Сунтаар улууһун Күндэйэтигэр алта сайылык тигинэччи үлэлии турар

537

Күндэйэ нэһилиэгэ 100 сылын туолар үбүлүөйдээх ыһыаҕар «Тускул» ХЭТ ыалдьыттары, олохтоохтору буор босхо кымыһынан, алаадьынан, эмис этинэн күндүлээн, күндэйэлэр чахчы да байылыаттык олорорбутун көрдөрдүлэр. Билигин сайылыкка тахсан, күөх мэччирэҥҥэ сүөһүлэр үүттэрэ буолунай эбиллэн үлэһиттэр көхтөөхтүк үлэлии сылдьаллар.


Элгээҥҥэ 42 ыанар ынахтаах үс ыал олорор. Кинилэр миэстэтигэр оттууллар. Олортон икки хаһаайыстыба дьиэ кэргэнинэн көһөн, кыстаан олорор. Кумах Атах пиэрмэтигэр Михайловтар бары бииргэ сүөһүлэрин, сылгыларын тэҥҥэ тутан, үрдүгэр кыстаан олороллор.

Таас сайылыгар 16 хаһаайыстыба сүөһүтүн холбоон, сайылыкка тахсан үлэлии-хамсыы сылдьаллар, Ньэккэйгэ 30 хаһаайыстыба 102 ыанар ынаҕы тутан олорор, кэрэ миэстэлээх үрэх үрдүгэр Каака Маара сайылыкка 4 хаһаайыстыба – 39 ыанар ынахтаах сайылаан олорор.

Айан суол кытыытыгар Туруйа пиэрмэтигэр Семеновтар дьиэ кэргэнинэн күргүөмүнэн тахсан, үрдүгэр кыстыыр отторун хааччынан, сайыны бэркэ атаараллар. Сайылыктар, Туруйаттан ураты, бары ынах ыыр аппараатынан, үрдүгэр үүттэрин эрийэн, холбуй үүттэрин ньирэйдэрин аһатан, сүөгэйдэрин арыы оҥорор сыахха туттараллар. Бары бостуугуттан үүт эрийээччитигэр, ыанньыксытыгар диэри толору үлэһитинэн хааччынан, сүөгэйдэрин эрэбил тырахтарыыс Макаров Н.Н. күн аайы арыы сыаҕар аҕалан, сибиэһэйдии туттарар. Тарбыйах аһатыытыгар оҕолоро көмөлөһөн, кинилэр эмиэ дохуот аахсар дьон буолбуттар.

Кэлбит үүтү, сүөгэйи «Тускул» ХЭТ Күндэйэ нэһилиэгин таһынан Кутана, Сиэйэ, Хоро, Түбэй нэһилиэктэрин холбоон, 6 ый түмүгүнэн үүтү тутуу уопсайа 321,6 туонна буолла, ол иһигэр бэс ыйыгар 147 туонна үүт тутуллан, үүт харчытын 14,4 мөл. солк. толору аахсан олороллор. Үүтү соҕотуопкалыыр пуун нэһилиэнньэҕэ арыы, иэдьэгэй, сыр, кымыс, суорат оҥорон атыылыыр. Үс морозильнай камера, 1 улахан холодильник баар буолан, оҥоһуллубут бородуукта хаачыстыбата үчүгэй.

Дьон сынньалаҥын көхтөөхтүк тэрийэллэр, быйыл Таас сайылыгар бары мустан үгэс буолбут сайылык күнүн ыыттылар, бары түһүлгэлээн олорон көөнньөр кымыһынан, эмис этинэн айах тутан, «Сырдык аартыктар» араас көрдөөх күрэхтэри ыытан, кыстык түмүгүнэн бастыҥ үлэһиттэри наҕараадалаан, сэмэй бэлэхтэри туттардылар.

Сайылыктар икки ардыларыгар араас күрэххэ Каака Маара сайылык бастаан, сыаналаах бириис тутан үөрдүлэр-көттүлэр уонна эһиилги түмсүү Күндэйэ үрэҕин үрдүгэр турар Каака Маара сайылыкка буолуо диэтилэр.

Сайылыктарга барар суол үчүгэйдик оҥоһуллан, кыралаан да буоллар, тутуу барар, быйыл ньэккэйдэргэ дуус тутан киллэрдилэр. Инники былааннара диэн быйыл «Дьиэ кэргэн хаһаайыстыбатын» өйөөн Күндэйэттэн Михайлов В.Е. хаһаайыстыбата өрөспүүбүлүкэ гранын ылары ситистэ, «Сырдык аартык» кэпэрэтиип кинилэргэ утары баран кыттыһан сүөһүнү, сылгыны кииннээн өлөрөн, ыстандаарка толору эппиэттиир убойнай былаһаакканы аны күһүн үлэҕэ киллэрэр былааннаахтар. Эти туттарыыга саҥа регламент киирэн, бары өттүнэн ветеринарнай ыспыраапкалаах, бэчээттээх хаачыстыбалаах эти атыыга таһаарар соруктаах үлэлииллэр, манна анаан саҥа оборудование, дьиэ-уот тутуута барыахтаах.