Сунтаар улууһун олохтооҕо Иван Винокуров ураты талаанын, дьоҕурун туһунан кэпсииргэ сананныбыт. Кини оҥоһуктара ураты тыынынан дьон болҕомтотун тардаллар.
Иван Сунтаарга түөрт уоллаах Винокуровтар дьиэ кэргэҥҥэ 1988 сыллааха төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Сэттэ саастаах кыыс оҕолоох. Киһи олоҕо биллэн турар, мэлдьи ыраас халлаан курдук буолбат. Иван 2011 сыллаахха, массыына саахалыгар түбэһэн, кыайан хаампат буолбута. Маннык буолуом дии саныабаара дуо, эдэр киһи санаата түһэн, өр кэмҥэ дьиэтигэр сыппыта. Онтон дьулуурдаах буолан, улам-улам сэниэлэнэн, олоҕун атын өттүттэн көрөн салҕаабыта.
Бу кэмҥэ айар-тутар дьоҕура арыллыбыта. Уруккуттан да уруһуйдуурун сөбүлүүр уол, хатыҥ маска резагынан кыһан, боруобалаан көрбүтүн, дьон сэҥээрэн, иэйиитэ уһуктан, дьикти үлэ умсулҕаннаах абылаҥар ылларбыта. Кэлин чуолаан туоһунан утумнаахтык дьарыгырбыта.
Туоһунан үлэлээһин улахан сыраны эрэйэрэ биллэр, ону таһынан, туоһу хастааһын анал кэмнээх, сиэрдээх-туомнаах буолар. Иван айылҕалыын чугастык алтыһар буолан, маны бигэтик тутуһар. Туоһу бэс ыйын саҕаланыытыттан от ыйын ортотугар диэри хастаан саҕалыахха сөп диэн сүбэлиир. Туостан малы-салы оҥорор буоллахха, хатыҥ мас куурбут-хаппыт буолуо суохтаах. Ол иһин үүнэн-силигилээн турар мас туоһунан оҥорор ордук диэн Иван быhааран этэр.
Уһанарга, туоһунан дьарыгырарга «Мандар-Уус», В.И. Саввинов «Саха оҥоһуктара», Павел Гермогенов «Туостан оҥоһуктар», Б.Ф. Неустроев «Саха туоһа» диэн кинигэлэрэ туһалаахтарын бэлиэтиир. Бу кинигэлэртэн араас оһуордары, ис хоһооннорун билэн эрэ баран, оноһуктарыгар түһэрэр эбит. Айар куттаах дьон «иэйиим киирэр, иэйиим киирбэт» диэн этэллэрин үгүс киһи истэрэ буолуо. Иван маннык иэйии долгунугар куустардаҕына эмискэ элбэҕи оҥорон кэбиһэр кыахтаах. Киниэхэ туттар тэрилэ, оҥорор матырыйаала эрэ баар буолуон наада. Дьонтон сакаас киирдэҕинэ, баҕа санааларын истэн, учуоттаан бэйэтэ айан таһаарарын сөбүлүүр. Өскөтүн сакаасчыт өттүттэн ыгыы-түүрэйии, хонтуруоллааһын баар буоллаҕына, айар дьоҕура кыайан арыллыбат буолар.
Хас биирдии киһиэхэ барсар гына, аналлаах сакааһы оҥорон, дьону үөрдэр, соһутар. Оҥоһуктара бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат, ураты көстүүлээх буолалларыгар кыһаллар. «Тэбис-тэҥи хаһан да оҥоро иликпин», – диир.
Иван интернетинэн социальнай ситим нөҥүө биир санаалаахтарын кытта астына-дуоһуйа алтыhар, уопутун тэҥҥэ үллэстэр. Ол эрээри сорох ардыгар, олус эдэрин, өссө элбэхтик үөрэниэн наадатын идэтийбит уустар сүбэлииллэр. Оттон сорохтор дьоҕурун хайҕыыллар, сыаналыыллар. Этэргэ дылы «сүүс киhи, сүүс санаа».
Талааны, дьоҕуру удьуордууллар. Иван аҕатын өттүнэн уруhуйдьуттар бааллар. Оттон кини ону утумнаан, ситэрэн, сайыннаран туоhунан, тириинэн айар-тутар. Бу ураты дьарыгын быраата көрөн, олус сэҥээрэр эбит. Арыый улааттаҕына Иван уус-уран үлэтигэр уhуйар санаалаах. Онон талаан көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэрилиннэҕэ ол.
Дьон Иван үлэлэрин, оҥоһуктарын онтон-мантан истиhэн, сакаас биэрэллэр. Туттар матырыйаала, этиллибитин курдук, туос. Тириини, тимири Дьокуускайтан сакаастаан ылларар. Биллэн турар, бу элбэх ороскуоттаах, ол эрээри айар абылаҥ-иэйии, ханнык айар куттаах киhини ыга кууспатаҕа баарай?! Бу баҕатын, ыра санаатын олоххо киллэрдэҕинэ эрэ олохтон дуоhуйууну-астыныыны ылара биллэр суол. Ол курдук, санаа баҕатын, олоххо дьулуурун, сылаас тыынын уран тарбахтарынан иҥэрэн, оһуорга түhэрэн, оноһуктарын ханна да, хаһан да хатыламмат гына оҥорорго кыhаллар Иван: «Киhи сатаабатаҕа диэн суох», – диэн сирдьитинэн кэпсэтиини түмүктүүр.