Сунтаар улууһун Абараанча ходуһатыгар от ыйын 20-гэр оттоон бүппүттэр

309

Тойбохой өттүттэн Сунтаарга айаннаан истэххэ Абараанча диэн сыһыыга сыл аайы ким хайа иннинэ оттооһун саҕаланан, бугул бөҕө бачыгырыыр, чохуонускай арыы курдук түстэммит оттор кэчигирииллэр.


Абараанча бэтэринээринэй сулууспа, сэбиэскэй-бартыыйынай үлэ бэтэрээнэ Владимир Петров бас билэр ходуһата.

Владимир Гаврильевич эппиэттээх үлэттэн уурайыаҕыттан кэтэх хаһаайыстыба тэринэн ынах, сылгы көрөр. Бэйэтэ кэпсииринэн, 1-2 ынаҕыттан бүтүн Сунтаары тилийэ көтөн, үүт, суорат, өссө ардыгар сүөгэй атыылыыр. Кини бородууксуйатын дьон эрдэттэн үлэһэн былдьаһыгынан ылар.

Отчут Петров дьонтон уратыта диэн — «Бөтүрүөб ардаҕын, абааһылар мунньахтарын» күүппэккэ, окко киирэр идэлээх. Кини бэйэтин олоххо мунньуммут баай уопутунан от хаһан ситэрин, күн-дьыл туругун кэтээн көрөр. Сыл аайы оттооһун кэмэ кэллэ дии санаата даҕаны, ким хайа иннинэ хотуурун, кыраабылын тутар. Онон, этэллэрин курдук, кэҕэ үөһүн курдук күөх, үрдүк хаачыстыбалаах оту бэлэмниир.

«Быйыл сүүрбэччэ туонна курдук оту үксүн дьиэбэр тастым, сороҕун миэстэтигэр кээстибит«, — диир Владимир Гаврильевич. Итиччэ оту хайдах түргэнник оттуу охсоҕун диэтэххэ, икки уолбун кытта эбии дьону наймылаһабын. Үлэлэспит дьонугар сирин ордугун биэрэрин кэпсиир.

Владимир Гаврильевич оттуур ньымата, болдьоҕо атыттарга холобур эрэ буолуон сөп. Кини бу ый бүтүөр диэри кураарыа, онтон атырдьах ыйын саҥата эмиэ уһун ардахтаах буолуо диэн билгэлиир.