Сунтаар дьоно-сэргэтэ сүрүннээн тутуу боппуруоһун чопчуласта

201

Сунтаар улууһун аҕыс нэһилиэгин олохтоохторо СӨ Бырабыыталыстыбатын ааспыт сыллааҕы үлэтин-хамнаһын туһунан сиһилии истээри, ыйытыылары биэрээри, туруорсууларын этээри көхтөөхтүк кытыннылар.


СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистири солбуйааччы Т.И.Степанова салайар II бөлөҕөр СӨ Баайга-дуолга уонна сир боппуруостарыгар сыһыаннаһыыларга миниистири солбуйааччы М.В.Никифоров, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин ыарыыны бопсор департаменын салайааччы Т.А.Романова, Ойуур сыһыаннаһыыларыгар департамент отделын салайааччы Д.А.Титов, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин ынах сүөһү, племенной үлэҕэ департаменын кылаабынай исписэлииһэ А.С.Никифоров, Архитектура уонна тутуу комплексын министиэристибэтин отделын салайааччытын солбуйааччы С.А.Сергеев, СӨ Геологияҕа уонна сир баайын туһаныыга судаарыстыбаннай кэмитиэт отделын кылаабынай исписэлииһэ В.Н.Ефремов, Сибээс уонна информационнай технологияларга министиэристибэ электроннай Бырабыыталыстыбаны тэрийэр департаменын сүрүннүүр исписэлииһэ И.С.Федоров, Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин биологическай ресурсаларга дирекциятын салайааччы Я.С.Сивцев, о.д.а. кыттыыны ыллылар. Улуус дьаһалтатыттан бөлөҕү улуус баһылыгын бастакы солбуйааччы э.т. Н.П.Александров арыаллаата.

Кэмпэндээйилэр отчуоту истэн баран, долгуйар үгүс ыйытыктарын биэрдилэр. Саҥа оскуола дьиэтин хаһыс да сылын туруорсар буоланнар, ыйытыыларын онтон саҕалаатылар. Маныаха оскуола дириэктэрэ В.И. Семенов саҥа оскуола тутуута 2020 сылга саҕаланарын уонна 2021 сылга үлэҕэ киириэхтээҕин туһунан тустаах уорганнар эрэннэрбиттэрин, онон хамсааһын тахсарыгар эрэнэрин биллэрдэ. Маны сэргэ, Ханты-Мансийск уокуругар тахсыбыт хас да оҕо өлүүлээх суол быһылаанын кэнниттэн, оҕолору таһыыга киирбит быраабылалар тустарынан чопчуласта.

Кини ыйытыытыгар быһаччы үлэлэһэ сылдьар нэһилиэк куратора С.А.Сергеев хоруйдаата. Кини эппитинэн, оскуола дьиэтин бырайыага оҥоһуллан бэлэм. Ол гынан баран, тутууну өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматыгар киллэрэр уустук эбит.

Олохтоохтор нэһилиэккэ 460-ча киһи олорорун, мантан 80-ҥа чугаһыыра биэнсийэлээҕин, 24 киһи инбэлиитин эттилэр итиэннэ эмп суоҕун, кыһалҕа тирээтэҕинэ Сунтаарга киирэн ыларга күһэллэллэрин, ол уустуктардааҕын ыйдылар. Онтон олохтоох култуура киинин дириэктэрэ А.Ф.Тотонова Саҥа дьыл эрэ иннинэ нэһилиэккэ 10 ханаалы көрдөрөр цифровой тэлэбиидэнньэ холбонон баран, аҕыйах хоноот баран хаалбытын, «Билайн» сибээһэ мөлтөҕүн бэлиэтээтэ. Маны таһынан, Анна Фомична култуура эйгэтигэр (олоҥхоҕо, оһуохайга) үрдүк ситиһиилэммиттэргэ Кыыл Уолун аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни олохтоон туттарыы туһунан баҕа санаатын иһитиннэрдэ.

Кэмпэндээйилэргэ хостонор сир баайыгар аналлаах мусуой дьиэтэ тутуллан иһэн, көҥдөйө бүтэн баран, үп суоҕунан тохтоон хаалбытыттан сонньуйалларын биллэрдилэр. Үчүгэйкээн мусуойу ситэрэргэ өрөспүүбүлүкэ, улуус өттүттэн үбүнэн көмөлөһөргүт буоллар дэстилэр. Тулалыыр эйгэни харыстааһын боппуруоһугар эмиэ тохтоотулар. Ордук Мохсоҕоллоох күөллэрин билиҥҥи туругуттан улаханнык долгуйалларын биллэрдилэр. Түгэнинэн туһанан, Арассыыйа үрдүнэн биллэриллибит Экология сылынан харыстыыр, ырааһырдар үлэни ыытар хайаан да наадатын ыйдылар, тус санааларын үллэһиннилэр.

Олохтоох муниципальнай тэриллиилэр бүддьүөттэрэ кырыымчыгынан, таһыттан үбү киллэрэргэ улахан интэриэстээхтэрин, онон тус сыаллаах Бырагыраамаларга киирсэн Граны ылыыга соруналларын туһунан нэһилиэк баһылыга А.Р.Игнатьев санаатын эттэ. Кини ханнык эмэ Бырагыраамаҕа кыттар буоллаххына, бэйэҥ бүддьүөккүттэн үгүөрү үбүнэн кыттыһары табыгаһа суоҕунан ааҕарын эттэ.

Онтон туруорсубуттара ырааппыт Кыра Харыйа, Орто Харыйа, Улахан Харыйа үрэхтэрин муостатын тутуу туһунан ыйытыыларыгар хамсааһын тахсыах быһыыта биллибэтэ хомотто.

Устьеҕа тутуу барбатаҕа ыраатта

Устьеҕа нэһилиэк баһылыга А.И.Попов инникитин бөһүөлэккэ барыахтаах үлэ-хамнас туһунан билиһиннэрдэ. Манна кини сотору кэминэн индустриальнай паарка тэриллиэхтээҕин, оччотугар элбэх үлэ миэстэтэ тахсыахтааҕын бэлиэтээтэ. Итиннэ үлэлии турар «Тещин язык» туристическай комплекс баазатын тупсарарга кэккэ санаалаахтара этилиннэ. Бу барыта элбэх дьону тардар сыалтан оҥоһуллара өйдөнөр.

Устьелар манна эмиэ саҥа оскуола тутуутун туруорустулар. Маныаха кэлэр сылга оскуола тэриллибитэ 50 сылын туоларын, уопсайынан, манна тутуу барбатаҕа ырааппытын, дьиэлэр үксэ эргэрбиттэрин эттилэр. Оскуола тутуута кыаллыбат буоллаҕына, саатар спорт саалатын өрөмүөннүүргэ үп көрөллөрүгэр туруорустулар.

Үлэ бэтэрээнэ, II группалаах инбэлиит, сэрии кэмин тулаайаҕа Е.П.Петрова өрөспүүбүлүкэбитигэр баччааҥҥа диэри тоҕо «Сэрии сылын оҕолоро» диэн сокуон ылыллыбатын ыйытта. Аҕата Ильмень күөлгэ кыргыһыыга суорума суолламмытын курутуйан аҕынна.

Билигин Устьеҕа саҥа дьиэни туттан киирэргэ кэккэ күчүмэҕэйдэр бааллар. Олортон сүрүннэринэн нэһилиэк генеральнай былаана оҥоһулла илигэ буолар. Манна үлэ барарын эттилэр. Генбылаан оҥоһуллан бигэргэннэҕинэ, дьиэ туттуон баҕарааччыларга ханнык да мэһэй суох буолуоҕун эттилэр.

Наахараҕа бу дьыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан барыта 128 киһи олорор. Ол иһигэр 34 оҕо. Ааспыт сылга 3 оҕо күн сирин көрбүт. Маныаха эдэр дьон, ыаллар кэлэн олохсуйалларын этэллэр. Кинилэри үлэнэн хааччыйыы биир сүрүн соруктара буолбут. Инники былааннарыгар эдэр ыччат микрооройуонун туттаары сылдьалларын, онно номнуо 12 эдэр ыал дьиэ туттарга сайаапка биэрбитин этэн улахан сэргэхсийиини таһаардылар.

Анатолий Тарасов: «Саҥа хочуолунай тутуллара буоллар, ыаллар дьиэлэрин толору хааччыллыылаах оҥостуохтара этэ. Ону хайдах гынан, туохтан саҕалаан, ханна тиийэн туруорсан тугу гыныахха сөбүй», — диэн ымпыгар-чымпыгар тиийэ ыйытта. Кини ыйытыытыгар бөлөҕү салайааччы Т.И.Степанова атын улуустарга хочуолунайы муниципальнай-чааһынай партнерство (МЧП) нөҥүө туталларын эттэ. Чурапчыны холобурдаата. Ол аата, чааһынай биисинэс уонна муниципальнай былаастар үптэрин кыттыһан дьаһаныылара буоларын өйдөөтүбүт.

Уһук Илиҥҥи гектары эмиэ улаханнык сэргээн ыйыталастылар. Ордук оттуур ходуһаларын туһунан токоолостулар. Бу биллиэн иннинэ, Наахараҕа босхо сири ылар туһунан 3 сайабылынньа киирбититтэн 2-тэ быһаарыллыбытын иһитиннэрдилэр.

Урукку сыллардааҕы отчуокка наахаралар ФАП-ка биэлсэри туруорсубуттара олоххо киирбититтэн үөрэллэрин биллэрдилэр. Анал үөрэхтээх эдэр киһи кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьарын киэн тутта кэпсээтилэр. Ол эрээри, дьиэтэ өрөмүөннэнэрэ наадатын, муостатын уларытар сөп буолбутун этэн, туруорсан туран, саҥа модульнай ФАП тутулларыгар баҕалаахтарын биллэрдилэр. Ол эрээри, чугастааҕы кэминэн табыллыбата буолуо диэн быһаарыы буолла.

Билигин биир дойдулаахтара И.Я.Тукайнов аатын сүгэр алын оскуолаҕа 6 оҕо үөрэнэр, онтон оҕо саадыгар 12 кырачаан сылдьар. Итини учуоттаан, улуустааҕы үөрэх управлениета иккиэннэрин бииргэ холбоон, оскуола-саад гына уларытарга былаанныыр. Ол эрээри, бүтэһиктээх быһаарыыны нэһилиэк схода ылыныахтаах. Дьон сөбүлэспэтэҕинэ оннунан хаалар.

Нэһилиэк баһылыга В.В.Максимов бу боппуруоска бэйэтин санаатын: «Биһиги курдук кыра нэһилиэккэ оскуоланы уларытан тэрийдэххэ, дьон ахсаана аҕыйаан барыаҕа. Эдэр ыаллар оҕолоро алын кылааһы бүтэрдэхтэринэ салгыы үөрэттэрээри Бүлүүчээҥҥэ эбэтэр улуус киинигэр көһөн бараллара биллэр. Төттөрү көһөн кэлиэхтэрэ саарбах. Ол оннугар оскуолабытын 7 кылаастаах оҥороргут буоллар, дьон кэлэн олохсуйуо этэ», — диэн тириэртэ. Итиэннэ билигин тигинэччи үлэлии олорор Күүкэй уонна Туойдаах оскуолаларын холобурдаата.

Түмүккэ бары нэһилиэктэр олохтоохторо СӨ Бырабыыталыстыбата 2016 сылга ыыппыт үлэтин биһирииллэрин биллэрдилэр.