петр Романович Чупров «Сорсуннаах булчуттар» хамаандаттан түргэн күүстээх туттунуулааҕын көрдөрдө. «Бастыҥ быһый булчут» аатын Егор Нестеров сүктэ. Кини улуус казначействотын салайааччы Роман Иванович Аргунов анал бирииһин тутта. Саамай «Бастыҥ түмсүүлээх хамаанда» аатын «Көҥүл Боотурдар» Мичил Романович Харитонов ылла. Элбэх балыгы куйуурга ылбыт хамаанда «Түөрэйдэр» буоллулар. Ити курдук, бэрт элбэх анал ааттар олохтоннулар. Мин эскииспинэн Максимов Николай Степанович былаһаакка оҥоһуутугар үлэлээтэ. Маннык күрэхтэһиилэр араас сиргэ ыытыллаллар да, маннык былаһааккалаах күрэхтэһии буолбутун өйдөөбөппүн. Кэлбит ыалдьыттар, көрөөччүлэр бары хайҕаатылар. Онон киниэхэ махталым муҥура суох».

Онтон Игидэй нэһилиэгин МТ баһылыга Руслан Алексеевич Захаров бу курдук кэпсээтэ: «Бу тэрээһини сорсуннаах булчуттарбыт сырдык кэриэстэригэр анаан Байанай күнүгэр ыыттыбыт. Күрэхтэһиини тэрийистилэр улууспут аҕа баһылыга М.М.Соров, хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ И.И.Потапов, любитель-булчуттарга Н.Н.Слепцов, уо.д.а. Тэрээһиҥҥэ күүскэ сүүрбүт-көппүт Петр Петрович Ермолаевка, КСК үлэһиттэрэ Толя Борисов, Саша Габышев, Ньургун Олесов, трактористар Н.С.Максимов уо .д.а. Нэһилиэк олохтоохторо, тэрилтэлэр өйөбүллэрэ наһаа улахан. Кинилэргэ барыларыгар дириҥ махталбын тиэрдэбин. Күрэхтэһиигэ КСК уолаттарыгар, хамаанда тэринэн кииирэн кыттыбыт, миэстэлэспит бары уолаттарбытыгар, эр дьоммутугар туспа истиҥ эҕэрдэ, барҕа махтал буоллун. Куруутун да, бу курдук, түмсүүлээхтик, барытыгар биир санаанан салайтаран, иннибит диэки баран иһиэҕин. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ. Тапталлаах дойдубут Дэбдиргэбит өрүү үүнэ-сайда, чэчирии турдун. Биир дойдулаахтарбыт Романовтар дьиэ кэргэҥҥэ, тапталлаах оҕолоро Леня Соҕуруу Кореяҕа үһүс төгүлүн операцияҕа барарыгар аһымал-акция бу тэрээһиҥҥэ сыһыарыллан ыытылынна. Барыта 61 850 солкуобай киирдэ».

Киэһэтин улахан сүүйүүлээх, дьону тардар, кэрэхсэбиллээх лотерея буолла. Ытык Күөл 1 № оскуолатын учууталлара Захаров А.А. уонна кини табаарыһа бу лотереяны оонньоттулар. Үс МР-155 автомат саа, 1 квадроцикл. Саалар Чычымахха, Баайаҕаҕа, Ытык Күөлгэ хааллылар. Онтон супер-бириис 128 тыһ. солк. суумалаах квадроцикл Михаил Никифоровка тиксэн, үөрүү өрөгөйө буолла.