Сунтаар нэһилиэктэрэ туруорсаллара элбэх

1494

Бүлүүчээҥҥэ 749 киһи олорор. Аҕыйах сыллааҕыга диэри кинилэр суоллара суоҕа сүрүн кыһалҕаларынан буолара. Билигин онтулара оҥоһуллан бүтэрэ чугаһаан, сырыы-айан сэргэхсийэн, санаалара бөҕөх сылдьаллар.


Онон да буолуо, кэпсэтии бэрт сэргэхтик, өрө көтөҕүллүүлээхтик саҕаланна. Күөйэ түһэн эттэххэ, манна аҕыйах сыллааҕыта оҕо саада дьэндэйбитэ. Аны быйыл эдэр исписэлиистэр олороллоругар анаан түөрт кыбартыыралаах дьиэ тутуллан үлэҕэ киириэхтээх. Өссө спортивнай-чэбдигирдэр киин тутуллуон баҕараллар. Онон ону туруорустулар.

Бүлүүчээннээҕи уус-уран галерея дириэктэрэ, учуутал А.Кириллин Уһук Илиҥҥи гектар туһунан ыйыталаста. Өрөспүүбүлүкэ таһыттан сайаапка киириитин интэриэһиргээтэ. Итинтэн сиэттэрэн, нэһилиэк территориятыгар баар Эмээхсин Хайата харыстанар сирдэргэ киириэн сөбүн туһунан Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин бэрэстэбиитэлигэр Я.Сивцевкэ санаатын тиэртэ. Онуоха тустаах исписэлиистэр кэлэн үөрэтэн көрөллөрө, ол эрэ кэнниттэн быһаарыы оҥоһуллара этилиннэ.

Олохтоохтор кинилэр эргин өрүстэрин уута уута олус киртийбитин, онон киһи кыайан испэт буолбутун, мууһа кытары кирдээх, болоорхой буолбутун үҥсэргээтилэр. Уу боруобатын ылалларыгар, түмүгүн нэһилиэнньэҕэ биллэрэн иһэллэригэр баҕардылар.

Тыа нэһилиэгэр үгүс ыал сүөһү ииттэрин, онон үүт туттаран эбии дохуоттанарын, ол эрээри, кэнники кэмҥэ барыстаныахтарын оннугар төттөрүтүн ночоотуруох курдук балаһыанньата үөскээбитин эттилэр. Маныаха сыллата ынахтарын ирдэбил быһыытынан бэтэринээргэ көрдөрөллөрө, ыарыыттан харыстыыр араас быһыылары оҥоттороллоро олус сыаналаах эбит. «Элбэх сүөһүлээх кэтэх ыаллар манна ордук оҕустараллар. Онон анал субсидия көрүллэрэ буоллар», — диэн хас да киһи санаатын тиэртэ.

Бүлүүчээн сиригэр-уотугар сир баайа көстүбүтүнэн, «АЛРОСА» АХ бэрэстэбиитэллэрэ олохтоохтору кытары ааспыт сыл көрсөн тураллар. Ол үрдүнэн нэһилиэнньэ билигин да дьаарханарын биллэрдэ. Хостуур үлэни ыытыахтаах тэрилтэ өттүттэн тулалыыр эйгэни айгыратыахпыт суоҕа диэн бигэ эрэннэрии суоҕа ордук дьиксиннэрбит. Онон кинилэри кытта бииргэ үлэлэһэр туһунан анал Сөбүлэһиини түһэрсэри ирдээтилэр. Манна эбии, үлэ хаамыытын нэһилиэнньэ бэйэтэ хонтуруоллуохтааҕын ыйдылар.

Бары нэһилиэктэргэ биэстэн элбэх оҕолоох ыаллар дьиэни тутталларыгар бэриллэр субсидияны сурастылар. Кинилэр ыйытыыларыгар бөлөҕү салайааччы, СӨ үлэлээх буолуу уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Т.Степанова билиҥҥи туругунан көмөнү ыларга өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 1360 дьиэ кэргэн анал реестэргэ турарын, уочарат кыралаан сыҕарыйарын эттэ. Сүрүнэ, тустаах Бырагыраамаҕа сыллата сөбүгэр үп көрүллүөн наада диэтэ.

Толооҥҥо бу иннинэ тус-туһунан үлэлии олорбут оскуола уонна оҕо саада холбоһон, оскуола-саад статуһун ылыахтаахтар. Билигин бу икки тэрилтэҕэ холбоон 17 эрэ оҕо сылдьар эбит. Ааспыт сылга нэһилиэккэ биир да оҕо төрөөбөтөх.

Былырыыҥҥы отчуокка толооннор саҥа ФАП тутуутун туруорсубуттара кыайтарбатах. Онтон Күүкэйгэ үөрэнэр оҕолору таһарга анал тиэхиньикэни көрдөспүттэрэ табыллыбыт. Онон суоппары үөрэттэрэ сылдьалларын, сотору кэминэн оҕолору таһыахтааҕын астынан, үөрэн туран кэпсээтилэр.

Хоролор киин хочуолунайдара чугастааҕылары курунньугунан киртитэриттэн эрэйдэммит ыаллар анал ыраастыыр тэрили туруосубуттара, сотору кэминэн быһаарыллыах буолан санааларын көтөхтө.

Күндэйэҕэ нэһилиэк куратора, СӨ үп миниистирин солбуйааччы И.Алексеев сырытта. Быйыл бу нэһилиэк тэриллибитэ 100 сылын туолар. Тэрээһин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар ыытыллара былааннанар. Бэлэмнэнии күүстээҕэ биллэр. Туруммут дьон тута нэһилиэккэ анал электрик туруорустулар. Онуоха уоттарын линията эргэрэн, сотору-сотору уоттара баран эрэйдээбит. Үбүлүөйдээх дьон балыыһаларыгар хапытаалынай өрөмүөнү туруорустулар. Салгыы педиатрдара суох буолан, оҕо ыарыйдаҕына улуус киинигэр барарга күһэллэллэрин, араас бары буолуон сөбүн ыйан туран, оҕо бырааһа наадатын тоһоҕолоотулар. Киин балыыһаттан квалифицированнай быраастар кэлэн нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөллөрүн туруорустулар. Маны барытын истэн баран, улуус кылаабынай бырааһа С.Иванова сотору кэминэн манна мобильнай стоматологическай кабинет быраастара кэлэн, олохтоохтор тиистэрин эмтиэхтэрин туһунан иһитиннэрдэ.

Инники былааҥҥа саҥа таас варианнаах оҕо саадын тутуута баар. Бу сылга эбийиэк бырайыагын оҥоруохтаахтарын, сирин быһаарыахтаахтарын эттилэр. Ханнык эмэ тус сыаллаах бырагыраамаҕа киирэн, үп көрүлүннэҕинэ үлэни уталыппакка саҕалыыр санаалаахтар.

Тэҥкэлэр өрүстэрин уута кирдээҕин, онон иһэр ууларыгар олус эрэйдэммиттэрин, кыһалҕаттан өрүс уутун иһэргэ күһэллибиттэрин эттилэр. Онон ууну ыраастыыр ыстаансыйа кэлбитин түргэн кэминэн таҥа охсон, ыраастаммыт ууну иһэри туруорсаллар. «Өрүс уутун туругун улууспутугар айылҕа харыстабылын салаата хонтуруоллуур. Кинилэр ааспыт сылга ууттан 75 боруоба ылбыттар. Онно биллибитинэн өрүспүт уута III кылаастаах кирдээх ууга киирсэр эбит. Онон дойдубутугар Айылҕа харыстабылын сыла биллэриллибитинэн күүстээх үлэни ыытыҥ диэн көрдөһөбүт, туруорсабыт», — дэстилэр.

Кыра, дьоҕус нэһилиэктэр бэйэлэрин бүддьүөттэригэр туризмы сайыннаран үп киллэриниэхтэрин баҕаралларын туһунан эттилэр. Манна аһыллыбыт турбаазаларыгар 70-ча киһи кэлэн сынньанан барбытын кэпсээтилэр. Онон инникитин саҥа туурдары тэрийэр буоллар, дьон кэлиитэ биллэ элбиэ, сайдыы барыа этэ диэн туран, улуус, өрөспүүбүлүкэ өттүттэн көмө көрдөөтүлэр.

Тэҥкэҕэ билигин 12 эдэр ыал баарын, ыччат элбэҕин, быйыл исписэлиистэргэ анаан икки кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киириэхтээҕин эттилэр. Итиэннэ эдэр дьон эрчиллэригэр, мустарыгар спортивнай саала наадатын бэлиэтээтилэр. Маныаха «Үтүө дьыала» хамсааһын нөҥүө тутуохха сөп диэн буолла. Инникитин көмөлөөн ынах сүөһү туруорарга биир уопсай хотону туттар баҕалаахтар биллэрдилэр, онно көмө көрдөөтүлэр.

Оскуола-саад үлэһитэ, икки болдьоххо Илимниир нэһилиэгин баһылыгынан үлэлээбит В.Яковлева өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс тус сыаллаах Бырагыраамалар үксүн улахан, орто нэһилиэктэргэ анаммыттарын ыйда. Холобур, ынах сүөһүнү атыылаһарга Грант быһыытынан 1 мөл. солк. үбү биэрэргэ нэһилиэккэ 700-тэн итэҕэһэ суох ынах сүөһү баар буолуохтаах диэн балаһыанньаҕа сурулла сылдьарын, ол үлэлиэн, үүнүөн, сайдыан баҕалаах кыра нэһилиэги кыһалҕаҕа кыһарыйарын эттэ. «Кыра нэһилиэктэр хайа да өттүнэн сүүйтэриилээх хаалаллар. Бу механизмын уларытарга уолдьаста», — диэн оруннаах этиини оҥордо.