Сунтаарга Мария Кобельянова-Тускулаана «Таптал кута – ардыгар кута» кинигэтэ сүрэхтэннэ

711

Дьахталлар Аан дойдутааҕы күннэрин иннинэ, кулун тутар 6 күнүгэр, «Олоҥхо» этнокултуурунай киинигэр улуустааҕы култуура уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начаалынньыга, бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах Мария Кобельянова-Тускулаана «Таптал кута – ардыгар кута» диэн бастакы кинигэтин сүрэхтэниитэ олус истиҥ быһыыга-майгыга буолан ааста.


Биэчэр таптал истиҥ иэйиитигэр анаммыт буолан, үгүстэр кэргэннэрин кытта кэлбиттэр.

Киирии тылыгар Мария Васильевна кинигэтин сүрэхтэниитин тоҕо чуо кулун тутар 6 күнүгэр ыытарын туһунан эттэ. Бу эмиэ бэйэтэ туһунан остуоруйалаах. Ол курдук бу күн 13 сыл анараа өттүгэр Мария кэргэнин Бүөтүрү кытта билсибит. Кэргэнэ, полиция сотруднига Петр Горохов Дьокуускай куоракка үлэтинэн командировкаҕа сылдьар буолан, бу тэрээһиҥҥэ кыайан кыттыбата. Ол оннугар кыыстарын үөірүүµтүн үллэстэ ийэтэ Степанида Кобельянова, аймахтара Виктория Уарова, Евдокия Иванова, Светлана Максимова, бииргэ төрөөбүттэрэ Наталья, Ульяна, уола Айаан о.д.а. аймах-билэ дьоно куораттан тиийэ кэлбиттэр.

«2012 сыллаахха улууспутугар «Посредник» диэн эрэкэлээмэ хаһыата тахсар буолбута. Оччотооҕу эрэдээктэр миигиттэн таптал туһунан устуоруйалары булан суруйарбар этии киллэрбитэ. Онон нэдиэлэ аайы тахсар хаһыакка истиҥ иэйии туһунан кэпсээннэрим тахсар буолан барбыттара. Дьэ, ол суруйууларым бу кинигэм күн сирин көрөрүгэр төрүөт буоллулар», — диэн санаатын сайа эттэ ааптар.

Кинигэҕэ барыта 61 кэпсээн киирбит, 160 сирэйдээх, 3 түһүмэхтэн турар. Тахсыбыт ахсаана 300 эксэмпилээр.

Биэчэргэ үгүс эҕэрдэ тыл этилиннэ, ырыа ылланна, хоһоон ааҕылынна. Ол курдук Мария, Василий Спиридоновтар, Мария, Айсен Федоровтар, Галина, Анатолий Новиковтар, Светлана, Андрей Егоровтар о.д.а. кэргэнниилэр дуэттара ыллаатылар.

Тэрээһин биир сонун түгэнинэн улуус баһылыга Анатолий Григорьев кэргэнэ Дария Михайловналыын ыллаан эҕэрдэлээбиттэрэ буолла.

Айар, тутар киһи барытыгар талааннаах дииллэрэ оруннаах. Ол курдук Мария Кобельянова кэпсээннэри суруйарын таһынан өссө хоһоону айарга холонор эбит. Биир хоһооно ырыа буолбут. Бу дьоро биэчэргэ «Олох оройо» диэн ырыаны мустубут дьоҥҥо Юрий Спиридонов-Сиэн Тиитэп ыллаата.