Сунтаар улууһугар Тыа сирин үлэһит дьонун сыла түмүктэннэ

200

Сунтаар улууһугар Олохтоох бородуук­суйа­ны оҥорон таһаарыы, өрөспүүбүлүкэҕэ Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун өйөөһүн, Арассыыйаҕа көҥүл өттүнэн көмөлөһөөччү уон­на волонтер сыл­ларын арыйар тэрээһин «Партизан» КК буо­лан ааста. Бу күн ааспыт 2017 с. улууспутугар бил­лэрилли­бит Тыа сирин үлэһит дьо­нун сылын түмүктэрэ сырда­ты­лыннылар.


Улуус баһылыга А.В. Григорьев ааспыт сылга үрдүк наҕараада­лары ылбыт дьоммутугар – РФ Доҕордоһуу уордьанын хаһаайына Олег Сосиҥҥа, СӨ «Хотугу Сулус» уордьан хаһаайына Михаил Коколовка уонна «Өрөспүүбүлүкэ киэн туттуута» норуот бириэми­йэтин «Култуура диэйэтэлэ» номи­нация кыайыылааҕа Августина Клакиноваҕа эҕэрдэ суруктары туттартаата. Тыа сирин үлэһит дьонун сылын чэрчитинэн ыытыл­лыбыт күрэхтэр кыайыылаахтара, бу күрэхтэри ыытарга күүс-көмө буолбут тэрилтэ салайааччылара Тамара Казакова (Сунтаардааҕы технологическай колледж), Мария Саввинова («Бизнес киинэ» МАТ), Юрий Григорьев (Сунтаардааҕы РЭС), Александр Данилов (ОДьКХ Сунтаардааҕы филиала) чиэстэннилэр.

Арассыыйаҕа Экология сылын түмүгүнэн Э.Д. Соколов-Тулусхан аатынан улуустааҕы бириэмийэ хаһаайынынан Сунтаардааҕы РЭС инженерэ Данил Семенов буолла. Данил Иванович Сунтаардааҕы РЭС начаалынньыгынан үлэлиир кэмигэр уоту­нан ититиини киллэрэн саҕалаа­һыҥҥа сүдү кылаатын уурбута. Улууспутугар уотунан ититиигэ киирии түмүгэр, 380 тыһ. куб оттук мас харыстаммыта, күөх маһы алдьатыы аҕыйаата. СӨ Айылҕа харыстабылын министиэ­рис­тибэтин Бочуотунай грамота­ты­нан «Авиалесохрана» бэтэрээн­нэрэ, Сунтаар нэһилиэгин Бочуот­таах гражданиннара Анатолий Терентьев, Вячеслав Иванов, Александр Сарафанов, Альберт Намылов наҕараадаланнылар.

«Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута» улуустааҕы бэстибээл тыа хаһаайыстыбатын, култуура, үөрэх, успуорт, ыччат үлэтин көр­дөрүүлэринэн бары нэһилиэк­тэрин хабан ыытыллыбыта. Бу бэстибээл түмүгүнэн бастакы бөлөххө – нэһилиэнньэтин ахсаа­на 400-кэ диэри тиийэр нэһилиэк­тэргэ I миэстэни Күүкэй нэһилиэгэ (баһ. Федор Федоров), II миэстэни Түбэй нэһилиэгэ (баһ. Герман Данилов), III миэстэни Устье нэһилиэгэ (баһ. Александр Попов) ыллылар. Оттон иккис бөлөххө (400-800 ахсааннаахтарга) I миэстэ – Куокуну (баһ. Леонид Михалев), II миэстэ – Маар Күөл (баһ. Владимир Данилов), III миэстэ – Түбэй Дьаархан (баһ. Егор Григорьев) буоллулар. 800-тэн үөһээ ахсааннаах улахан нэһилиэктэргэ Кутана нэһилиэгэ (баһ. Николай Данилов) I м. ылла, Элгээйи (баһ. Гаврил Яковлев) II м., Бордоҥ (баһ. Гаврил Чере­па­нов) III м. буоллулар. Кыайыы­лаах нэһилиэктэр Синтай тыраахтарынан, иккистэр 200000 солк., үһүс­тэр 100 000 солк. суумалаах сэртипикээттэринэн наҕараада­лан­нылар.

Тэрээһин түмүгэр улуус баһы­лыга нэһилиэк баһылыктарын (ба­ры эр дьон) кытары сахалыы таҥастаах тахсан хомуска оонньоон дьон-сэргэ биһирэбилин ыллы­лар. Бу кэмҥэ баһылыктарбыт олох­торун аргыстара эмиэ саха­лыы таҥаһы таҥнан, симэнэн тахсан саалаҕа мус­тубут дьону кы­мыһынан, алаадьы­нан күндүлээтилэр.