Сунтаар улууһун бастыҥ суоппарынан Александр Сусов ааттанна

203

Сунтаар улууһугар тыа сирин үлэһиттэрин сыла биллэриллэн, ким идэтигэр бастыҥын быһаараллар. Бу сырыыга уһулуччу дэгиттэр суоппар аата билиннэ. Оробуочай идэни ыччакка билиһиннэрэр, суоппардар про­фессиональнай-техническэй таһымнарын үрдэтэр сыаллаах ыытыллыбыт тэрээһин олохтоохтор интэриэстэрин тарта. 


Күрэхтэһиигэ кыттар 10 суоппар кытынна. Ыарахан ыйааһыннаах КАМАЗ массыына «С», «Е» катего­риялаах суоппардара: ИП Г.Е.Даниловка үлэлиир Ана­толий Чойнов, 32 сыл ыстаастаах, Де­нис Назаров, 7 сыл ыстаастаах, Мак­сим Данилов, 9 сыл ыстаастаах, «Сунтарцеолит» ХЭТ үрдүкү кылаастаах суоппара Вале­рий Торговкин, 16 сыл ыстаастаах, «Жилкомсервис» суоп­пара Владимир Платонов, 4 сыл ыстаастаах, «Айан суол» ХЭТ суоп­пардара Павел Иванов, 26 сыл ыстаастаах, Эдуард Николаев, 15 сыл ыстаастаах, Сунтаардааҕы техноло­гическай колледжка автомэ­хээнньик группатыгар производ­ственнай үөрэхтээһин маастара, инструктора Семен Яковлев, 15 сыл ыстаастаах, Сунтаардааҕы технологическэй колледж кылаа­бынай мэхээнньигэ Павел Болуров, 13 сыл ыс­таастаах, «Якутскэнерго» Сунтаардааҕы РЭС бэрэстэбиитэлэ Александр Сусов, 7 сыл ыс­таас­таах.

Тэрилтэлэр бастыҥтан бастыҥ суоппардара бу үрдүк аат иһин бэрт эрдэттэн ох курдук оҥостум­муттара, тэп курдук тэриммиттэрэ сирэйдэриттэн-харахтарыттан, тутта-хапта сылдьалларыттан тута көстөр. Кыайыылааҕы Сунтаар улууһун дьаһалтатын 50 тыһ. солк. анал бирииһэ күүтэр.

Күрэхтэһии бастакы түһүмэҕэ – теоретическай билиини тургутуу. Суол быраабылатыгар 10 мүнүүтэ иһи­гэр 20 боппуруоһу эппиэттиэхтээх­тэр. Барытын сөпкө толорбукка – 20 баал суруллар. Өр-өтөр буол­бат, Мак­сим Данилов сорудаҕын толорон, дьүүллүүр сүбэҕэ тутта­рар. Би­риэмэтэ: 4 мүн. 3 сөк. Суоп­пар­дар биир-биир сорудахтарын толор­тууллар. Үс киһи боппуруостарын бары­тын толору, сөптөөхтүк эппиэттээн 20 баалы суруммуттар: Павел Болуров, Семен Яковлев, Павел Иванов.

Тута иккис практическай түһү­мэх саҕаланар – «Авто-эстафета». Дьэ, манна ким имигэһэ, сата­быллааҕа, үрдүк маастарысты­балааҕа, ньиэрбэтэ кытаанаҕа быһаарыллар. Маннык көрүҥнэри толоруохтаахтар: старт, «змейка», кэннинэн боксаҕа киирии, турар массыына таһыгар кэннинэн парковкаҕа туруу, “муостаны” нө­ҥүө ааһыы, көлүөһэни төкүнүтүү. Бастакы саҕалааччыга хаһан баҕа­рар ыарахан. Бу сырыыга баста­кы­нан Максим Данилов барда. Атыттар иннигэр-кэннигэр сүүрэ-көтө сылдьан, хайдах киирэри-тахсары, “муостаны” туорааһыны үөрэттилэр, чинчийдилэр. Суоп­пар­дарбыт төһө маастарыстыба­лаахтара манна чуолкайдык билиннэ. Сорохтор хара саҕала­ныаҕыттан «змейканы» оҥоролло­ругар анал бэлиэлэри түҥнэритэ көттүлэр, боксаҕа кэннинэн кии­риигэ сыаналаах бириэмэлэрин сүтэрдилэр, «муостаны» иһинэн-таһынан элээртилэр. Иккис түһүмэх кыайыылаахтара билиннэ: 2,01 бааллаах Александр Сусов бас­такы, 2,02 бааллаах Эдуард Николаев иккис, 2,16 бааллаах Владимир Платонов үһүс миэстэ буоллулар.

Күрэхтэһээччилэр илин-кэлин түсүһүүлэрэ сытыырхайда. Этэр­гэ дылы, ама, ким баҕарыа суоҕай бастыҥ суоппар чулуу аатын ылары, 50 тыһ. солк. тутары.

Суоппардар бары даҕаны саллы­быт, сэрэхэчийбит үһүс түһүмэхтэрэ биллэриллэр. Кэнни­нэн астаран тиийэн турар быры­сыабы холбонуу, онтон эмиэ кэн­ни­нэн бырысыабы гарааска кил­лэ­рии. Дьэ, манна үгүстэр улахан­нык эрэйдэннилэр: уҥа-хаҥас астардылар, үөһэнэн, алларанан сырыттылар. Мин көрөр кэммэр 26 сыл ыарахан туон­налаах мас­сыынаҕа суоппар­даабыт, «Айан суол» ХЭТ биир бастыҥ ыытаач­чыта Павел Иванов кэнни­нэн астаран кэлээт, тута бырысыа­бын холбуу оҕуста.

Дьүүллүүр сүбэ үһүс быһаа­рыылаах түһүмэх түмүгүн таһаар­бытыгар уолаттарбыт миэстэлэрэ маннык буолла. Саамай бастыҥ­нарынан Максим Данилов уонна Александр Сусов ааттаннылар, 4,38 бааллаахтар. Анатолий Чойнов 5,05 баалы ылан иккис­тээтэ. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Эдуард Николаев тигистэ, 5,48 бааллаах.

Куонкурус кыттыылаахтара тапталлаах модун тиэхиньикэ­лэрин – КАМАЗ-тарын иннигэр ким бастаабытын билэ охсоору, долгуйа кэтэһэн, сүрэхтэрэ күүскэ тэбиэлээн, кэчигирэһэн турдулар. Көрөөччүлэр даҕаны чуумпур­дулар.

Дииктэр чуор куолаһа микро­фонунан бастаан кимнээх ханнык номинацияларга тиксибиттэрин иһитиннэрдэ: «Самый опытный водитель» номинация бэриллэр «Сунтарцеолит» ХЭТ суоппара Валерий Торговкиҥҥа, «За высокий профессионализм» – Анатолий Чойновка, «Приз зрительских симпатий» – Павел Болуровка, «Самый молодой водитель» – Владимир Платонов­ка, «Самый аккуратный водитель» – Семен Яковлевка, «Мастерство в маневрировании» – Денис Назаровка, «Лучшему знатоку ПДД» – Павел Ивановка. Номина­цияҕа тиксибит бары суоппардар­га дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээ­тэлэ Н.П. Александров анал бириистэри, дьупулуомнары туттарда.

Өссө долгутуулаах түгэн буолла. Уопсайа 11 бааллаах Максим Данилов үһүс бириистээх миэстэ хаһаайынынан буолан инструмент нобуорунан наҕараадаланна. 8 бааллаах Эдуард Николаев иккис бочуоттаах миэстэҕэ тиксэн, бэйэтин үлэтигэр олус наадалаах домкраты ылан үөрдэ-көттө. Сыралаах күрэхтэһии бастыҥа, бэйэтин идэтин дэгиттэр баһы­лаабыт, 5 бааллаах Александр Сусов кыайыылааҕынан тахсан, улууспут дьаһалтатын баһылыга А.В.Григорьев илиититтэн анал бирииһи – «Лучший водитель» диэн суруктаах 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти ылла.

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: Н.П.Алек­сандров, Сунтаар улууһун дьа­һалтатын баһылыгын бастакы солбуйааччыта, бэрэссэдээтэл, чилиэннэрэ: К.Т.Тотонов, Сунтаар­дааҕы технологическай колледж произ­водственнай сыа­ҕын сала­йаач­чыта, А.В.Егоров, колледж преподавателэ, Ю.А. Шку­лев, «СунтарАвтодор» мэхээн­ньигэ.