Сунтаар улууһугар Олоҥхо декадатыгар норуот уус-уран айымньытын үйэтитээччилэр түмсэллэр

144

Бу күннэргэ Сунтаар улууһугар Олоҥхо декадата ыытылла турар. Соторутааҕыта Кута­на нэһилиэ­гэр Муҥха олоҥ­хото олус тэрээһин­нээхтик буолан ааспыта. Туйаара Алексеева, Айсен Федо­ров, Алексан­дра Андрее­ва уонна уһу­йааччы Мария Афанасье­ва иитил­лээч­чилэрэ олоҥ­хоттон быһа тардыылары толорбут­тара.


«Олоҥхо» төрүт култуура киинигэр «Олоҥхонон сирдэтэн» диэн декаданы аһар үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Биир дойдулаахпыт, СӨ үтүөлээх учуутала, оҕолорго олоҥхону уһуйааччы Никандр Тимофеев «Олоҥхо туһунан кэскиллээх кэпсэтиини» ыытта.

Биир саамай сүрүн тэрээһи­нинэн үс күн устата (сэ­тинньи 15-17 күннэригэр) ыытыллыбыт «Олоҥхо үөрэҕэ» диэн улууспут бары нэһилиэктэ­рин оҕо саадын иитээччи­лэригэр анаан улуус­­тааҕы «Олоҥ­хо» төрүт култуура киинин фольклорга исписэлииһэ уонна 5 №-дээх «Ньургуһун» оҕо саадын фольклорга куруһуогун педагога Туйаара Алексеева ааптарыскай сэминээр-практи­кума буолла. Сэминээр ааптары­нан Туйаара Аркадьевна бэйэтэ буолла. Кини этии киллэрэн бу тэрээһин олоххо киирдэ диэн аһаҕастык этиэххэ наада. «Хата, мин этиибин улуустааҕы үөрэх управлениета (нач. Гаврил Ере­меев) уонна, чуолаан, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин отделын салайааччыта Антонина Саввинова өйөөбүттэригэр улахан махталбын тириэрдэбин», – диэн кини этэр.

Сэминээргэ барыта 50-ча иитээч­чи кэлэн, үс күн устата то­йукка, сахалыы ырыаҕа уонна олоҥхону толорорго үөрэннилэр, наадалаах сүбэ-ама ыллылар. Кинилэр манна ылбыт үөрүйэх­тэрин кырачаан иитиллээччи­лэригэр иҥэриэхтэрэ диэн эрэ­нэ­бит. Дьиҥэр, биһиги бары даҕаны саха оҕото кыра сааһыттан омугун төрүт култууратыгар уһуйуллан улаатыахтаах диэн бигэ санаалаахпыт.

Сэминээр-практикуму түмүк­түүр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуустааҕы үөрэх управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев, управление оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын салайааччыта Антонина Савви­нова, тойуксут, олоҥхоһут Татьяна Тихонова о.д.а. кэлэн көхтөөхтүк кытыннылар, эҕэрдэлээ­тилэр.

Үс күннээх үөрэҕи ааспыт иитээччилэр туохха уһуйуллу­буттарын арылхайдык көрдөр­дүлэр. Онтулара бэйэтэ кэн­сиэр буолла. Ол курдук кинилэр Наталья Михалева-Сайа «Олоҥ­хо дойдута – Сунтаарым» диэн хоһоонун туойан иһитиннэр­дилэр. Салгыы хас да олоҥхот­тон ылыллыбыт кэрчиктэри олус бэркэ толордулар. Кинилэр олоҥхолорун истэ олорон, 30-ча мүнүүтэ ааһа охсубутун билбэккэ да хааллыбыт. Онон сэминээр тус сыалын сиппит диэн өйдө­бүлгэ кэллибит.

Олоҥхо декадата ахсынньы 1 күнүгэр түмүктэниэҕэ. Ити күн киэһэ 6 чаастан «Олоҥхо» төрүт култуура кии­нигэр «Удьуор утума» диэн олоҥхоһут Г.А.Анд­реев-Борту­нуой Хабырылла талааннаах удьуордарын, утумна­рын улахан кэнсиэрэ буолуоҕа.