Сунтаарга «Экология тиэргэнтэн саҕаланар» куонкурус кыайыылаахтара харчынан бириэмийэлэри туттулар

106

Ааспыт нэдиэлэҕэ Сунтаарга үгэс буол­бут «Экология тиэргэнтэн саҕала­нар» куонкурус түмүгүн дьүүл­лүүр сүбэ хамыыһыйата таһаар­да. Бу куонкурус Экология сылы­гар сөп түбэһиннэрэн, айылҕаны харыстыырга, дьону тулалыыр эй­гэҕэ харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга, нэһилиэктэр тас көс­түүлэрин тупсарыыга, ыраа­һырдыыга көҕүлүүр сыаллаах атырдьах ыйын 1-31 күннэригэр ыытыллыбыта.


Экология сылыгар анаммыт куонкуруска Сунтаар улууһун 3 тэрилтэтэ, Сун­таар, Тэҥкэ, Кутана, Устье, Той­бохой нэһилиэктэриттэн чааһы­най ыаллар кытыннылар. Кыттааччылар тиэргэннэригэр үүн­нэр­бит сибэккилэрин, араас көҕөр­дүү, тупсарыы, ырааһыр­дыы үлэ­лэрин, Экология сылын чэрчити­нэн аахсыйаларга кыт­тыбытта­рын туоһулуур хаар­тыскалары альбомҥа тиспиттэр.

Ол курдук, дьүүллүүр сүбэ үлэтин түмүгүнэн «Лучший двор организации» номинацияҕа I миэстэҕэ Сунтаардааҕы поли­техническай лицей-интэринээт (дир. Сосин О.К.) тиксэн 30000 солк. харчынан наҕараадаланна. II миэстэ, 25000 солк. хаһаайы­нынан Тэҥкэ нэһилиэгин «Дьү­кээбил» түөлбэтэ (сал. Алек­сеева Т.Е.) буолла. III миэстэни Сунтаардааҕы оҕо дьоҕурун сайын­нарар киин (дир. Антонова А.В.) ылан 15000 солк. бириэмийэлэннэ.

Чааһынай ыалга I миэстэни уон­на 30000 солк. харчыны Сун­таар нэһилиэгин олохтоохторо Анна уонна Семен Андреевтар ыллы­лар. II миэстэҕэ, 25000 солк. харчыга Кутанаттан Сардаана Степанова тигистэ. III миэстэҕэ тиксэн Устье нэһилиэгин олох­тоохторо Сарра уонна Алексей Озе­рецковскайдар 15000 солк. ыллылар.

Маны таһынан дьүүллүүр сүбэ түөрт анал аакка сөп түбэһэр тиэр­­гэннээх ыаллары талла уонна хас биирдиилэригэр 15000 солк. хар­­чыны анаата. «Луч­шее творческое решение» – Тамара уонна Васи­лий Пер­мяковтар (Тойбохой), «Луч­шая композиция из подручных мате­риалов» – Сардаана Степа­нова (Кутана), «Лучший совре­мен­ный дизайн» – Ва­лентина уонна Гри­горий Игнатьевтар (Тэҥ­­кэ), «Лучший новаторский подход» – Анна уонна Семен Ан­дреев­тар (Сун­таар). Куонкурус кыа­йыылаах­та­ра бары махтал сурук тут­тулар.