Сунтаарга дьокутааттар үгэскэ кубулуйбут спартакиадаларыгар алта хамаанда кытынна

215

Ааспыт бээтинсэҕэ А.П.Павлов аатынан 1 №-дээх орто оскуолаҕа Сунтаар улууһун дьокутааттарын IV Спартакиадалара үрдүк таһымнаахтык, олус тыҥааһыннаахтык буолан ааста. Быйыл алта хамаанда кытынна.


Бастакы хамаадаҕа Түбэй Дьаархан, Түбэй, Сиэйэ, Кутана, Күүкэй бэрэстэбиитэллэрэ киирдилэр. Иккис хамаандаҕа Толоон, Элгээйи, Хоро, үһүскэ Күндэйэ, Кэмпэндээйи, Устье, төрдүскэ Хадан, Илимниир, Бордоҥ, Туойдаах, Тэҥкэ, бэһискэ Аллыҥа, Тойбохой, Уһун Күөл, Маар Күөл, алтыска Дьаархан, Куокуну, Кириэстээх, Наахара, Бүлүүчээн.

Быйыл улууспут киинин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыбатылар.

Дьокутааттар бу сырыыга успуорт алта көрүҥэр: волейболга, остуол тенниһигэр, хабылыкка, хаамыскаҕа, буулдьанан ытыыга, саахымакка, хамаанданан ыстаҥаҕа күрэхтэстилэр.

Спартакиада үөрүүлээх аһыллыытыгар кыттааччылары улуус баһылыга Анатолий Григорьев уонна оройуон дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Максимов эҕэрдэлээтилэр.

Күнү быһа барбыт күөн көрсүһүүгэ чахчы да күүстээх хамаанда инники күөҥҥэ таҕыста. Ол курдук Михаил Максимов хапытааннаах I хамаанда хас да көрүҥҥэ бастаан, кыайыылаах үрдүк аатын ылла. II м. алтыс, III м. бэһис хамаандалар бэрэстэбиитэллэрэ буоллулар.

Миэстэлэспит хамаандалар мэтээлинэн, грамотанан уонна сэмэй бэлэҕинэн наҕараадаланнылар. Онтон бастаабыт хамаанда онно эбии өссө көһө сылдьар кубогы тутта.

Быйылгы тэрээһиҥҥэ үгүс нэһилиэк баһылыктара дьокутааттары кытта тэҥҥэ кыттыбыттара буолар.