Сунтаар улууһун бастыҥ педагогун быһаардылар

238

Учуутал кү­нүн көрсө, улууспутугар икки күн­нээх «Тыа учуутала – үрдүк аат» уонна «Бастыҥ иитээччи» көрүү-күрэстэр буолан аасты­лар. Манна кыайбыттар улуус баһылыгын 50000 солк. суума­лаах Гранын тутуохтаахтар. Быйыл куонкуруска хаһааҥҥы­тааҕар да элбэх киһи кытынна. Ол курдук бастыҥ учуу­талга 20, иитээччигэ 21 киһи. Ити куонку­рус сыллата сайдан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан эрэрэ буолар.


Куонкурус маҥнайгы күнүгэр кыттааччылар үөрэнээччилэри, оҕо саадын иитиллээччилэрин кытта быһаччы үлэлээтилэр, бэйэлэрин көрдөр­дү­лэр. Ол курдук эбиэт иннинэ учууталлар В.Г.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуо­ла­тыгар уруок биэрдилэр. Мин Күндэйэ орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Людмила Львова 4-с кылаас оҕолоругар ыыппыт нууччалыы литературнай ааҕыы уонна Сиэйэ орто оскуола­тын алын кылааһын учуутала, СӨ үөрэҕирии­тин туйгуна Антонина Иванова 3-с кылаастарга матема­тика уруокта­рыгар сылдьан, олус сэргии көр­дүм. Оҕолор көхтөөхтүк кытынны­лар. Уопсайынан, уруок­тар оонньуу тэтиминэн бардылар. Оҕолор бары кытыннылар.

Кыттыбыт 20 учуутал уопсай ыстаастара 380 сылга тэҥнэһэр. Саамай уоппуттаахтарынан, 32-33 сыл ыстаастаахтарынан Бордоҥ орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Светлана Федотова, Сиэйэ орто оскуолатын нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Ия Павлова, Илимниир сүрүн оскуо­латын, Сиэйэ орто оскуолатын алын кылааһын учууталлара Варвара Егорова уонна Антонина Иванова буолаллар.

Кыттааччылар А.П.Павлов аатынан 1 №-дээх Сун­таар орто оскуолатыгар үрдүкү кы­лаас үөрэнээччилэригэр уруок­тары биэрдилэр.

Сарсыныгар куонкурус иккис түһүмэҕэ ыыты­лынна. Уруок таһынааҕы эрчиллиилэри, биир тылынан эттэххэ, интэриэһинэй ку­руһуок­тар буоллулар. Онно оҕо­лор кумааҕыттан араас оҥоһукта­ры оҥордулар, сахалыы инстру­мен­­нарга оонньуу үөрэннилэр, доруобай аһылык диэн тугун бил­лилэр уо.д.а. Сорохтор төрөөбүт дойдуларын устуоруйатын сэргээн иһиттилэр, аныгы сибээс көрүҥ­нэрин интэриэһиргээтилэр.

Киэһэ «Олоҥхо» төрүт култуура киинигэр «Тыа учуутала – үрдүк аат» куонкурус үһүс түһүмэҕэ буолла. Кыттааччылар балтараа мүнүүтэ иһигэр бэрил­либит тиэмэҕэ бэйэлэрин санаа­ларын эттилэр. Бу сы­рыыга тиэмэ­лэрэ «Аһаҕас ос­куола диэн тугуй?» диэн буолла. Үгүс са­­наа этилиннэ. Ол курдук со­рохтор хас биир­дии үөрэ­нээч­чи хас да ты­лынан бэйэтин нэ­һилиэ­гин, улууһун, өрөс­пүүбүлүкэ­тин устуоруйатын кэп­сээн биэриэх­тээх диэнтэн хас биир­дии оскуола бэйэ­тэ туһунан хаһаа­йыстыба­лаах буолуохтаах диэҥҥэ тиийэ. Оҕо­ну кы­ра­тыттан хара үлэҕэ сыһыа­рыл­лыахтаах. Ону сити­һэр инниттэн үгүс тэрилтэлэ­ри, төрөппүттэри кытта үлэлэ­һиэх­тэрин наадата ыйылынна. Оскуо­ла кимиэхэ ба­ҕарар аһаҕас буо­луохтаах. Оччо­тугар эрэ сити­һиилээх буолуох­пут диэн түмүккэ кэллилэр.

Оҕо саадын иитээччилэрэ эмиэ үс түһүмэҕинэн күрэстэстилэр. Бастакы түһүмэх – оҕолору кытта дьарык, иккис түһүмэх – үлэлэрин уопутун туһунан дьүүллүүр сүбэҕэ кэпсээһин, боппуруостарга эп­пиэт­тээһин, үһүс түһүмэх – «Төгү­рүк остуолга» бэриллибит ыйытыыларга бэйэ санаатын толору этии.

Кыттааччылар Сунтаарга баар оҕо саадтарыгар сылдьан оҕолору дьарыктаатылар, бэйэлэрин үлэ­лэ­рин көрдөрдүлэр. Куонкуруска бары улахан уопуттаах дьон кыт­тыбыттара кэрэхсэбиллээх. Иитээччилэри дьүүллүүр сүбэ бэ­рэссэдээтэлинэн улуус баһылы­гын социальнай уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Ульяна Попова, солбуйааччынан улуус­тааҕы үөрэҕирии управлениетын начаалынньыга Гаврил Еремеев, чилиэннэринэн үөрэх управле­ниетын оскуолаҕа киириэн инни­нээҕи үөрэхтээһин отделын сала­йааччыта Антонина Саввинова, Сунтаардааҕы 5 №-дээх «Ньур­гуһун» оҕо саадын бэтэрээн үлэһитэ Валентина Иванова уонна төрөппүттэр ааттарыттан Михаил Потапов киирэн үлэлээтилэр.

Түмүгү таһаарар үөрүүлээх, ону тэҥинэн долгутуулаах түгэн үүннэ. Ол иннинэ тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон олус бэртээхэй кэнсиэри көрдүлэр. Сунтаардааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын иитил­лээччилэрэ талааннарынан сөх­төрдүлэр. Кэллиэгэлэрин эҕэрдэ­лээн Сунтаардааҕы 1 №-дээх орто оскуола дириэктэрин солбуйаач­чы Надежда Тихонова хас да ырыаны толордо.

Бастаан бастыҥ иитээччилэри наҕараадалааһын сиэрэ-туома ыытылынна. Кыттааччылары Гав­рил Еремеев уонна Ульяна Попова эҕэрдэ­лээн туран, сэртипикээт­­тэри, анал ааттары, дьупулуом­нары тут­тартаатылар. Ол курдук анал аат хаһаайкала­рынан Луиза Ива­нова (Элгээйи), Альбина Васи­льева (2 №-дээх «Сардаана» оҕо сайдар киинэ, Сунтаар), На­деж­да Егорова (Тойбо­хой), Маргарита Сав­ви­нова (Кутана), Свет­лана Алексеева (11 №-дээх «Кыталык» оҕо сайдар киинэ, Сун­таар), Нюргустана Алек­сеева (Элгээйи), Консуэла Слепцова (Устье), Любовь Пет­рова (Хоро), Наталья Иванова (Тойбохой) буоллулар.

Үһүс истиэпэннээх лауреат аатын 1 №-дээх «Туллукчаан» оҕо сайдар киинин иитээччитэ Вар­вара Максимова, иккис истиэпэн­нээх лауреатынан 7 №-дээх «Солнышко» оҕо саадын иитээччитэ Ирина Васильева, бастакы истиэ­пэннээх лауреатынан 3 №-дээх «Чебурашка» оҕо сайдар киинин иитээччитэ Анна Пахомова ылан, үөрүү-көтүү үксээтэ.

Күрэхтэһии Гран Притын уонна улуус баһылыгын 50000 солк. суумалаах Гранын хаһаайкатынан Маар Күөлтэн «Кэнчээри» оҕо саадын иитээччитэ Айталина Яковлева буолла.

Ол кэннэ бастыҥ учууталлары ааттаатылар. Кинилэргэ эмиэ сэртипикээттэр, анал ааттар, дьупулуомнар туттарылыннылар. Дьүүл­­лүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, улуус баһылыгын бастакы солбу­йааччы Николай Александров кыайыы­лаах­тарга анал ааттары уонна Граны туттартаата.

Анал аат хаһаайыннарынан Саргылаана Андреева (2 №-дээх орто оскуола, Сунтаар), Анастасия Егорова (Тойбохой), Варвара Его­рова (Илимниир), Антонина Ива­но­ва (Сиэйэ), Наталья Кириллина (3 №-дээх орто оскуола, Сунтаар), Алена Меркурьева (Кутана), Ту­йаа­ра Миронова (Элгээйи), Ма­рианна Семенова (1 №-дээх орто оскуола, Сунтаар), Саргылаана Ша­рина (гимназия, Сунтаар) буол­лу­лар. СӨ Үөрэҕин министиэ­рис­тибэтин сүрүннүүр исписэ­лии­һэ Ян Алексеев туруорбут анал бирииһин хаһаайкатынан Бордоҥ орто оскуолатын нуучча тылын уонна литературатын учуутала Светлана Федотова буолла.

«Тыа учуутала – үрдүк аат» куонкурус үһүс истиэпэннээх лауреатынан В.Г.Павлов аатынан Сунтаардааҕы алын сүһүөх оскуо­ла учуутала Лияна Секова, иккис истиэпэннээх лауреатынан В.И. Ива­нов аатынан Кэмпэндээйи­тээҕи орто оскуола информа­тикаҕа учуутала Дьулус Петров (куонку­руска кыттыбыт соҕотох эр киһи), бастакы истиэпэннээх лауреаты­нан Бүлүүчээннээҕи техническэй лиссиэй-интэринээт матема­тикаҕа учуутала Айталина Чеме­зова буоллулар.

Муҥур кыайыылааҕынан уонна улуус баһылыгын 50000 солк. суумалаах Гранын хаһаайкатынан Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт нуучча тылын уонна литературатын үрдүкү кате­гориялаах учуутала Августина Чойнова буолла.