Сунтаарга күргүөмүнэн сайыҥҥы үлэлэри үмүрүтэллэр

306

Ааспыт бээтинсэҕэ Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Бүлүүчээн, Кириэстээх, Куокуну нэһилиэктэригэр сылдьан үлэлээтэ.


Бүлүүчээҥҥэ бу күһүн үлэҕэ киириэхтээх икки эбийиэги көрдө, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ. Бастаан эдэр исписэлиистэргэ анаан тутулла турар түөрт кыбартыыралаах дьиэни тиийэн көрдүлэр. Онно Чурапчы, Таатта дьоно кэлэн үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Биригэдьиирдэрэ уопуттаах тутааччы, Таатта киһитэ Павел Попов. Билигин дьиэ ис үлэтэ хаалбыт. Онно эбии түннүгүн олордуохтара.

Иккис тутуунан ууну ыраастыыр ыстаансыйа буолар. Былаан быһыытынан эбийиэк үлэҕэ балаҕан ыйын бүтүүтэ киириэхтээх. Билигин тутуу матырыйаалын тиэйэ-таһа сылдьаллар.

Ити күн өрүс уҥуор “Дьөгдьөйөр” диэн ходуһаҕа хотуурунан оту охсууга күүлэй буолан ааста. От үгэнэ буолан, күрэхтэһиигэ үс эрэ хамаанда кэлбит. Олохтоохтор икки хамаанданы туруорбуттар уонна ыаллыы сытар Кириэстээхтэн эдэр ыччат дьон кэлбит. Манна Бүлүүчээн биир хамаандатынан Кириллиннэр дьиэ кэргэттэрэ буолла.

Билигин үгүспүт хотуурунан охсубат диэтэхпинэ өһүргэс буолбата буолуо. Бары тиэхиньикэнэн оттуубут. Итинтэн сылтаан ходуһаларга үгүс сир оттоммокко хаалар. Биричиинэтэ — «Тыраахтар кыайан киирэн охсубат» диэн буолар.

Сиэр-туом оҥоһуллубутун кэннэ кыттааччылары эҕэрдэлээн улуус баһылыга Анатолий Григорьев, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Иван Тихонов, Бүлүүчээн нэһилиэгин баһылыга Геннадий Васильев тыл эттилэр. Ол кэннэ кыттааччылар эрдэ бэлэмнэммит сиргэ баран түһүнэн кэбистилэр. Манна кыайыыны кыахтаахтар ыллылар.

Салгыы Кириэстээххэ, Куокунуга сылдьан, үлэни-хамнаһы билсии буолла. «Кириэстээх» ТХПК Кыра Табаҕаҕа туораахтаах култуураны ыспыттара, ситэ өтө илик. Урут манна кэлии омуктар араас оҕуруот аһын үүннэрэр этилэр. Быйыл кинилэр суохтар. Онон оҕуруот аһын бэйэлэрэ олордубуттар.

Куокунуга Улахан Табаҕаҕа киирэн отчуттары кытары кэпсэттибит. Өссө манна биһиги Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалердара Клавдий Михайловы көрсөн үлэни-хамнаһы туоһуластыбыт. Ытык кырдьаҕас чааһынай МТЗ тыраахтарынан от оҕустара сылдьара. Оҕустарар хотуура икки диискэлээх, роторнай, эбиитин «скоростной» эбит. Клавдий Иванович бу тэрилин быйыл саҥа ылан үлэлэтэн эрэр. Кини бииртэн хомойор — ол сирбит-дойдубут таах хаалан эрэриттэн. Сыллата үлүгэрдээх ходуһа оттоммокко хаалара баар суол. Онон бу боппуруоска улахан болҕомтону ууралларыгар улуус салалтатыттан көрдөстө. Буолумуна, үйэтин тухары сири кытта үлэлээбит киһи манна сүрэҕинэн-быарынан ыалдьара биллэр буоллаҕа.

Быйыл нэһилиэк баһылыга Леонид Михалев Дьокуускайдааҕы Тыа хаһаайыстыбатын академиятын ректоратын кытары кэпсэтэн, студенческай тутар этэрээти аҕалан күрүө тутуутугар үлэлэтэ сылдьар. Кинилэр былаан быһыытынан ый устата 35 км уһуннаах күрүөнү тутуохтаахтар. Биһиги кинилэри таба туппатыбыт. Үлэлии барбыт этилэр.

Киэһээҥи ыам саҕана Үлэ дьоруойа Владимир Михайлов үлэлиир “Бордоҥ” сайылыгар тиийэ сырыттыбыт. Оруобуна ыам кэмигэр түбэстибит. Хас даҕаны ыанньыксыт аппараатынан ынаҕы ыы сылдьара. Олор истэригэр Владимир Африканович эмиэ.

Киэһэ төннөн иһэн Хомустаахха аараан мехзвено үлэһиттэрин кытта кэпсэттибит. Кинилэр киэһэ хойукка диэри үлэлииллэр. Бачча туран биэрбит күнү-дьылы баттаһа харыларын ньыппарынан баран үлэлиир дьон эбит.