Сунтаардар сүрүн болҕомтону оттооһуҥҥа уураллар

264

Баһылыктар ыйга биирдэ көрсөн, тирээн турар боппуруостарын тэҥҥэ быһаараллар, сүбэлэһэллэр. Бу да сырыыга оннук буолла. Планерканы улуус баһылыга Анатолий Григорьев ыытта. Барыта 10-ча боппуруоһу көрдүлэр. Биллэн турар, сүрүн болҕомто оттооһуҥҥа уурулунна.


Улуус баһылыга Анатолий Григорьев бу сайын улууспутугар үгүс тэрээһиннэр буолбуттарын ыйан туран, онно быһаччы үлэлэспит нэһилиэк баһылыктарыгар махталын биллэрдэ. Үс үбүлүөйдээх сопхуос ыһыахтара үрдүк таһымҥа ааспыттарын туһунан эттэ.

Куоракка сылдьан хас да көрсүһүүгэ сылдьыбыт. Ол курдук сибээс миниистирэ Александр Борисовтыын көрсөн, түргэн интэриниэти улууспутугар киллэрии туһунан сүбэлэспиттэр. Табылыннаҕына, бу сыл төрдүс кыбартаалыгар Мииринэйтэн оптоволокно кэлэрэ күүтүллэр. Улууспутун хабан Ньурбаҕа барыаҕа. Онон, олохтоохтор эрэх-турах санана сылдьабыт. Ону таһынан «Сургутнефтегаз» хампаанньа бэрэстэбиитэллэрин кытта көрсөн, улууспут сирин баайын туһаҕа таһаарыы туһунан кэпсэппиттэр. Хампаанньа бэйэтин өттүттэн сыл аайы улууспутуттан 2-3 оҕону ылан ньиэп, гаас идэлэригэр соҕуруу үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэттэрэргэ эбэһээтэлистибэни ылыммыт. Кинилэр үөрэхтэрин бүтэрдэхтэринэ хампаанньаҕа салайар үлэҕэ сылдьыахтара.

Улууспутугар аны күһүн, кыһын үгүс эбийиэк үлэҕэ киириэҕэ. Ол курдук Аллыҥа, Түбэй Дьаархан нэһилиэктэригэр 50 миэстэлээх, Сунтаарга 240 миэстэлээх оҕо саадтара, ону сэргэ Тойбохойго саҥа култуура киинэ, Уһун Күөлгэ оскуола аһыллыахтара. Туойдаах суола оҥоһуллан бүтүөҕэ.

Этиитин түмүгэр улуус баһылыга мантан инньэ от үлэтигэр бииргэ түмсэн үлэлиэҕиҥ диэн нэһилиэк баһылыктарын ыҥырда. Быйылгы былаан 35378 туонна. Сэбиэскэй саҕана, сүөһүбүт элбэх эрдэҕинэ окко былаан 36000 туонна буолара. Билигин, сүөһүбүт аҕыйаабытын кэннэ, 30000-тан тахса туонна былааннаахпыт өйдөммөт диэн санаатын эттэ. Бу боппуруоска тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин кытта кэпсэтиини ыытабыт диэтэ. Быйыл улууспутугар 500 туонна от резервэҕэ туруоҕа. Нэһилиэктэринэн окко былааннара тириэрдиллибит. Резервэҕэ оттоммут от туонната 6000 солк. быһыллан атыыга барыаҕа.

Быйылгы от үлэтин туһунан иһитиннэриини улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов оҥордо. Кини этэринэн, ходуһаларга от үүнүүтэ үчүгэй. Билиҥҥитэ аһыыка тура илик. Халлааммыт туран биэрдэр, бу нэдиэлэттэн маассабайдык окко киирэр ордук буолуоҕун ыйда. Билигин ходуһаҕа тахсыахтаах биригээдэлэр, звенолар билиннилэр. Барыта 1200-тэн тахса тиэхиньикэ үлэлиэҕэ. Наада буолар оттук баар. От үлэтигэр барыта 365 туонна оттук ирдэнэрэ этилиннэ. Отчуттары онон хааччыйар сорук турар. Үүт харчыта барыта кэлбит. Эбии аһылыкка диэн уотурба Ленскэй улууһугар 450 туонна өрүс суолунан кэлэн сытар. Тиэйии-таһыы үлэтэ ыытыллыаҕа. Наадыйар дьон, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар управлениеҕа бэйэтигэр эбэтэр нэһилиэктэргэ үлэлиир тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэригэр сайаапкаларын биэрэллэригэр эттэ.

От бастакы суорка тэҥнэһиэхтээх. Тиэйэргэ табыгастаах буоллун диэн, рулонунан кээһэр ордугун ыйда. Бу боппуруос мөккүөрдээх соҕус буолан таҕыста. Тэриллиилээх хаһаайыстыбалар, звенолар отторун рулоннуохтарын сөп. Оттон чааһынай дьон рулоннуур кыахтара суох. Ону учуоттуур наадатын туһунан улуус баһылыга Анатолий Григорьев эттэ.

Улуустааҕы үлэлээх буолуу киинин дириэктэрэ Александр Николаев үлэтэ суох сылдьар дьону уопсастыбаннай үлэнэн хабар туһунан эттэ. Быйыл сайын улууспутугар оннук үлэнэн 106 киһи хабыллыаҕа. Кинилэр хамнастара 21000 солк. буолуоҕа. Үп көрүллүбүт. Ол курдук уопсастыбаннай үлэнэн Сунтаар нэһилиэгэр 10, Түбэйгэ 2, Хороҕо 5, Кутанаҕа, Дьаархаҥҥа 5-тии киһи хабыллыахтара. Ити курдук бары нэһилиэктэргэ үлэлиэхтэрэ.

Салгыы улуустааҕы социальнай көмүскэл управлениетын начаалынньыга Георгий Фролов социальнай хантараакка уларыйыылар тустарынан кэпсээтэ. Тиийиммэт-түгэммэт дьоҥҥо, ыалларга көмөлөһүү олохтоох былаас көрүүтүгэр баар. Кинилэр дьоннорун олохторо тупсарыгар үлэлэһиэх тустаахтар. Социальнай хантараак 3 ыйтан 1 сылга диэри уһуон сөп. Ону таһынан аадырыстаах көмө эмиэ оҥоһуллар. Көмөҕө наадыйар дьон миэстэтигэр олохтоох дьаһалтаҕа сайаапкаларын биэрэллэр. Ону хамыыһыйа көрөн быһаарар. Харчытын управление ыытар. Суумата көмөҕө наадыйар киһи дохуотуттан тутулуктаах.

Аны күһүн балаҕан ыйын 10 күнүгэр муниципальнай быыбардар буолуохтара. Ол туһунан иһитиннэриини «Биир ньыгыл Арассыыйа» баартыйа Сунтаардааҕы салаатын толорор кэмитиэтин салайааччыта Борис Уларов уонна улуустааҕы территориальнай быыбардыыр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Егор Кузьмин оҥордулар. Оттон улуус кылаабынай архитектора Иван Николаев нэһилиэктэр генеральнай былааннарын оҥоруохтарын туһунан эттэ. Кэмпэндээйилэр генеральнай былааннарын хайы-сах оҥорон, норуот истиитигэр таһаарбыттар. Билигин баар итэҕэстэри туоратыыга үлэ барар. Ол ситтэҕинэ генбылааннара ылыллыаҕа. Атын нэһилиэктэр Кэмпэндээйиттэн холобур ылалларыгар эттэ. Өссө манна эбии 2018 сылга диэри былаан-каарта оҥоһуллуохтаах. Ол иннинэ генбылаан ылыллыахтаах. Бу хайысхаҕа нэһилиэктэри үгүс үлэ күүтэр.

Билигин бары күүс окко ууруллуохтаах. Планерканы түмүктүүрүгэр Анатолий Васильевич баһылыктарга анаан бары түмсэн, сомоҕолоһон үлэлииллэригэр ыҥырда.