Сунтаар улууһун бастыҥ суруналыыһынан Мария Кобельянова ааттанна

406

Быйыл улууспутугар биллэриллибит Тыа сирин үлэһитин сылын чэрчитинэн, «Сунтаар сонуннара», Саха НИКК Сунтаардааҕы «Сунтаар сулуһа» филиалын үлэһиттэрэ «Бастыҥ суруналыыс» аатын ылар иһин илин-кэлин түһүстүлэр.


«Сунтаар сонуннара» хаһыаттан Гаврил Андреев, Станислав Ноговицын, Иван Чагдинскай, «Сунтаар сулуһа» суруналыыстара Ольга Захарова, Мария Кобельянова, Ньургуйаана Харчасова уонна «Долгун» араадьыйа эрэдээктэрэ Людмила Пустолякова, хаһыат уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэ Борис Потапов алта түһүмэхтээх күрэскэ кииристилэр.

Бастакы түһүмэххэ суруналыыс сыллааҕы үлэтэ сыанабылга туруоруллубута. Батсаап нөҥүө куоластааһын эмиэ ыытыллыбыта. Куоластааһын болдьоҕо бүппүтүн кэннэ, манна ылбыт бааллара эбии очукуо быһыытынан бэрилиннэ.

Түмүктүүр күрэх «Партизан» култуура киинигэр ыытылынна. Күрэстэһээччилэр айар үлэлэрин быыстапката кулууп фойетын киэптии, бүтүннүү ылан турда. Бэйэни билиһиннэрии, дьиэтээҕи сорудах, бэриллибит сорудахха тутатына эппиэт биэрии курдук түһүмэхтэри суруналыыстар таһаҕас оҥостубакка бэрт сатабыллаахтык, интэриэһинэйдик толордулар.

Талааны көрдөрүүгэ төрөөбүт дойду туһунан хоһоон, ылбаҕай ырыа, дьүһүйүү, оригинальнай нүөмэр барыта толоруллан, бэйэтэ туспа кэнсиэрт буолла.

Куонкуруска кыттыбыт суруналыыстар бары да тэҥ баайыылаахтарын бу тэрээһиҥҥэ мустубут дьон бэлиэтии көрдүлэр. Оттон ирдэбиллээх дьүүллүүр сүбэ түмүгү иһитиннэрэрин бары да долгуйа күүттүбүт.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевай бэлиитикэҕэ солбуйааччы Ульяна Попова салайааччылаах дьүүллүүр сүбэҕэ улуустааҕы «Билии» уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Егор Кузьмин, үөрэҕирии управлениетын исписэлииһэ Татьяна Жиркова, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэттэн ааҕааччыны кытта үлэлиир отдел салайааччыта Елена Федорова уонна «Сунтаар сонуннара» хаһыат кылаабынай эрэдээктэрэ Борис Николаев үлэлээтилэр.

Түмүк маннык буолла:
«Чаҕылхай суруналыыс» — Ольга Захарова, «Саҥалыы көрүүлээх суруналыыс» — Станислав Ноговицын, «Бэриниилээх суруналыыс» — Иван Чагдинскай, «Сахалыы тыыннаах суруналыыс» — Людмила Пустолякова, «Талба талааннаах суруналыыс» — Ньургуйаана Харчасова, «Тобул толкуйдаах суруналыыс» — Гаврил Андреев, «Ох тыллаах суруналыыс» — Борис Потапов.

Оттон Саха НИКХ «Сунтаар сулуһа» филиалын эрэдээктэрэ Мария Кобельянова бу күрэх кыайыылааҕа буолла уонна улуус баһылыга Анатолий Григорьев 50 тыһ. солк. суумалаах сэртипикээти тутан.

Баһылык тыа сирин үлэһит дьонугар сүрүн болҕомто ууруллан маннык тэрээһиннэр ыытыллалара үтүөттэн атыны аҕалбатын, дьоммутун-сэргэбитин үлэҕэ көҕүлүүр дьаһал буоларын бэлиэтээтэ.